Салгыы
Абый улууһугар кэлиҥҥи уонча сылга түспэтэх халыҥ хаар түһэ турар

Абый улууһугар кэлиҥҥи уонча сылга түспэтэх халыҥ хаар түһэ турар

02.10.2025, 10:38
Хаартыска: И.И.Атласов тиксэриитэ.
Бөлөххө киир:

“Абый улууһун Майыар нэһилиэгэр киһи самаҕынан хаар, буурҕа түһэ турар” – диэни истээт, кытаанах усулуобуйалаах, кыраҕа кыһаммат хоту дьон олохтоохторо чахчы хаар олус халыҥыттан дьиксинэн суруйан эрдэхтэрэ диэн, баһылыгы кытта төлөпүөнүнэн сибээстэһэ сырыттыбыт.

Майыар нэһилиэгин баһылыга Иван Атласов:

— 2016 сыллаахха сүрдээх халыҥ хаар түспүтэ. Ол кыһын сүөһүгэ, сылгыга улахан хоромньу тахсыбыта. Хаар эмиэ ол курдук саҕалаан баран тохтоомоору гынна, субуотаттан, балаҕан ыйын 27 күнүттэн түһэ турар, аны эбиитин бэҕэһээ сарсыардаттан буурҕа түстэ. Сорох сирдэринэн киһи ортотугар диэри халыҥ хаар буолла. Абый улууһугар бүтүннүүтүгэр ити курдук балаһыанньа.

Сааскы дааннайынан, 159 төбө сылгылаахпыт. Эппитим курдук, 2016 сыллааҕы хаар үксүн сылгыга улахан хоромньуну оҥорбута. Отторун саппааһа аҕыйах ынахтаах дьон эмиэ аҕыйаппыттара. Ол дьыл хатыламматар үчүгэй этэ, — диэн этэр.

Бары сонуннар
Салгыы
18 октября
  • -4°C
  • Ощущается: -8°Влажность: 74% Скорость ветра: 3 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: