Аччыгый наука академиятыгар эдэр академиктары талыы саҕаланна

Share

Алтынньы 1 күнүттэн СӨ Аччыгый наука академиятыгар 2024-2025 үөрэх дьылыгар чилиэннэри уонна чилиэн-кэрэспэдьиэннэри талыы саҕаланна. Аһаҕас куонкуруска бары улуустартан 1-11 кылаас үөрэнээччилэрэ кыттыахтарын сөп.

Хаартыска: Ил Дархан, бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.

Сайаапканы dchchk@mail.ru электроннай буостаҕа ыытаҕыт. Докумуоннары тутуу 2025 сыл тохсунньу 15 күнүгэр диэри буолуоҕа.

Хамыыһыйа анал бигэргэммит ирдэбиллэринэн чилиэннэри талар. Кэнники үс сылга: 2022 сыл тохсунньу 1 күнүттэн 2024 сыл ахсынньы 31 күнүгэр диэри үөрэнээччи ситиһиилэрин учуоттууллар.

Былырыыҥҥы үөрэх дьылыгар 24 улуустан 500-тэн тахса сайаапка киирбитэ. Сыл аайы аһаҕас  куонкурус түмүгүнэн 200 үөрэнээччигэ эдэр академик аата иҥэриллэр. Кинилэртэн 100 оҕоҕо дьиҥнээх чилиэн, 100 оҕоҕо чилиэн-кэрэспэдьиэн аата иҥэриллэр.

Куонкурус туһунан сиһилии мантан билсиҥ: https://lensky-kray.ru/index.php?r=projectspages/view&id=154

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан
  • Сонуннар

Нерюнгри оройуонугар суол саахалыгар суоппар эчэйбит

Ахсынньы 14 күнүгэр сарсыарда 11 чаас саҕана Амур уобалаһын өттүттэн Нерюнгри диэки хайысханан айааннаан испит…

11 минут ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Уус Алдан улууһугар бөрө үөрэ сылгыларга кутталы суоһууллар

Соторутааҕыта Уус Алдан улууһун Эһэлээх сэлиэнньэтин таһыгар булчуттар бөрө үөрэ сиэбит сылгы өлүгүн булбуттара. Бу…

41 минута ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Күн-дьыл туруга: күнүс -23°С кыраадыс

Бүгүн, ахсынньы 16 күнүгэр, Саха сиригэр соҕуруу, илин, хотугуу-илин кыралаан хаардыыр, соҕурууттан тыаллаах, Булуҥҥа, Анаабырга…

2 часа ago
  • Быһылаан

Дьокуускайга кыбартыыра умайан, биэс киһи эчэйдэ

Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Олох амтанын сүтэримэҥ

Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…

15 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өлүүнү кыайбыт улуу саллаат

Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут.  Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри  оҥостор  киһибит …

16 часов ago