Салгыы
Административнай быраап туһунан сокуон чуолкайданна

Административнай быраап туһунан сокуон чуолкайданна

27.11.2024, 14:04
Хаартыска Василий Кононов түһэриитэ
Бөлөххө киир:

Ил Түмэн онус пленарнай мунньаҕар норуот дьокутааттара «О внесении изменений в статьи 1 и 8 Закона Республики Саха (Якутия) «Об органах и учреждениях административной юрисдикции в Республике Саха (Якутия)» сокуон бырайыагын ылыннылар.

Дакылааты Ил Түмэн Судаарыстыбаннай тутууга уонна сокуону оҥорууга сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Афанасий Владимиров оҥордо.

Докумуоҥҥа киирбит көннөрүүлэр муниципальнай тэриллии административнай хамыыһыйатын чилиэнэ, өскөтүн кини бэйэтэ административнай буруйу оҥоруу туһунан боротокуолу оҥорбут буоллаҕына, административнай буруйу оҥоруу дьыалатын көрөрө бобуллара ыйыллар. Оннук буоллаҕына, административнай быраабы көрүү дьэҥкэтик уонна сөптөөхтүк барарын мэктиэлиир диэн сокуону оҥорооччулар быһаараллар. Сокуоҥҥа юридическай уонна техническэй уларыйыылар эмиэ киирдилэр.

Сокуон барыла 2024 с. атырдьах ыйын 9 күнүнээҕи 73-08-2024/Прт422420980001 Саха Өрөспүүбүлүкэтин борокуруорун утарыытын чэрчитинэн 2009 с. алтынньы 14 күнүнээҕи 723-З № 339-IV «Об органах и учреждениях административной юрисдикции в Республике Саха (Якутия)» сокуон сорох балаһыанньатыгар уларытыы киирдэ.

Сокуон барыла бастакы ааҕыыга ылылынна.

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
27 ноября
  • -30°C
  • Ощущается: -30°Влажность: 69% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: