Аҕаларын үтүө дьыалатын салҕаан
Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин үлэһиттэрэ пресс-тур тэрийэн, бэҕэһээ, 20 суруналыыһы уонна блогеры илдьэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар тыа хаһаайыстыбатын оҥорон таһаарааччыларыгар илдьэ сырытта.
Суруналыыстар оптуобустарыгар олорсон айаннаан иһэн, тыа хаһаайыстыбатын миниистирэ Артем Александров Мэҥэ Хаҥалас улууһа – нэһилиэнньэтин ахсаанынан улахан уонна тыа хаһаайыстыбата кэлимник сайдан эрэр биир бастыҥ көрдөрүүлээх улуус диэн бэлиэтээтэ. Оттон улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын управлениетын начальнига Иннокентий Семенов 16 634 ынах сүөһүнү уонна 15 262 сылгыны кыстатан туралларын, Мэҥэ Хаҥаласка тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыы үс сылын биллэрэн, үлэ күүскэ барбытын кэпсээтэ.
Суруналыыстар уонна блогердар үүтү астыыр сыах кэнниттэн «Хорообут» ХЭУо ынах сүөһүнү иитэр хаһаайыстыбатыгар кутуллан тиийдибит. Хара аантан «Хорообут» тэрилтэ салайааччыта Григорий Плотников көрсөн маҥан халаат, бэргэһэ, бахила биэрэн, хотону кэрийэ хаамтыбыт. Манна бэлиэтии көрдөххө, үксэ эдэр дьон үлэлииллэр эбит. Бу хаһаайыстыба Григорий Плотниковка аҕатыттан, Мэҥэ Хаҥаласка тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар үйэтин тухары үлэлээбит билэр-көстөр киһи, Тыа хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, Прокопий Романович Плотниковтан хаалбыт эбит. Бэлиэтээн эттэххэ, манна Прокопий Романович уола, кийиитэ, күтүөтэ үлэлииллэр эбит. Үтүө киһи сыдьааннара аҕалара саҕалаабыт дьыалатын ыһан-тоҕон кэбиспэккэ, салҕаан, сыа-сым курдук тутан, өссө сайыннаран, кэҥэтэн иһэллэрин көрөн киһи үөрэр эрэ.
Григорий Плотников кэпсээбитинэн, быйылгы былааны аһаран, 427 туонна, ол аата биирдии ынахтан 3 туоннаттан тахсаны үүтү ыабыттар. 1340 туонна оту оттообуттар, 200 туонна сиилэһи бэлэмнээбиттэр. 40-ча киһи үлэлиир, онтон аҥара бастайааннай, аҥара наймылаһан үлэлээччи, 3 зоотехниктаах, 6 сылгыһыт баар, 4 дайааркалаахтар эбит, ааспыт сылга 4,5 мөл. солкуобай барыстаммыт. Орто хамнастара 58 тыһ. солк., оттон сайыҥҥы өттүгэр 100 тыһ. солк. тиийэр эбит. Төрүөх тахсыыта эмитэ үчүгэй диэн салайааччы санаата бөҕөх. Биһиги тиийэр күммүт түүнүгэр биир атыыр ньирэй төрөөбүт, ону Миниистир диэн ааттаабыттар. Ыанньыксыттар миниистир ыалдьыттыы кэлэр күнүгэр төрөөбүтүн иһин, итинник ааттаабыттарын, улаатан баран маннааҕы эргин хаһаайыстыбалары барыларын «хааччыйар» атыыр оҕус буолуоҕа диэн эрэллээхтэр. Онтон биһиги сотору кэминэн төрүүр ньирэйи Пресса диэн ааттыырга эттибит.
Өр сылларга тыа хаһаайыстыбатыгар үлэлээбит, бу хаһаайыстыбаҕа ньирэй көрөөччү, буоһатааччы Михаил Егоров хаһаайыстыба сайдар кэскиллээҕин, хамнас үрдүгүн кэпсээтэ: «Мин 1976 с. оскуоланы бүтэриэхпиттэн баччааҥҥа диэри тыа хаһаайыстыбатыгар үлэлии сылдьабын. Быйылгы кысытыкка 59 ньирэйи ыламмын, иккис ньирэй көрөөччүнэн үлэлээтим. Иккис киһим Александр Егоров диэн эдэр киһи. Уопсайынан, манна үгүс үлэһиппит эдэрдэр диэххэ сөп. Аны ынахтарбыт төрөөн эрэллэр, ол иһин буоһатыыга таҕыстым. Ньирэйдэрбин күтүөппэр туттардым. Дуогабар быһыытынан 160 ынаҕы сиэмэлиэхтээхпин. Ааспыт сыл түмүгүнэн 180 ынаҕы сиэмлээммин, онтубун 100% тиэрдэммин, Мэҥэ Хаҥалас улууһугар «Чөмпүйүөн буоһатааччы» буоллум. Хамнаспытын ый аайы ыла турабыт, сайыҥҥы өттүгэр 90-100 тыһ. солк. тиийэр. Урут маннык хамнаһы ыла илик этибит, онон үлэлииргэ настарыанньа, баҕа баар. Өр сыллаах үлэбин сыаналааннар «Тыа хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ» буолбутум. Мэҥэ Хаҥалас уонна Алдан бырааттыы улуустар «Серп и молот» бэлиэлэрин хаһаайынабын, хорообут нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕобун».
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: