Саха сирин баһылыгын дуоһунаһыгар хандьыдааттар уһун үйэлэниини хайдах ситиһии уонна аҕам саастаахтары өйөөһүн туһунан бэйэлэрин санааларын эттилэр.
Айсен Николаев өрөспүүбүлүкэҕэ аҕам саастаах дьону көрүү-истии тиһигин киллэрии туһунан кэпсээтэ. Кини сотору, Нам оройуонугар 65 миэстэлээх Кырдьаҕастар уонна инбэлииттэр саҥа дьиэлэрэ аһылларын эттэ. Хандьыдаат өрөспүүбүлүкэҕэ аҕам саастаахтарга аналлаах эбийиэктэри тутуу наадатын бэлиэтээтэ. Онно саастаах дьон успуордунан уонна норуот төрүт дьарыгынан дьарыктаныахтарын сөп.
Гаврил Парахин аҕам саастаахтарга сынньанарга анаан сквердэри тутарга эттэ. Онуоха сынньалаҥ кииннэрин тутарга идэтийбит каадырдар наадаларын бэлиэтээтэ.
Виктор Губарев биэнсийэ кээмэйин икки-үс төгүл улаатыннарарга эттэ. Кини бэлиэтээбитинэн, маннык өйөбүл – бу уһун үйэлэниини өйүүр суолталаах сыал.
Үөһээ Бүлүү улууһун Баҕадьа сэлиэнньэтигэр оскуола-саад үлэҕэ киирдэ. Бүгүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тоҕус социальнай эбийиэк аһылынна.…
Үрдүк үөрэхтэргэ уонна кэллиэстэргэ Биир кэлим эксээмэни туттарбакка үөрэххэ киирии туһунан сокуон барылын дьокутааттар бөлөхтөрө…
Амма улууһун Михайловка сэлиэнньэтигэр Норуот айымньытын дьиэтэ үөрүүлээх быһыыга-майгыга аһылынна. Бүгүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тоҕус социальнай…
Ленскэй оройуонунааҕы ИДьМ дьуһуурунай чааһыгар маркетплейс бэрэстэбиитэлиттэн сайабылыанньа киирбит. Инвентаризация кэмигэр табаары биэрэр пуунтан 300…
Оҕуруоту, сибэккини олордууга сүбэлэр Сүрүннээн тохсунньуттан үүнээйини олордуу саҕаланар. Арктикатааҕы судаарыстыбаннай агротехнологическай университет ойуур комплексыгар…
Дьокуускайдааҕы ИДьМ салаатыгар дьахтар балыыһаҕа сылдьан тас таҥаһын уордарбытын туһунан иһитиннэрбит. Бу туһунан СӨ ИДьМ…