АГАТУ сайдар саҕахтара киэҥ
Бу күннэргэ Москваҕа Уһук Илин үрдүк үөрэхтэрин кыһаларын истэригэр «Приоритет 2030» диэн федеральнай бырагыраамаҕа кыттарга куонкурус быһыытынан сүүмэрдээһин буолла.
Онно 20 үрдүк үөрэх кыһатын иһигэр киирсэн, Саха сириттэн кыттыбыт Арктическай судаарыстыбаннай агротехнологическай университет 2030 сылга диэри сайдар бырагырааматын көмүскээтэ.
Бу туһунан университет иһитиннэрэр уонна имиджевай бэлиитикэтин салаатын салайааччыта Нарыйаана Татаринова кэпсиир:
— Москваҕа ыытыллыбыт үрдүк үөрэх кыһаларын ортотугар ыытылыбыт куонкуруска АГАТУ ректорын э.т. Валерий Федоров үрдүк квалификациялаах исписэлиистэри бэлэмнээһин, научнай чинчийиилэри олоххо киллэрии, сыыппаранан үөрэх сонун бырайыактарын билиһиннэрдэ.
Үрдүк үөрэх кыһата агроурбаанньыттары, зооинженердэри, агрономнары, бэтэринээр-быраастары, ойуур хаһаайыстыбатын, экэниэмикэ исписэлиистэрин, бэлэмнээн таһаарыыга аналлаах бырагыраамалары бэлэмниир соруктаах үлэлиир. Бу идэлэргэ сүрүннээн сыыппара технологиятыгар олоҕуран үөрэтии ирдэниллэр.
Университет сайдыытын бырагырааматын тосхолугар үс хайысха торумнанна: «Арктическай» Агробиотехнопаарка, «Өйдөөх нэһилиэк – уопсастыбаннай бэйэни салайыныы территорията», «Карбоновай пиэрмэлэр». Бырайыактар саҥа үөрэх бырагырааматыгар киирэн, наука сонун технологиятыгар олоҕуруохтара.
Арктическай судаарыстыбаннай агротехнологическай университет тэрийэр «Арктическай» Агробиотехнопаарката— сүрүн стратегическай бырайыак. Бу хайысха хоту сир үгэс буолбут салааларын сайыннарыыга эрэгийиэн уонна Уһук Илин урутаан сайдыыларыгар улахан суолталаныаҕа. «Арктическай» Агробиотехнопаарка аграрнай наука сайдыытын интеллектуальнай кыаҕар туһуланар: научнай-тиэхиньиичэскэй бородууксуйаны айан оҥоруу, ону чинчийэн баран, производствоҕа таһаарыы уонна олоххо киэҥник киллэрии. Кэккэ кластертан турар стратегическай бырайыак сонун инновационнай тиһиги олохтоон, Саха сирэ сайдыытыгар туһуламмыт тосхоллорго быһаччы кыттыаҕа.
Ити курдук, АГАТУ сир уонна ойуур боппуруостарын салайар, быһаарар, үгэс буолбут салаалары сайыннарар, хотугулуу-илин, РФ арктическай эрэгийиэннэрин олохторун хаачыстыбатын тупсарыыга туһуламмыт, быһата, тыа хаһаайыстыбатын араас салааларыгар дэгиттэр идэлээх исписэлиистэри бэлэмнииргэ сүрүн соруктаах үрдүк үөрэх кыһатын былааннара — сарсыҥҥылаах.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: