Аҕыйах оҕолоох оскуолалар кыһалҕалара, дьылҕалара
Арктика улуустарын сайдыытыгар араас хайысхалаах бырагыраамалар баалларын, онно элбэх үп-харчы көрүллэрин кэпсииллэр. Ол эрээри, билиҥҥитэ көнөр чинчитэ биллибэт, тупсуу, сайдыы туһунан этэр өссө да ыраах быһыылаах.
Билигин төһө да Дьокуускайга олордорбун, хоту төрөөбүт, үлэлээбит уонна сылы көтүппэккэ кэриэтэ ыытыллар араас таһымнаах быыбардарга мэлдьи көхтөөхтүк кыттар буоламмын, Халыма өрүс сүнньүгэр сытар үс, Индигиргэ түөрт, Дьааҥыга үс улуус олохторун-дьаһахтарын, үлэлэрин-хамнастарын, билиҥҥи уопсай туруктарын балай эрэ билэбин. Чопчу хоту үөрэхтээһин боппуруоһугар, ону да төрөөбүт Абыйым холобуругар бэйэм санаабын суруйарга быһаарынным.
Күн бүгүн Абый улууһун биэс нэһилиэгэр биэс орто оскуола баар. Абый нэһилиэгин орто оскуолатыгар 63, Муҥурдаах нэһилиэгин орто оскуолатыгар 37, Майыарга 63, Ураһалаахха 52, Уолбут орто оскуолатыгар 22 оҕо үөрэнэр. Билигин 37 оҕо үөрэнэр төрөөбүт нэһилиэкпэр Муҥурдаахха сэбиэскэй кэмҥэ 127 олохтоох оҕо үөрэнэрэ. Билэр дьоммуттан, үөһээ дьааҥылартан, сураспыппар, кинилэргэ эмиэ оннугун, оттон Аллайыахаҕа балаһыанньа өссө мөлтөҕүн кэпсээтилэр. Буолумуна, хоту нэһилиэнньэ аҕыйааһына күүскэ салҕанан бара турар. Тыа сиригэр хоту ыал буолуу, оҕо төрөөһүнэ биллэрдик аҕыйаата, нэһилиэк тас өттүттэн кэлэн олохсуйуу суоҕун кэриэтэ, үлэ миэстэтэ суох, олохтоох нэһилиэнньэ улуус киинигэр, улуус тас өттүгэр көһүүтэ элбээн иһэр. Дьэ уонна уһуйааннарга, оскуолаларга оҕо, үөрэнээччи хайдах эбиллиэҕэй?
Нэһилиэктэр оскуолаларыгар оҕо аҕыйаабытыгар сигэнэн үөрэхтээһин боппуруоһугар араас санааны этии элбээтэ. Үгүстэр үөрэнээччи аҕыйаабытын оскуолаларга үөрэтэр-иитэр үлэ хаачыстыбата мөлтөөбүтүн, сүрүн биридимиэттэргэ (математикаҕа, физикаҕа, омук тылыгар…) учууталлар суохтарын бэлиэтииллэр. Кистэл буолбатах, сорох төрөппүттэр оҕолорун киин сирдэргэ ыытан үөрэттэрэргэ күһэллэллэр. Төрөппүттэр оҕолоругар хаачыстыбалаах үөрэҕи биэрэргэ дьулуһаллара өйдөнөр, ону өссө биһириэххэ эрэ сөп.
Кырдьык, аҕыйах үөрэнээччилээх кылаастарга, оскуолаларга иитэр үлэҕэ маассабай, араас өрүттээх тэрээһиннэри ыытарга, үчүгэй түмүгү ситиһэргэ учууталлар биллэр ыарахаттары көрсөллөр. Оттон аҕыйах үөрэнээччилээх кылаастарга үөрэх хаачыстыбатын туһунан туспа тутан этэр наада дии саныыбын.
Аҕыйах үөрэнээччилээх оскуолаларга бары биридимиэттэргэ учууталлар баар, оскуолалар аныгы ирдэбилгэ эппиэттэһэр хааччыллыылаах буоллахтарына, манна үөрэх хаачыстыбатын туһунан араас санааны этиэххэ сөп.
Бары кэмнэргэ араас дойдуларга, ол иһигэр Арассыыйаҕа, Саха сиригэр эмиэ оҕону дьиэҕэ үөрэтии баара, билигин даҕаны Японияҕа ол киэҥник туттулларын, тарҕаммытын суруйаллар. Дьиэҕэ үөрэммит оҕолор олус хаачыстыбалаах үөрэҕи, киэҥ билиини ылаллар, хастыы да омук тылын баһылыыллар. Мин билигин кылааска 1-2 оҕону үөрэтиини дьиэҕэ үөрэтиигэ тэҥниибин. Сахалыы толкуйдаатахпына, 1-2 үөрэнээччини бүөмнээн, чопчу, кичэйэн үөрэттэххэ, үчүгэй хаачыстыбалаах үөрэҕи ситиһиэххэ сөп дии саныыбын. Бу түгэҥҥэ үөрэх хаачыстыбата учууталтан улахан тутулуктаах. Ол иһин саҥа кэм учууталлара талан ылбыт идэлэригэр бэриниилээх, үлэлэригэр дьулуурдаах, дьаныардаах буолалларыгар баҕарабын.
Билигин сорох “өйдөөхтөр” күннээҕи экэнэмиичэскэй ааҕыыга олоҕуран, тыа оскуолаларыгар оҕо аҕыйаҕар сигэнэн, кылаастары сарбыйарга, аһара баран, оскуолалары сабарга этиилэрин төрдүттэн сыыһанан ааҕабын, атын суолу-ииһи көрдүөххэ, оскуола баар буолан тыа сирэ тыыннаах. Оскуола сабыллыа – нэһилиэк үгүс Арассыыйа киин сирдэригэр курдук бэрт сотору быраҕыллыбыт дэриэбинэҕэ кубулуйуоҕа.
Нэһилиэк инники дьылҕатын быһаарар боппуруос учуутал үлэтиттэн улахан тутулуктааҕын өссө төгүл кичэйэн бэлиэтиибин. Былырыын, 2023 сыл Педагог уонна уһуйааччы сылынан биллэриллибитэ үтүө түмүктэри биэрбитэ.
Сэбиэскэй кэмҥэ тыа сирин оскуолатыгар үөрэммит буоламмын, оччотооҕу учууталларым түмүллүбүт биһирэмнээх уобарастарын хоһуйан хоһоон суруйбутум. Онно суруйбут санаабын ситэрэн, түмүкпэр балай эрэ мөккүөрдээх боппуруоска тус санаабын этэбин. Билигин үөрэхтээһин эйгэтин бары үлэһиттэрин хамнастарын үрдэтиигэ, олорор, үлэлиир усулуобуйаларын тупсарыыга туһуламмыт араас дьаһаллар, бырагыраамалар ылыллалларын сөптөөҕүнэн ааҕабын. Хоту үлэлии барар үлэһиттэргэ эбии анал дьаһаллар, төлөбүрдэр көрүллэллэрэ эмиэ олус наадалаах. Ити, этэргэ дылы, мэтээл биир көстүүлээх өттө. Ону сэргэ, учуутал үлэтин хаачыстыбатын үрдэтэргэ бары дьаһаллары, тэрээһиннэри сэргэ кинилэргэ үлэни тупсарарга туһаайыллыбыт бэрэбиэркэлэри, ирдэбили уонна хонтуруолу күүһүрдэргэ баҕа санаабын этэбин. Баҕар, кырдьаҕас киһи уруккулуу толкуйдуурум, сыаналыырым буолуо, ирдэбил уонна хонтуруол хайа баҕарар эйгэҕэ үлэни тупсарыыга туһаайыллалларын үөрэхтээһин бары үлэһиттэрэ уонна салайааччылара сөпкө өйдүөхтээхтэр, ылыныахтаахтар.
Суруйуубун нуучча улуу бэйиэтэ Н.А. Некрасов учууталга туһаайбыт “… сейте разумное, доброе, вечное” тылларынан түмүктүүбүн. Солоҕой тылбаас кэриэтэ нууччалыы суруллубута быдан өйдөнүмтүө буолуо диэн санаанан салайтарбыппын сөпкө өйдүүргүтүгэр көрдөһөбүн.
Николай РЕБРОВ,
суруналыыс.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: