Ахсынньыга магнитнай буурҕалар хаһан буолуохтарай?

Share

Ахсынньы 1 күнүгэр Күҥҥэ эстии тахсан, Сиргэ 7 бааллаах магнитнай буурҕа түһэн, элбэх сиргэ дьүкээбил суһумнаабытын көрбүт, истибит буолуохтааххыт. Бүгүн, ахсынньы 4 күнүгэр, 5 бааллаах магнитнай буурҕа түһүөҕэ диэн сэрэтэллэр.

Хаартыска: "Аргументы и факты"

Быйыл ахсынньы саҥатыгар, ортотугар Күҥҥэ эстии элбэх эбит.

Магнитнай буурҕа — бу Күн актыыбынаһыттан Сир геомагнитнай эйгэтин (поле) хамсааһына буолар. Геомагнитнай эйгэ Сири Күн радиациятыттан хаххалыыр, көмүскүүр.

Магнитнай буурҕаны 1-тэн 9 баалга диэри кээмэйдииллэр.

1-2 баал — мөлтөх хамсааһын, 3-4 — орто хамсааһын, 5-7 күүстээх буурҕа (күн-дьыл туругуттан тутулуктаах дьон доруобуйаларын туруга мөлтүөн, ыарыылара көбүөн сөп), 8-9 баал — олус күүстээх буурҕа (араадьыйа долгуннарыгар, элэктэриичэстибэнэн хааччыйыыга, сибээскэ, навигацияҕа  мэһэйдэр, саахаллар буолуохтарын сөп). Дьолго, бу 8-9 бааллаах буурҕа олох сэдэхтик буолар.

2023 сыл ахсынньытыгар ханнык күннэргэ магнитнай буурҕалар буолалларын билгэлииллэрий?

Ахсынньы 5 күнэ —  4-5 баал.

Ахсынньы 6 күнэ — 3-4 баал.

Ахсынньы 12 күнэ — 4 баал.

Ахсынньы 18 күнэ — 4-5 баал.

Ахсынньы 19 күнэ — 4-5 баал.

Ахсынньы 22 күнэ — 5 баал.

Ахсынньы 23 күнэ — 4-5 баал.

Ru-meteo.com  саайтан.

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Дьурустаан: «Инникитин устуоруйаны сэҥээрээччилэр туһаныахтара…»

Тохсунньу 9 күнүгэр Уус Алдан улууһугар Мүрүгэ "Түһүлгэ" киин балаҕан-дьиэтигэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ,…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Чэгиэн

Тыыныынан эмтэнии

Доруобай буолуу төрдө. Тыыныынан эмтэнии биир саамай былыргы  ньымата -- хатха-йога.  Биһиги кэммитигэр биир сиргэ…

8 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Тымныы кыһын буоларыгар

Күн-дьыл билгэтин төһө билэҕитий?  Бу туһунан И.М.Сосин  "Күн-дьыл билгэтэ" кинигэтигэр сиһилии суруллар.  Тымныы кыһын буоларыгар:…

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

ЫРЫСЫАП: “Сайаҕас” салаат

Дьааҥы улууһун Арыылаах орто оскуолатын саха тылын, литэрэтиирэтин учуутала, РФ уопсай үөрэхтээһинин туйгуна Петр Слепцов…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Идэтийии: өбүгэ үгэһин утумнааччылар»

Ахсынньыга Дьокуускайга оҕолорго уонна ыччаттарга I өрөспүүбүлүкэтээҕи төрүт култуураҕа чөмпүйэнээт буолан ааспыта.   Төрүт сахалыы эйгэни…

11 часов ago
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Бит-билгэ туһунан

Сахалар билгэлэрэ Сахалар итэҕэллэринэн киэһэ таһырдьа улаханнык саҥарыа, айдаарыа суохтааххын, сир иччитин кыыһырдыаххын сөп.  Түүн…

12 часов ago