СИА хаартыската
Ахсынньы биир хабараан, тоһуттар тымныылаах ыйынан биллэр. Былыргылар ахсынньы бэс ыйын батыһар дииллэр. Онон аны сайыммыт, күммүт-дьылбыт хайдах буолуон билгэлээн көрүөҕүҥ.
Чопчу күннэринэн билгэлээһин:
Ахсынньы 12 күнүгэр буурҕа түстэҕинэ, бу ый 19-гар диэри сэттэ хонуктаах силлиэ түһэр. Халлаан кыыстаннаҕына тыал түһэр.
Ахсынньы 29 күнүгэр кыраһа түстэҕинэ – ичигэс, тымныы күүһүрдэҕинэ тохсунньу 19 күнүгэр диэри халлаан тымныйар.
Уопсай билгэлээһин:
— Ахсынньыга тымныы, хаара суох буоллаҕына, бэс ыйыгар кураан буолар.
— Ахсынньы хаардаах уонна сылаас буоллаҕына, сайын саҕаланыытыгар тымныйар.
— Ахсынньылаах тохсунньуга тыалырдаҕына, бэс уонна от ыйдарыгар хаһыҥнар түһүөхтэрэ.
— Кыһын буурҕалаах буоллаҕына, сайына ардахтаах.
— Кыһын былыттар тыалы утары устар буоллахтарына, соторунан хаар түһэрин бэлиэтэ.
— Кыһын кырыалаах буоллаҕына, сайына ардахтаах.
— Кыһын ойбон уута модьоҕотун таһынан тамныыр буоллаҕына, кэлэр сайын ардахтаах буолар.
— Кыһын хаар көмнөҕө маска элбэх буоллаҕына, сааһыгар үрэхтэргэ, алаастарга уу элбэх буолар.
(«Сахалыы күнү-дьылы билгэлээһин» уонна «Күн-дьыл эргиирэ» кинигэлэртэн).
Балаҕан ыйын 13 күнүгэр "Боотур" иһинэн тэриллибит "БАРС-2" этэрээт байыастара бойобуой сорудаҕы толоро сылдьан, дрону…
Бүгүн, балаҕан ыйын 17 күнүгэр, Саха сирин сорох улуустарыгар инчэҕэй хаары кытта ардах түһэрэ күүтүллэр…
П.Х.Староватов аатынан Элгээйи оскуолата быйыл 150 сыла. Бу саас "Пеший поход: родные просторы" барылынан Арассыыйатааҕы…
Элгээйи олохтоохторо өр кэтэспит саҥа таас балыыһалара быйыл үлэҕэ киирбитэ. Балыыһа уон киһи сытан эмтэнэр…
ИДьМ Мииринэй оройуонунааҕы полиция салаатыгар түөкүттэргэ албыннатан 1 140 000 солк. суйдаппыт 39 саастаах Айхал…
Лабыктаны аска-үөлгэ кутан сиир, оргуйбут итии ууга көйөрөн иһэр туһалаах дииллэр... Тумуу, кириип, сөтөл ыарыыта…