«Ай-Молкээн» (Дьэҥкир ыраас уу) түргэн сүүрүктүү тэтимнээх үлэлээх
Өймөкөөн улууһугар аҕыйах ахсааннаах норуоттар бэрэстэбиитэллэриттэн 535 эбээн олохсуйан олорор.
Кинилэр сүрүннээн Томтор, Үчүгэй, Сордоҥноох нэһилиэктэригэр түөлбээн олороллор. Ханна буоларын курдук, сүрүн кыһалҕалара – бэйэлэрин төрүт тылларын билэр дьон ахсааннара аччаан, өбүгэ саҕаттан илдьэ кэлбит култуураларын сайыннарыылара.
Онон Өймөкөөн улууһугар бу үлэни сөргүтэр инниттэн «Ай-Молкээн» (Дьэҥкир ыраас уу) улуустааҕы эбээннэр Ассоциациялара үлэтин саҥалыы тэрийэргэ санаммыта.
Икки сыллааҕыта эрэ тэриллибит уопсастыбаннай тэрилтэ диэтэххэ, быйылгы Олоҥхо ыһыаҕар олох чаҕылхай тэрээһини ыытан, өрөспүүбүлүкэҕэ соҕотохто дорҕоонноохтук ааттана түспүтүн бэлиэтиир тоҕоостоох. Ил Дархан Айсен Николаев Олоҥхо ыһыаҕар бу тэрилтэ тэрийбит тэрээһинигэр анаан аадырыстаан ыалдьыттаабыта – улахан ситиһии.
Туох үлэтинэн «Ай-Молкээн» (Дьэҥкир ыраас уу) аата бачча күүстээхтик ааттанна?
Бу туһунан уопсастыбаннай тэрилтэ салайааччыта Марианна Таркова санаатын бу курдук үллэһиннэ:
— Быйыл сыл саҥатыгар Арассыыйа Бэрэсидьиэнин граныгар киирсэн 458 тыһ. солкуобайы ылан, былааннаабыт бырайыакпытын түөрт ый иһигэр анаан турунан, олоххо киллэрдибит. Улууспутугар таба иитиитинэн дьарыктанар биэс аҕа ууһун общината баар. Бары ыстаадалар баазаларыгар аныгылыы оҥоһуулаах дьиэлэр, баанньыктар тутуллан, эбээннэр төрүт ураһаларын умнубуттара быданнаата. Ол ону сөргүтэр инниттэн Өймөкөөн эбээннэрэ түмсэн, өбүгэ саҕанааҕы ураһаны таба сарыытыттан тигэн оҥорон, Олоҥхо ыһыаҕар туруорага санаммыппыт.
Маныаха улуустааҕы култуура управлениетын салалтата өйөөн, үлэбит бэрт тэтимнээхтик барбыта. Олохтоох түмэлгэ Томтор нэһилиэгин иистэнньэҥнэрэ уонна ассоциация актыыба кулун тутартан ыла үлэлээн, үлэбит сөҕүмэр түмүгүттэн бэйэбит да соһуйдубут, үөрдүбүт.
Бу үлэ биһигин барыбытын биир тыыннаата, өссө түмтэ, саҥаттан саҥа сүүрээни тобуларга көҕүлээтэ. Бу бырайыагы олоххо киллэрээри сарыынан ураһа тигиитин (үрдүгэ 4 м., иэнэ 24 м²), 6 табаһыт көстүүмүн (сайыҥҥы сон, нэлэкэ, бэргэһэ, этэрбэс),
6 таба тириититтэн паннону, 10 таба киэргэлин (бас быата, набдалаан — таба ыҥыырын киэргэлин тигэн, Олоҥхо ыһыаҕар ыалдьыттарбытыгар билиһиннэрдибит.
Нэһилиэк дьахталлара үксэ үлэлэспит буолан, бу үлэбит дьон болҕомтотун тарта.
Ыраахтан-чугастан биһиги сарыынан тикпит ураһабытын көрө араас улуус дьоно икки күнү быһа ааммытын саппатылар. Онон өйөбүл буолбут биир дойдулаахтарбытыгар, иистэнньэҥ дьүөгэлэрбитигэр киһи тылынан тиэрдибэт истиҥ махтал тылларын аныыбыт. Ис дууһаттан тахса тыллары аныыбыт биир дойдулаахпытыгар, филологическай билим хандьыдаатыгар, Арассыыйа суруйааччыларын чилиэнигэр, эбээн норуотун тылын-өһүн, култууратынн абыычайын тарҕата сылдьар киһибитигэр, эбээн норуотун бэйиэтэ Варвара Белолюбская-Аркукка. Кини “Тымныы полюһугар эбээн ураһата” диэн быыстапкалыыр комплексы билиһиннэрии сынаарыйын суруйан, Ил Дархан Айсен Николаевка уонна кинини арыаллыы сылдьар миниистирдэргэ үс тылынан – сахалыы, нууччалыы, эбээннии олус дириҥ ис хоһоонноохтук билиһиннэрбитигэр.
Биллэн турар, бэрт элбэҕи түмэ тутан, кылгас түгэн иһигэр барытын тупсаҕайдык кэпсээн биэрии – ураты талаан. Варвара Григорьевна ону кыайа тутта.
Дьиктитэ баар, эбээн норуотун олоҕун укулаатын иҥэриммит Марианна Таркова бэйэтэ Ньурба улууһуттан төрүттээх. Саха судаарыстыбаннай университетын тыа хаһаайыстыбатын факультетыгар үөрэнэ сылдьан, саха кыыһа тапталын, Өймөкөөн Үчүгэйиттэн сылдьар эбээн уолун Илья Таркову көрсөн, интернациональнай ыал буолбуттара. Ити кэмтэн ыла нарын бэйэлээх бэтэринээр саха кыыһа кэргэнин кытта ыстаадалары кэрийэн, онтон 90-с уустук сылларга “Мола” община тэринэн, таба иитиитин үлэтиттэн арахсыбатахтара. Үлэ уопутун мунньуммуттара. Марианна Дмитриевна бэтэринээрийэ билимин хандьытаатыгар тиийэ үүнэн, улуустааҕы ветлаборатория дириэктэринэн үлэлии сылдьан, бочуоттаах сынньалаҥҥа барбыта. Дьоллоох Тарковтар дьиэ кэргэн уоллаах кыыстарын дьоһун ыал дьон гына иитэн, билигин маанылаах эбээ уонна эһээ буолан олороллор. Быйыл кыһын Тарковтар бииргэ олорбуттара 50 сылын — үбүлүөйдээх көмүс сыбаайбаларын бэлиэтиэхтэрэ.
Өймөкөөн эбээннэрин ассоциацията, аата да этэринии, адаар таас хайа дьэҥкир ыраас үрүйэтин курдук, Өймөкөөҥҥө туризм биир суолталаах – аҕыйах ахсааннаах норуоттар олохторун сырдатар үлэ биир көрүҥүн бэрт тыастаахтык саҕалаата. Мантан инньэ «Ай-Молкээн» (Дьэҥкир ыраас уу) аатын өссө да дорҕоонноохтук ааттатан иһиэҕэ диэн эрэнэбит.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: