Салгыы
Айаал Федоров эчэйииттэн харыстанарга сүбэлиир

Айаал Федоров эчэйииттэн харыстанарга сүбэлиир

29.03.2023, 17:00
Хаартыска: Өрөспүүбүлүкэтээҕи 2 №-дээх балыыһа пресс-сулууспата
Бөлөххө киир:

Өрөспүүбүлүкэтээҕи 2 №-дээх балыыһа — суһал мэдиссиинискэй көмө киинин травма-пуунугар бу сыл тохсунньу саҥатыттан кулун тутар 26 күнүгэр диэри 7 тыһыынча кэриҥэ киһи көмөҕө наадыйбыт.

Ол иһигэр, суол-тырааныспар саахалын кэнниттэн — 77, күлүгээннээһинтэн — 159, уулуссаҕа эчэйииттэн — 2950, олоххо-дьаһахха тахсыбыт түбэлтэттэн — 2989, успуорт кэмигэр — 46, үлэҕэ-хамнаска — 44.

Ону таһынан травматолог-быраастартан көмө көрдүү аралдьытар кииннэртэн уонна пааркалартан (муус сыыртан) кэлэллэр.

«Халтарыйбат уллуҥнаах уонна протекторнай рельефтаах атах таҥаһын талыҥ. Онтон кэрэ аҥаардар үрдүк хобулуктан аккаастаныахтарын наада. Кыратык хардыылаан хаамаргытыгар сүбэлиибин. Илиилэргит тирэхтээх буоларгытыгар көмөлөһөллөр. Ол иһин, төһө кыалларынан, тутуура суох сылдьа сатааҥ уонна илиигитин хармааҥҥытыгар угумаҥ. Сатыы киһи сылдьар сирин кытыытыгар уонна тохтобулга суолтан чугас турумаҥ, мэдиссиинискэй тэрилтэлэртэн тахсаргытыгар бахиллаҕытын устаргытын умнумаҥ, оптуобуска киирэргитигэр-тахсаргытыгар сэрэхтээх буолуҥ. Кирилиэһинэн түһэргитигэр хайаан да кирилиэс сыҥаһатыттан тутуһуҥ, дьиэҕэ да, уулуссаҕа да кафелынан хаамаргытыгар ордук сэрэхтээх буолуҥ. Үлэҕэ бараргытыгар-кэлэргитигэр ордук бириэмэни саппааһыран, аа-дьуо хааман тиийиҥ. Ыксыыр кэмҥэ эчэйэр куттал өссө улаатар, бигэ тирэҕи сүтэрии олоххо кутталы үөскэтэр. Эчэйэр түбэлтэҕитигэр бэйэҕит билэргитинэн эмтэнимэҥ, хайаан да мэдиссиинискэй тэрилтэ өҥөтүнэн туһаныҥ. Доруобай буолуҥ, бэйэҕитин харыстааҥ”, — диэн Травма  киинин поликлиникаҕа отделениетын сэбиэдиссэйин э.т. Айаал Федоров сүбэлиир.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
31 октября
  • -20°C
  • Ощущается: -26°Влажность: 84% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: