Норуот ырыатынан, үҥкүүтүнэн, фольклорунан дьарыктанар айар кэлэктииптэр федеральнай граҥҥа киирсэр кыахтаныахтара. Бу сыалга сылын аайы бүддьүөттэн 100 мөлүйүөн солкуобай көрүллүөҕэ. Туһааннаах уурахха РФ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Михаил Мишустин илии баттаата.
Бу граҥҥа ырыанан, музыкальнай инструменынан, үҥкүүнэн, о.д.а. жанрдарынан анаан дьарыктанар бөлөхтөр кытталлар. Бу үлэ “Култуураны сайыннарыы” диэн судаарыстыбаннай бырагыраама чэрчитинэн ыытыллар. Граны айар бөлөхтөр саҥа бырагыраама оҥоруутугар, гастроллары, маастар-кылаастары, араас чинчийиини, экспедицияны ыытыыга туттуохтарын сөп.
Куонкуруһу РФ култууратын министиэристибэтэ тэрийэн ыытар. Тэрийээччилэр этэллэринэн, сылын аайы 15-25 айар бөлөх гранынан туһаныан сөп.
СИА хаартыскаҕа түһэриитэ
Үүнэр 2025 сылга Саха сирин XXII Спартакиадата Таатта улууһугар ыытыллаары турар. Манна даҕатан эттэххэ, Манчаары…
"Доруобуйа харыстабылын бастакы звеноларын модернизациялааһын" тосхолунан Сунтаар улууһун Элгээйи нэһилиэгэр саҥа врачебнай амбулатория үлэҕэ киирдэ.…
Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы-РФ Бэрэсидьиэнин Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурукка боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ Юрий Трутнев “Арассыыйа-24” ханаалга интервью…
Мииринэй оройуонугар баар "Живые алмазы" айылҕа пааркатыгар төрөөбүт, иниспиэктэр Александр Михайловы кус оҕотун курдук батыһа…
“Тохсунньу-олунньу ыйдарга 50 кыраадыска тиийэ тымныйыаҕа. Саас тибиилээх, сайын кураан буолуоҕа, хаар кыра. Ол эрээри,…
Өрөспүүбүлүкэ салалтата кэнчээри ыччат киэҥ билиилээх-көрүүлээх буола үүнэн-сайдан тахсарыгар сөптөөх усулуобуйаны тэрийиигэ улахан болҕомтотун уурар,…