Айар суолбар аргыстаһан…
Суруналыыс Милан Матвеевич Афанасьевы кытта билсибитим син ырааппыт эбит. 1993 с. куоракка саҥа дьиэҕэ киирэр дьолу билэн турабыт. Дьиэбит култуура уонна искусство бары араҥатын хабан үлэлии сылдьар айар дьоҥҥо ананан тутуллубут бастакы дьиэ, ол саҕана, ити 9 этээстээх дьиэҕэ кыбартыыра ылбыттар улахан үөрүүлээх кэмнэрэ этэ. Бастаан, туох-ханнык ыаллыылар баалларын билсиһии буолла. Биһиги ааммытын сэргэлии Милан, Евдокия Афанасьевтар түбэспиттэр.
Ити курдук, билсиһиибит саҕаланан, кэлин, “үтүө ыаллыылар” диэн ыҥырсар буоллубут. Милан Матвеевич аҕа баһылык, кэргэн киһи быһыытынан эҥкилэ суох үтүө холобур буолар киһи. Ол туһунан туспа кэпсээн да суруллуон сөп. Доҕор киһи быһыытынан эмиэ кэрэхсэнэр айылгылаах. Аны, биһиги аймахтыы Альбина, Илья Сосиннарбытын кытта билсэр эбиттэр, онон көрсүһүүлэрбит кэҥээн бардылар, иллэҥ кэм көһүннэҕинэ тыанан, даачанан ыалдьыттаһан ааһарбыт үксээбитэ…
Мин айар суолбун көрө-истэ, билэ-билгэлии сылдьан элбэхтик сырдаппыт, суруйбут, анаарбыт, туруорсубут, өйөөбүт чугас киһим буолар. Кини суруйбут матырыйаалларын хомуйдахха бэйэтэ биир тэттик кинигэ да буолара буолуо, кэлин хомуурунньук таһааттардахпына киирэрэ чуолкай.
“Саха сирэ” хаһыакка уһуннук сынньалаҥҥа тахсыар диэри үлэлээтэ. Миигин онно араас тэрээһиннэригэр, бэлиэ күннэригэр ыҥыран кытыннаран ыллатар, байааҥҥа доҕуһуоллатан оонньотор, хаһыат үлэһиттэрин кытта мэлдьи үөрэ-көтө билиһиннэртиир. “Саха сирэ” хаһыат үлэһиттэрин кытта бэркэ алтыһан, ырыа эйгэтин тула ырытыһан кэпсэппиппит элбэх, ол түмүгэр суруйуулар тахсыталаабыттара. Кини суруналыыс, бэйэтэ иэйэр куттаах киһи быһыытынан айар түһүлгэлэрбэр, үбүлүөйдэрбэр, күрэхтэрбэр, дойдубар Куокуйга — Кэбээйигэ тиийэ барсан, бииргэ үлэлэһэн, көрөөччү- истээччи эрэ буолбакка, тэрийсээччи, ыытааччы буолан, дьүүллүүр сүбэҕэ да олорсон, ырыа да ыллаһан кэллэ.
Милан Матвеевич дьиҥнээх уопуттаах суруналыыс быһыытынан дьоҥҥо-сэргэҕэ биллэр-иһиллэр, ханна кыаллыбаты-сатамматаҕы, кыамматы-түгэммэти, оҥорбуту-ситиспити, ураны-уратыны, кэрэни-кэрэхсэбиллээҕи барытын наадалааҕын көрөн-истэн сырдатар, билиһиннэрэр, ситиһэр, ыпсарар сатабыллаах суруналыыс буолан, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитэ буолбута.
Мин киниэхэ махтанарым, дьиктиргиирим да элбэх… Ол курдук сайынын 2011 с. биһиэхэ Хатаска дьиэбэр үлэлэрбин билсэ, тугу саҥаны айдыҥ-туттуҥ диэн көрө-истэ кэлэ сылдьыбыта. Онно биир Махтал дипломун көрөн ааҕан баран, хорутан, хасыһан ыйыппыта ис хоһоонун. “Абырал” санаторийдар, “За помощь оказанную в сложной ситуации на воде в июле 2007 г.” диэн тугу гыммыккар махтал суруктарын биэрдилэр?.. Мин ол быһылааны баарынан кэпсээтэҕим дии. 2007 сыллаахха“Абыралга” саахарбынан эмтэнэ сытаммын, өрөбүл күн биир автобус киһи буолан, Өлүөнэ өрүс арыытыгар сынньана барбыппыт. Онно ыксаллаах түбэлтэ буолбута. Араас саастаах оҕолор элбэх этилэр, биир аҕам саастаах быраас Корякин диэн киһи улахан кылааска үөрэнэр обургу уоллааҕа. Оҕолор кытыыга уу кэһэ, сууна-тараана сылдьаллара, икки баспытаатал дьахталлар тыаҕа туран оҕолору көрөллөрө-истэллэрэ. Ол Корякин уола үөскэ харбаан киирбит уонна сүүрүккэ оҕустаран үөс диэки барбыт.
Мин, арыый тэйиччи, биир дойдулаах табаарыспынаан Дорофей Яковлевтыын загардыы сытан, эмискэ хаһыы-ыһыы буолбутугар туран көрдүбүт. Уол аҕата оҕотун быыһыы харбаан киирбит, ону уола тыынын былдьасыһан аҕатын ууга баттыы-баттыы чомполоһо сылдьаллар эбит. Кытыыттан “На помощь, помогите!” диэн хаһыы бөҕөтө да, ким да киирбэтэҕэ, уолуйдахтара буолуо. Мин ыксаатым, сүүрэн киирэн, кинилэри күөйэ харбаабытынан бардым, уолу аҕатыттан араара тардан ылаат, төттөрү кытыы диэки харбаатым, киһи атаҕа тирэнэр сиригэр тиэрдэммин, утары ууга турар баспытааталга уолу биэрдим.
Эргиллэн көртүм, аҕата эмиэ булумахтана сылдьар, тахсар кыаҕа суох курдук, мин сылайдарбын даҕаны, иккистээн түһүнэн кэбистим уонна киһибин кыл-мүччү харытыттан харбаат, кэннибинэн тиэрэ түһэн сытан харбаан таҕыстыбыт… Ону истээт, Миланым тоҕо ону ким да билбэтий, суруйбатаҕай диэн буолла. Мин, төһө да аастар, суруйдахпына табыллар диэн тута ылсыбытынан барбыта. Сибидиэтэллэри, үлэһиттэри булаттаан, кимнээҕий, тугуй диэн ыйыталаһан, кэпсэтиһэн, эккирэтиһэн “Бэйэм былдьаныам диэбэккэ” диэн улахан ыстатыйа таһааран соһуппута, ыйтан ордук кэмҥэ хас да ньүөмэргэ дьоннор суруктара, көрбүттэр-истибиттэр эппиэттэрэ, этиилэрэ, санаалара тахсыбыттара: О.Е. Куличкина, “Дьокуускайдааҕы пассажирскай автопредприятие” МУП кондуктара, А.А. Товаров, урут норуот үөрэҕириитигэр,култуураҕа, партийнай-хаһаайыстыбаннай, социальнай эйгэҕэ үлэлээбит, биэнсийэлээх, Ытык Күөл олохтооҕо. Хор оннук, табаарыһым үтүө санаата, кырдьыгы туруулаһара ити биир холобуртан да көстөр.
Ити ыстатыйатын аахпыт амарах ааҕааччылар эмиэ кыттыһан барбыттара: “Хорсун быһыы сыаналаныахтаах” Христофор Горохов, Покровскай, “Суобастара хайдах оонньообот” Петр Уранаев, Харбалаах Таатта, “Тоҥу кыайдаҕа диэхтиибин ээ…” Дорофей Яковлев, Дьокуускай к., “Олох киһиэхэ биирдэ бэриллэр” Александр Филиппов, Покровскай к. “Үтүө үтүөнэн төлөнөр” Олег Павлов Мукучу-Кэбээйи, “Киһи сиэрдээх буолуохтаах” Афанасий Иванов-Тоҕой Дьокуускай к. уо.д.а.
Милан Матвеевич Ырыа Күнүн сыалын-соругун сырдатарга эмиэ утумнаахтык үлэлэспитэ. 2010 с. “Саха сирэ” хаһыакка “Ырыа Күнэ баар буоллун!” диэн ыҥырыы таһаарабын диэн тиийэн эппиппэр, интервью ылан, аан бастакы “Ырыа Күнүн” туһунан ыҥырыы матырыйаалы оҥорон таһааттарбыта уонна атын да саха ырыатыгар суруйуулара бэчээттэммиттэрэ:
— “Күөх долгуҥҥа күөлэһийэр ыралар” – 1996 с.
— “Ыардары кэрэнэн кыайаары” — 2006 с.
— “Ыалдьыттааҥ Луҥхабар” куонкуруска Куокуйга жюриласпыта – 2008 с.
— “Аны сардаана сибэккини үйэтиттэ” — 2010 с.
— “Ырыанан ыраланан” — 2015 с.
— “Эһиги тускутугар айар-тутар” — 2020 с.
— “Ытыс тыаһынан эрэ буолбатах” — 2021с.
— “Арай эт-тирии бараннаҕына дуо?” — 2021с.
Онон, ырыанан олохпутун туойабыт, ырыанан ыччаппытын иитэбит, ырыанан үйэлээҕи түстүүбүт диэн быһаччы этэр кыахтанныбыт.
2021 с. “Бар дьонуҥ алгыһынан” диэн санаа атастаһыылаах кинигэни таҥан, чочуйан таһааттарбыта. СӨ “народнай артыыһа” ааты ыларбар даҕаны, кини туруулаһан, хаһыакка суруйан, дьону хамсатан, өйдөтөн, кинигэ таһааран салалтаҕа тиийдэҕэ…
Кинигэ киирии тылыгар Милан Матвеевич маннык этэр:
-А.К. Калининскай уһун кэмнээх айымньылаах үлэтин “СӨ народнай артыыһа” бочуоттаах ааты ылар күнэ-ыйа, кэмэ кэлбитин туһунан икки хаһыакка суруйбутум. Бастаан “Кыымҥа”, онтон аһара сарбыйбыттарын, санаабын бысталаабыттарын иһин уларытан, кылгатан, “Арай эт-тирии бараннаҕына дуо?” диэн атын ааттаан “Саха сирэ” хаһыакка.
Бу суруйуулар туох санааттан үөскээн төрөөн тахсыбыттарай? Биллэн турар таах сыта сатааһынтан буолбатах. Быһаччы этэбин, кыһыйыыттан, абарыыттан. А. К. Калининскай Өлүөнэ эбэ хотун биир арыытыгар сынньана сытан, өрүс сүрүн үөһүттэн ууга баран эрэр икки киһини өлөр өлүүттэн быыһаабытын туһунан суруйан баран, туох кистэлэ кэлиэй, мэтээл баҕас биэрэллэр ини дии санаабытым. Улаханнык сыыстарбыт этим…
Онтон 2006 сыллааха, иккиһин сорунан, “Ыардары кэрэнэн кыайаары” суруйуубун таһааттарбытым. Бу сырыыга Алексей Кириллович айар үлэтин ытыс тыаһынан эрэ сыаналаныа суохтааҕын, атын көрүҥнэр эмиэ баалларын санаппытым баара… бу сырыыга эмиэ таах хаалбыта.
Онно, бастатан туран, бэйэбин буруйданабын. Аһаҕастык суруйбатахпын, көннөрү эрэҥкээ эрэ буолбуппун, таайтаран эппиппин. Ону өйдөөбөтөхтөр. Онтон кыһыйан, алҕаһы көннөрүү да быһыытынан, итиэннэ туох ханнык үһүстээх дииллэрин аһаҕастык, малтаччы, кылаабынайа, иһиллэр гына суруйбутум. Ааҕааччылар санааларын, көрдөһүүбүн ылынан, аһаҕастык эппиттэриттэн, этиибин биһирээбиттэриттэн, өйөөбүттэриттэн, ол аата бу дьыалаҕа чороҥ соҕотох буолбатахпыттан сүрдээҕин үөрдүм.
Сүрдээх элбэх киһи суруйда, санаатын эттэ. Олору кинигэ бастакы түһүмэҕэр ааҕыаххыт. 67 ааҕааччы бэйэтин санаатын куйаар ситимин нөҥүө, ол аата хаһыаттар саайтарыгар эттэ. Ону барытын хомуйан, сааһылаан кинигэ иккис түһүмэҕэр киллэрдим.
Үһүс түһүмэх урут да тахсыбыт сыанабыллар, этиилэр, кэнники ыытыллыбыт үлэлэр, куонкурустар түмүктэрэ, санаалар түмүллэн биһиги туруорсуубутун толорон биэрдилэр.
Туох барыта модьулааҕын-синньигэстээҕин, уһуннааҕын-кылгастааҕын, ыараханын- чэпчэкитин курдук. Саамай кылаабынайа, кэпсэтиигэ кыттыбыттар, санааларын холбообуттар, туруорсубуттар. Ол аата, тустаах салайааччылар, айар-тутар дьоммутун эдэр-сэнэх эрдэхтэринэ, үлэ үөһүгэр сырыттахтарына сылаас, үтүө тылынан ахтары, үөрдэ-көтүтэ сыаналыыры, ыраах дьааһыкка уган кэбиспэккэ кэмиттэн кэмигэр ылан көрүөҕэ, боппуруоһу сөптөөхтүк быһаарыаҕа, биһиги баҕа санаабытын олоххо киллэриэҕэ диэн эрэнэ күүтэбин.
Бу кинигэни аахтаххытына итини барытын сиһилии билиэххит.
Убаастабыллаах Милан Матвеевич, 75 сааскын бэлиэтиир өрөгөйдөөх үбүлүөйгүнэн ис сүрэхтэн итии истиҥ эҕэрдэбитин тиэрдэбит!
Кыһыл көмүс бүрүөҥ сыппаабатын, иэйэр-куойар уйулҕаҥ ыһыктыбатын, арылла, алгыстана туруохтун! Дьиэ кэргэн олоҕор ил-эйэ, дьол, таптал, махтал олохсуйдун! Дом! Дом! Дом!
СӨ народнай артыыһа, Кэбээйи улууһун бочуоттааҕа Алексей Кириллович,
СӨ култууратын туйгуна Варвара Иннокентьевна Калининскайдар.
Дьокуускай.
Ытыктабыллаах Милан Матвеевич! Истиҥ эҕэрдэҕэ кыттыһан, бииргэ үлэлээбит кэллиэгэлэриҥ, “Саха сирэ” хаһыат кэлэктиибин аатыттан өрөгөйдөөх үбүлүөйгүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит. Чэгиэн доруобуйаны, ыраас халлааны, эйиэхэ уонна чугас дьоҥҥор уйгу-быйаҥ олоҕу баҕарабыт.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: