«Айдара» үҥкүү ансаамбыла сүрэхтэннэ
Сэтинньи 24 күнүгэр «Айдара» этно-фольклорнай үҥкүү ансаамбыла (сал. Валентина Шадрина, Маргарита Скрябина) тэриллэр сүрэхтэниитин сиэрэ-туома ыытылынна. Бу дьоро түһүлгэ кэрэни кэрэхсиир, үҥкүүнү өрө тутар түмсүүлэри түмэ тарта.
Тэрээһин үөрүүлээх арыллыыта сайыны санатар «Айдара» үҥкүү ансаамбылын толоруутугар «Күн уруйа» үҥкүүнэн, «Күн дьоно» (сал.Е.И.Павлова-Далбар Кылыһах) фольклор бөлөҕүн доҕуһуолунан саҕаланна.
Манна кэлбит дьон-сэргэ саха омук үйэлэри уҥуордаан илдьэ кэлбит сиэринэн, С.А.Зверев-Кыыл Уолун «Оһуор үҥкүүтүгэр» олоҕурбут 9 мэҥэ хамнатыынынан биир киһи курдук хамсанан, алгыһы тус бэйэлэригэр ылыннылар, иҥэриннилэр, бигэргэтиннилэр. Сиэри-туому ситэрэн, «Мичийэ» үҥкүү бөлөҕө (сал. Розалия Михалева) «Алаадьылаах үҥкүүнү» толорон, кэлбит ыалдьыттары алаадьынан айах туттулар.
Салгыы дьоро түһүлгэни үҥкүү кэрэ кэһиилээх киэргэттилэр: «Фламенко» үҥкүү устуудьуйата (сал. Екатерина Гомбоева), дьахтар мааныга кэтиллэр киэргэллэрин тарҕатар «Алтан-Арт» хампаанньа, «Аар Аартык» (Сидорова А.М.), «Алаас кыргыттара» (сал. Прокопьева Е.С.), «Леди плюс» (сал. Маргарита Кузьмина) үҥкүү ансаамбыллара, «Сыдьаайа» айар киин (сал . Анастасия Габышева) уо.д.а.
«Айдара» үҥкүү ансаамбылыгар айар үлэ аартыктара арыллан, өссө үрдүк дьабайыылар, ситиһиилэр кэлэн истиннэр! Саха үҥкүүтэ үүнэ-сайда турдун!
Любовь КОНСТАНТИНОВА, «Арчы Дьиэтэ» духуобунай култуура киинин уус-уран салайааччыта
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: