Айсен Николаев 2023 сылга Уһук Илин уокурук социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын түмүгүн таһаарар мунньахха кытынна

Айсен Николаев 2023 сылга Уһук Илин уокурук социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын түмүгүн таһаарар мунньахха кытынна

20.01.2024, 15:55
Хаартыска: sakha.gov.ru ылылынна
Бөлөххө киир:

Ил Дархан Айсен Николаев РФ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы – Уһук Илин уокурукка РФ бэрэсидьиэнин боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ Юрий Трутнев салайааччылаах, 2023 сылга Уһук Илин социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын үлэтин түмүгүн таһаарар мунньахха кытынна. Мунньахха Уһук Илин эрэгийэн  11 баһылыга үлэлээтэ.

“Юрий Трутнев, Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Владимир Владимирович Путин XXI үйэҕэ национальнай инники күөҥҥэ турар соругунан ыйбыт Уһук  Илини тэтимнээхтик сайыннарыы суолтатын бэлиэтээтэ. Бу Саха сиригэр улахан кыаҕы биэрэр. 2023 сыл түмүгүнэн өрөспүүбүлүкэ экэниэмикэтэ 2,3 трлн. солк. үрдээтэ. Бу курдук көрдөрүүнү биһиги үлэһит дьоммут, ону тэҥэ Арассыыйа Бэрэсидьиэнин уонна Бырабыыталыстыбатын өттүттэн өрөспүүбүлүкэҕэ күүстээх өйөбүл баар буолан ситиһэбит”, — диэн Ил Дархан эттэ.

Бэлиэтээн эттэххэ, 2023 сылга Саха сирин эрэгийиэннээҕи валовай оҥорон таһаарыыта (ВРП) 2022 сылтан 3,5 % уонна 2020 сылтан чиэппэринэн үрдээн, 2,3 трлн. солк. тэҥнэспит. Бырамыысаланнай  оҥорон таһаарыы индексэ — 2022 сыллааҕыга тэҥнээтэххэ 102,9 %. Инвестицияҕа сыһыарыы сүҥкэн кээмэйдээх —  715 млрд. солк. (2022 с. 5%). Бу сылга 30 национальнай бырайыак иитинэн тутуллубут эбийиэги ааҕан туран, 56 социальнай эбийиэк тутулунна. Чуолаан, доруобуйа харыстабылыгар 20 эбийиэк уонна физкултуураҕа, успуорка 8 эбийиэк. Үлэҕэ киирбит дьиэ кээмэйинэн 2023 сыл рекорднай сыл буолла – 705 тыһ. кв.м., бу 2022 сылы кытта тэҥнээтэххэ 20,7 % элбэх.

Арктика мэдиссиинэтин саҥа моделын олоххо киллэрии чэрчитинэн мобильнай биригээдэ өрөспүүбүлүкэтээҕи киинэ тэрилиннэ, быраастар Арктика улуустарын 89 сэлиэнньэтигэр үлэлээтилэр. Өскөтүн 2022 сылга диспансеризацияны Артика олохтоохторун 55% ааспыт эбит буоллаҕына, былырыын бу көрдөрүү 78% диэри үрдээбит.

Быйыл Өлүөнэ муостатын тутуу сүрүн түһүмэҕэ саҕаланыаҕа, “Кыһыл Сыыр – 84 км” гаас магистральнай утаҕын тутуу түмүктэниэҕэ. Ону тэҥэ,  социальнай инфраструктураҕа хаһааҥҥытааҕар да элбэх эбийиэгин үлэҕэ киллэрэр былааннанар – 74, итинтэн 32 эбийиэк национальнай бырайыак иитинэн.

Хас даҕаны кэккэ көрдөрүүнэн Уһук Илин Арассыыйа орто көрдөрүүтүн таһымыттан урутаан иһэр: инвестиция сүрүн хапытаала, тутуу үлэтин кээмэйэ, олорор дьиэни киллэрии, тэрилтэлэр барыстара, сиртэн туһалаах баайы хостооһун, бырамыысыланнай оҥорон таһаарыы.

“Бу ураты ситиһии буолбатах, Бэрэсидьиэн биһиги иннибитигэр туруорбут сорудаҕын толорууга хардыы. Арассыыйа орто көрдөрүүтүн таһымын ситэр туһугар Уһук Илин түргэнник сайдыахтаах”, — диэн Юрий Трутнев этэр.

Арассыыйа бэрэсидьиэнэ туруорбут сүрүн соруктара туолуутун ырыттылар, чуолаан, нэһилиэнньэ миграциялаан көһүүтүн кыччатыы, дьон олоҕун хаачыстыбатын уонна экэниэмикэ сайдыытын дойду орто көрдүүтүн үрдэтии.

Инвестицияны туһаныы суолталаах хайысханан хаалар. “Хааччахтааһынынан сибээстээн Уһук Илиҥҥэ саҥа инвестордар кэлэллэр, инвест бырайыактар улахан аҥаардарын олоххо киллэриини ситистибит. Эрэгийиэннэр баһылыктарыттан инвестордары кытта үлэҕэ болҕомтону уураргытыгар көрдөһөбүн. Экэниэмикэ сайдыытыттан бүтүн дойду сайдыыта тутулуктаах”, — диэн Юрий Трутнев бэлиэтээтэ.

Дойду Бэрэсидьиэнин сорудаҕынан, Муора хотугу  суолун трассатыгар сытар 16 Арктикатааҕы тирэх куораттарын саҥардыы былааннанар. Бу хоту сир дьонун олоҕун хаачыстыбатын тупсарыаҕа уонна Хотугу муора суолун сайдыытын иитинэн инвестордары кытыннарарга көмөлөһүөҕэ.

Санатан эттэххэ, Арассыыйа Бырабыыталыстыбата Муора хотугу пуордун сайыннарыы былаанын ылыммыта, үбүлээһинэ 1,8 трлн. солк. тэҥнэһэр. Былаан олоххо киирдэҕинэ 2030-2031 сс. сылга 200 мөл. туонна таһаҕаһы таһар кыаллыаҕа.

Ону тэҥэ, мунньахха макроэрэгийиэни өйөөһүн саҥа миэрэлэрин оҥоруу туһунан кэпсэттилэр. 2022 сылга Уһук Илини сайыннарыыга РФ Бырабыыталыстыбатын стратегическай сиэссийэтигэр 10 этии ылыныллыбыта, 2023 сылга маннык этии 12 тэҥнэстэ. Сиһилии манна ааҕыҥ.

+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
23 ноября
  • -26°C
  • Ощущается: -33°Влажность: 84% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: