Айсен Николаев Аллараа Халыма улууһун байыаннай дьайыыга кылаатын үрдүктүк сыаналаата
Айсен Николаев Аллараа Халыма улууһун баһылыгын Ярослав Бандеровы көрсөн, муниципалитет инники социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын боппуруостарын дьүүллэстилэр.
Байыаннай дьайыы бэтэрээнэ бу дуоһунаска былырыын быыбар түмүгүнэн талыллыбыта.
Ил Дархан Аллараа Халыма улууһун олохтоохторо байыаннай дьайыы байыастарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр өйөбүллэрин үрдүктүк сыаналаата. Улуус тэрилтэлэрэ уонна олохтоохторо байыаннай дьайыы зонатыгар балыгы, араас наадалаах тэрили ыыталлар, үбү-харчыны хомуйаллар. Волонтердар байыастар дьиэ кэргэттэригэр мэлдьи көмөлөһөллөр.
Көрсүһүү биир сүрүн тиэмэтинэн эбийиэктэри тутуу, ол иһигэр Колымскай уонна Андрюшкино сэлиэнньэлэригэр оскуола-уһуйааннары, Черскэй бөһүөлэгэр балыыһа комплексын тутуу туһунан буолла.
«Андрюшкино уонна Колымскай сэлиэнньэлэригэр оскуола дьиэлэрэ 1950-1960 сылларга тутуллубуттара. Оҕолор үөрэнэллэригэр үчүгэй усулуобуйаны тэрийэр наадата ыраатта. Колымскай орто оскуолатыгар бүгүн 51 оҕо, оттон Андрюшкиноҕа 102 үөрэнээччи үөрэнэр», — диэтэ Ярослав Бандеров.
Ону тэҥэ кэпсэтиигэ ОДьКХ, хомунаалынай инфраструктураны саҥардыы, хаарбах дьиэттэн көһөрүү, таба иитиитэ сайдыытын боппуруостара таарылыннылар.
Андрюшкиноҕа быйыл кирдээх ууну ыраастыыр блочнай-модульнай саҥа ыстаансыйаны тутууну саҕалыахтаахтар. Былырыын Черскэй бөһүөлэгэр тохтоло суох уотунан хааччыйар, 4,8 МВт кыамталаах дизельнэй электростанцияны тутуу саҕаламмыта, диэн иһитиннэрэр Ил Дархан, бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: