Айсен Николаев «Бастакылар хамсааһыннарын» уһуйааччытынан буолла

Share

Ил Дархан Айсен Николаев «Бастакылар хамсааһыннара» Арассыыйатааҕы оҕо уонна ыччат уопсастыбаннай-судаарыстыбаннай хамсааһынын саайтыгар уһуйааччы быһыытынан регистрацияламмыт.

Ол туһунан бүгүн «Бастакылар хамсааһыннарын» Саха сиринээҕи олохтоох салаатын үөрүүлээх аһыллыытыгар иһитиннэрдэ.

«Мин бэҕэһээ хамсааһын саайтыгар регистрацияланным, онон биһиги бииргэбит. Мин эһигини кытары буоларбыттар олус үөрэбин. Эһигини кытары көрсүһүөхпүт, кэпсэтиэхпит, бииргэ таһаарыылаахтык үлэлиэхпит диэн эрэнэбин. Биһиги сорукпут олус элбэх. Үтүө саҕалааһыны, доҕоттор!», – диэн эттэ Айсен Николаев хамсааһын кыттыылаахтарыгар.

«Бастакылар хамсааһыннара» Арассыыйатааҕы оҕо уонна ыччат уопсастыбаннай-судаарыстыбаннай хамсааһына дойду бары оҕо уонна ыччат хамсааһыннарын холбуур.

Саха сирэ – Арассыыйаҕа «Бастакылар хамсааһыннара» тэрилтэ олохтоох салаатын арыйбыт аан бастакы эрэгийиэн.

CӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

Recent Posts

  • Кыайыы 80 сыла
  • Сонуннар

Буойун, салайааччы төрөөбүтэ 100 сылынан

Садын оройуонун (билиҥҥитэ Мииринэй) Ботуобуйа сирэ-дойдута былыр былыргыттан дьон аймах сөбүлээн олохсуйбут сирэ  буолар. Олохтоохтор…

2 минуты ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Горнайдар кинигэ биһирэмигэр түмүстүлэр

Аҕа дойду сэриитигэр Улуу Кыайыы үбүлүөйдээх 80 сылын тэрээһиннэрин түмүктүүр "Уоттаах сэрии сылларыгар" кинигэ биһирэмэ…

42 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Үтүө санаа харыйата» аахсыйа болҕомтону тардар

СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дьулустаан Борисов "Үтүө санаа харыйата" аахсыйаҕа кыттыыны ылла. Адаптивнай үөрэх…

1 час ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

КЭПСЭЭННЭ ИСТИЭҔИҤ: «Хаарчаана бэлэҕэ» (аудио)

sakha-sire.ru саайт «Кэпсээннэ истиэҕиҥ» диэн бырайыагар «Саха сирэ» хаһыат суруналыыһа, суруйааччы  Ангелина Васильева-Дайыына  "Хаарчаана бэлэҕэ"…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

«Уһук Илин сулуһа» бириэмийэ кыайыылаахтара

Бастыҥ волонтерскай көҕүлээһиннэр уонна устудьуоннар түмсүүлэрэ "Уһук Илин сулуһа" бириэмийэнэн бэлиэтэннилэр. РФ Бырабыыталыстыбатыгар сыл ахсын…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Үөрүүнү бэлэхтээтилэр

Бэрдьигэстээххэ кырдьаҕастар уонна инбэлииттэр олорор социальнай дьиэлэригэр сэргэх тэрээһин буолла. Саҥа дьылы көрсө манна социальнай…

3 часа ago