Салгыы
Айсен Николаев: «Хомуурга ыҥырыллыбыт 600-тэн тахса киһи дьиэ кэргэнигэр көмө харчы бэрилиннэ»

Айсен Николаев: «Хомуурга ыҥырыллыбыт 600-тэн тахса киһи дьиэ кэргэнигэр көмө харчы бэрилиннэ»

28.10.2022, 20:58
Бөлөххө киир:

Хомуурга ыҥырыллыбыттар, байыаннай сулууспалаахтар дьиэ кэргэттэригэр көрүллэр 200 тыһ. солк. кээмэйдээх көмөнү күн бүгүн  600-тэн тахса дьиэ кэргэн ылбыт.  Ити туһунан СӨ Ил Дархана Айсен Николаев бүгүн тэлэбиидэнньэҕэ тахсан, алтынньытааҕы сорох сүрүн түгэннэри билиһиннэрэригэр кэпсээтэ.

— Биллэн турар, СӨ Бырабыыталыстыбата бу күннэргэ, нэдиэлэҕэ толоруохтаах сүрүн соругунан – байыаннай сулууспалаахтар дьиэ кэргэттэригэр 200 тыһ. солк. кээмэйдээх материальнай көмөнү тиэрдии. Саха сиригэр атын субъектарга, Уһук Илин уокурукка курдук байыаннай чаастар суохтар. Манан сибээстээн боппуруостар үөскүү сылдьыбыттара. Биһиги быстах хомуурга ыҥырыллыбыттарбыт Хабаровскай, Приморскай кыраайдарга, Амур уобалаһыгар, Еврейскэй АУо, Забайкальскай кыраайга, Бурятияҕа көппүттэрэ. Байыаннай чаас бигэргэтэр хоруйдара бытааннык кэлэллэр. Бу тустаах уураахха илии баттаабытым кэннэ тута биллибитэ.

Биһиги анал сулууспаларбыт, бастатан туран СӨ Үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга министиэристибэтэ, миэстэтигэр бэрэбиэркэлээри (сверка) бэйэтин үлэһиттэрин бу байыаннай чаастарга командировкаҕа ыыталаабыта. Мин Илиҥҥи байыаннай уокурук салайааччытыгар сибээскэ тахсыбытым, кини өйөөбүтэ, бары байыаннай чаастарынан сөптөөх дьаһал тахсыбыта. Билигин испииһэги бэрэбиэркэлээһин, тэҥнээһин үлэтэ түмүктэнэн эрэр.

Бу испииһэккэ олоҕуран төһө кыалларынан түргэнник көмөнү ыытыахтаахпыт. Күн бүгүн, 600-тэн тахса байыаннай сулууспалаах дьиэ кэргэнэ ылла. Бу аҕыйах, тэтими өссө түргэтэтиэхтээхпит дии саныыбын. Чугастааҕы кэмҥэ бу үлэни олоччу үмүрүтүөхтээхпит, — диэн Ил Дархан быһаарда.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -40°C
  • Ощущается: -40°Влажность: 67% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: