Саха сиригэр Дьокуускай уонна Нерюнгри сайдыыларын бырайыактарыгар 3,3 млрд солкуобай кээмэйдээх казначейскай анал кирэдьиити биэриини бигэргэттилэр.
Айсен Николаев анал биэриигэ 2024 сыл бүтүөр диэри инфраструктураны тупсаҕай оҥорууга уонна тутууга бырайыактары олоххо киллэрии оҥоһуллуохтаах, диэтэ.
Айсен Николаев бу үп тустаах куораттар маастар-былааннарыгар олоҕуран дойду бэрэсидьиэнин сорудаҕынан бэриллибитин чопчулаата.
«Сүрүннээн маастар-былааннарбыт бигэргэннилэр. Аны түмүктүүр көмүскээһин бэрэсидьиэн таһымыгар ыытыллыаҕа«- диэтэ Айсен Сергеевич.
Николаев бу үптэн 500 мөл солк. Нерюнгри балыыһа комплексын саҥардыыга көрүллүө диэн эттэ.
«Салгыы 17 түөлбэ саахалланар туруктаах дьиэлэрин көһөрүүнэн салгыы дьарыктаныахпыт«, — диэтэ Айсен Николаев.
Бу үбүнэн Дьокуускай куораты тупсаҕай оҥоруу бырайыактара үлэҕэ киириэхтэрэ.
«Ол курдук, Ленин болуоссатын саҥардыы, Сайсары кытылын тулатын уонна бастакы олимпийскай чөмпүйүөн Роман Дмитриев аатынан кытылы саҥардыы«,— диэтэ кини.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата
ПАВЕЛ ЦЫПАНДИН 65 СААҺЫГАР — САДУОУК ТУРНИРА! Саҥа дьыллааҕы күннэри түмүктүү Мэҥэ Хаҥалас улууһун Майа…
Саха сирэ “Рождение ребенка” суперсервиһи туһанан саҥа төрөөбүт оҕону бэлиэтэттэрии ахсаанынан Уһук Илин уокурукка инники…
ИДьМ 2-с нүөмэрдээх полиция салаатын дьуһуурунай чааһыгар Дьокуускай куорат олохтооҕо кумааһынньыктаах харчытын уордарбытын туһунан биллэрбит.…
Ааспыт сууккаҕа өрөспүүбүлүкэҕэ барыта сэттэ буруйу оҥоруу туһунан иһитиннэрии киирэн, борокуратуура хонтуруолугар сылдьар. Ленскэй…
Хас да сыллааҕыта Олоҥхо тыйаатырын төрүттээччи А.С. Борисов артыыстары аттестациялааһын кэнниттэн: “Хас биирдии артыыс,…
Саха сиригэр 2025 сыл тохсунньу 1 күнүттэн тиийинэн олоруу алын кээмэйэ 14,8 бырыһыанынан үрдээбит. Ити…