Айсен Николаев: «Кэнники 5 сылга ылбыт тэтиммит үгүстэри сөхтөрөр»

Share

Балаҕан ыйын 26 күнүгэр Ил Дархан Айсен Николаев быһа эпииргэ тахсан, ыйытыыларга хоруйдаата, 5 сыллаах үлэ түмүгүн торумнаата.

— Кэнники 5 сылга ылбыт тэтиммит үгүстэри сөхтөрөр. Бүгүҥҥү күҥҥэ бырамыысыланнас көрдөрүүлэрин үүнүүтүнэн Уһук Илиҥҥэ бастакы, Арассыыйаҕа 6-с миэстэлээхпит. Бу уһулуччулаах көрдөрүү буолар. 2018 сылтан бырамыысыланнас көрдөрүүлэрин үүнүүтэ 50% үрдээтэ, баалабай бородуукта (ВВП) 2 төгүл улаатта (биэс сыллааҕыта 900 мөлүйүөн солкуобай эбит буоллаҕына, билигин 2 миллиард солкуобай кэриҥэ).

Таас чоҕу, ньиэби, алмааһы хостооһуҥҥа историческай көрдөрүүлэри куоһардыбыт. Бу барыта дьон олоҕун таһыма тупсарыгар, өрөспүүбүлүкэ сайдарыгар туһуланар. 2023 сылга диэри, 5 сыл иһигэр 274 улахан социальнай эбийиэктэр тутулуннулар. Бу — үөрэх кыһалара, култуура дыбарыастара, балыыһа комплекстара, о.д.а. Куораттар, сэлиэнньэлэрэ көстө тупсаллар, киэркэйэллэр. Кэнники үс ыйга улуустары барытын кэрийдим, аҕыйах Арктика улуустарыгар эрэ тиийбэтим, онно да сотору тиийиэҕим. Дьэ, онно сылдьан көрдөхпүнэ, бары улуустарга сайдыы, уларыйыы, хамсааһын барбыт.

Билигин уустук кэм, ол эрээри өссө улахан, элбэх сыаллары туруорунуохха наада. Инникигэ былааннар бааллар. Экэниэмикэбит сайдан иһэр, иннин диэки тэтимнээхтик хамсаттахха, тохтотор да уустук буолуо. Энэргиэтикэбит, тырааныспар систиэмэтэ үүнэр-сайдар тосхоллоохтор.

Бу 5 сыл иһигэр «ковид», баһаардар, халаан, байыаннай дьайыы, сааҥсыйалар буолбуттарын да иһин, бу уустуктары бары бииргэ түмсэн туораатыбыт, — диэн Айсен Сергеевич кэпсээтэ.

Recent Posts

  • Быһылаан
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

Иирсээн кэнниттэн аҕатын массыынатын алдьатан буруйданна

ИДьМ сулууспатын 1 №-дээх полициятын отделын дьуһуурунай чааһыгар куорат таһынааҕы олохтооҕо тыллаабыт. Эр киһи массыыната…

6 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Кыһын — «Хюгге» кэмэ

Cаҥа дьылы кэтэһии бырааһынньыктааҕар ордук үчүгэй, күүтүүлээх, күндү курдук буолар. Оннук күндү кэтэһиини биһиги бэйэбит…

6 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сириттэн сылдьар байыастары эбии хааччыйыыга саҥа номенклатура бигэргэннэ

Ил Дархан Айсен Николаев бэрэссэдээтэллээх “Кыайыы туһугар бииргэ!” өрөспүүбүлүкэтээҕи  хамыыһыйа мунньаҕар, байыаннай дьайыыга кытта сылдьар…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба
  • Үөрэх

ХИФУга мэдиссиинэ идэтигэр туттарсыыга саҥаны киллэрии туһунан быһаардылар

Ааспыт нэдиэлэҕэ Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университекка үрдүк үөрэх кыһатын мэдиссиинэ институтун бэрэстэбиитэллэрэ үөрэххэ туттарсааччылары, төрөппүттэри, педагогтары…

6 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сирин норуоттарын муусукатын уонна фольклорун түмэлигэр Аиза Решетникова аатын иҥэрдилэр

Айсен Николаев Саха сирин норуоттарын муусукатын уонна фольклорун түмэлигэр РФ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, өрөспүүбүлүкэ норуотун…

6 часов ago
  • Быһылаан
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

Эдэр уол баантан бөдөҥ суума харчыны уоран тутулунна

ИДьМ сулууспатын Сунтаар улууһун отделын холуобунай ирдэбил үлэһиттэрэ 24 саастаах олохтоох киһи баантан харчыны уорбутугар…

7 часов ago