Айсен Николаев «Кыайыы» тэрийэр кэмитиэтин мунньаҕын ыытта
Ил Дархан Айсен Николаев өрөспүүбүлүкэтээҕи «Кыайыы» тэрийэр кэмитиэтин мунньаҕын ыытта.
Аҕа дойду Улуу сэриитин Кыайыытын 80 сылын көрсө Мэҥэ Хаҥалас оройуонугар — саха норуотуттан биир бастакынан Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Кузьмич Попов төрөөбүт дойдутугар ыытылынна.
Бу Арассыыйаҕа Аҕа дойдуну көмүскээччи уонна Саха сиригэр Ийэ дойдуну көмүскээччи сыллара биллэриллибитин кэннэ тэрийэр кэмитиэт бастакы мунньаҕа буолла.
«Сыл тиэмэтэ — бу Дьоруойдарга, Аҕа дойду Улуу сэриитин саллааттарыгар, байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар сүгүрүйүү буолар. Биһиги дойдубутугар патриотизм уонна Ийэ дойдубутугар бэриниилээх, утумнаах буолуу сыаннастарын бэлиэтиибит. Кыайыы 80 сыла көннөрү бэлиэ күн буолбатах, бу биһиги элбэх национальностаах омукпутун, чугас тас дойдулар норуоттарын, дьонун-сэргэтин түмэр сүҥкэн суолталаах түгэн буолар», – диэн бэлиэтээтэ Айсен Николаев.
Ил Дархан Аҕа дойду Улуу сэриитигэр олохторун толук уурбут саха буойуттарын көрдөөһүҥҥэ ураты болҕомтону уурарга сорудахтаата. Холобур быһыытынан Мэҥэ Хаҥалас улууһун аҕалла. Манна олохтоох краеведтар Саха сирин Национальнай, муниципальнай архыыптарын уонна национальнай бибилэтиэкэни кытта үлэлээн, урут бэлиэтэммэтэх буойуттар туһунан иһитиннэриилэри булбуттар. Ол түмүгэр улууска сэрии кыттыылаахтарын ахсаана 307 саллаакка тиийэ улааппыт — 4250 киһи буолбут.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: