Айсен Николаев: «Саха сирэ дойду экэниэмикэҕэ тыылынан буолар миссиятын салгыаҕа»

Share

Ил Дархан Айсен Николаев РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Федеральнай Мунньахха этиитин түмүктүүрүгэр эрэгийиэннэр социальнай-экэниэмикэ сайдыытын бары хайысхаларыгар дьоһун оруолу ылыахтара диэтэ.

— Дойду социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар бүтүн блок ананна — дойдубут сайдыытын дириҥ боппуруостарыттан үөрэх ситимин уларыта тутууга уонна социальнай гаастааһыҥҥа тиийэ. Бары хайысхаларга эрэгийиэннэр дьоһун оруолланыахтара. Саха сирэ Арассыыйа тэтимнээхтик сайдар 10 % бырамыысыланнас үүнүүлээх эрэгийиэн быһыытынан, сааҥсыйалартан уонна Арҕаа дойдулар дойдубутун утары аһаҕас киирсиилэриттэн иҥнибэккэ, судаарыстыбаҕа экэниэмикэ бөдөҥ тыылынан буолуоҕа. Тумус тутуллар соруктарга киирэллэр: үлэ оҥорумтуотун үрдэтии, саҥа оҥорон таһаарыыны сайыннарыы.
Социальнай чааһа улахан суолталаах, чуолаан, 2024 сылтан МРОТ-ту үрдэтии, оҕолоох ыаллары өйөөһүн. Бэрэсидьиэн бу соруктарга мэлдьи тиһиктээх үлэни ыытар.

Дьоһун тиэмэ — уопсай, орто идэтийбит уонна үрдүк үөрэхтээһин. Дойду бырабыыталыстыбатыгар үөрэх сэбиэскэй тиһигэр баары ыспат, аныгы сыһыаны эрэйэр ситими тобуларга. Бу үрдүк үөрэҕи тиксимтиэ уонна хаачыстыбалаах оҥоруоҕа, оскуоланы бүтэрээччилэр экэниэмикэ бары салааларыгар үлэлиир кыахтаналларын туһугар.
Илин диэки эргиллии — бу, чахчы, АТР, Ближнэй  Восток, Орто Азия дойдуларыныын көхтөөхтүк үлэлээн, сибээспитин сайыннарыахтаахпыт. Илиҥҥи полигону уонна Хотугу муора суолун сайыннарыы бүгүн балары Арассыыйа сайдыытын бырайыактарыгар быһаарыахха наада. Балары өйөөһүн Уһук Илин уонна Сахабыт сирин сайдыытын тэтимнээх оҥоруоҕа, — диэн Айсен Сергеевич эттэ.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Эдьигээҥҥэ өссө биир хочуолунай үлэлээтэ

Эдьигээҥҥэ "Кыайыы 65 сыла" хочуолунайга 4 №-дээх хочуол үлэҕэ киирдэ. Билиҥҥи туругунан онно 7 хочуол…

5 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар
  • Хаартыска/Видео

«Умсулҕаннар» быыстапкаларыттан (ВИДЕО)

Уус Алдан улууһугар "Умсулҕан" кэллиэксийэньиэрдэр түмсүүлэрэ тэриллибитэ 30 сыл буолла. [gallery ids="180048,180049,180047"]   Түмсүүнү оҕо…

7 часов ago
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Сүллүүкүттэр хаһан тахсалларый? Ойбонтон хаһан уу ылабытый?

Тохсунньу Таҥха ыйынан биллэр. Сыл ахсын сүллүүкүттэр хаһан тахсар этилэрий, ойбонтон хаһан уу ылар этибитий…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Спорт

Бээдилэр ох саанан ытыыга күрэхтэстилэр

Түгэнигэр сөп түбэһиннэрэн ахтан аастахха, былыр өбүгэлэрбит тутта сылдьыбыт малларын уонна үгэстэрин сөргүтүү үгэскэ кубулуйда.…

8 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Өспөхтөр 187 хаххалыыр сиэккэни оҥордулар

Уус Алдан улууһун Өспөх нэһилиэгин олохтоохторо,"Доброволецтар" волонтердар хамсааһыннарын (сал. Светлана Архипченко, Дьокуускай к.) филиала, байыастарга…

9 часов ago
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Тохсунньу билгэлэрэ

Саха сиригэр будулҕан туманнаах тоһуттар тымныылар үгэннээн турар кэмнэрэ. Бырааһынньыктар түмүктэнэн, тулалыыр айылҕабытын кэтээн, тохсунньу…

9 часов ago