Айсен Николаев Саха сирин тирэх пуунун үлэһиттэригэр махтанна

Share

ДНӨ баар тирэх пуун Саха сириттэн сылдьар байыаннай сулууспалаахтары дойдуларын кытта ситимниир. Бу туһунан эбийиэк үлэтин бэрэбиэркэлээһин кэнниттэн Ил Дархан Айсен Николаев бэйэтин ТГ ханаалыгар суруйда.

«Биһиги байыастарбытыгар анаммыт тиэхиньикэ, таҥас-сап, мал-сал, ийэлэр  кыһамньыларынан хомуллубут кэһиилэр барыта бу пуун нөҥүө ааһаллар. Ханнык даҕаны дьыл кэмигэр, күнүгэр пуун үлэһиттэрэ байыастарбытыгар анаммыт таһаҕас тиийэригэр тохтоло  суох үлэлииллэр.  Мин манна алтыспыт дьоммунан чахчы даҕаны киэн туттабын. Манна дьиҥнээх патриоттар үлэлииллэр.   Күн ахсын кинилэр байыастарбыт тустарыгар кыһамньылаахтык үлэлииллэр. Хас биирдии байыас биһиги өйөбүлбүтүн билэрин туһугар кыһаллаллар», — диэн бэлиэтиир Айсен Николаев.

Ил Дархан   Саха сирин бары олохтоохторун аатыттан тирэх пуун үлэһиттэригэр махтанна.

Бэлиэтээн эттэххэ, СӨ Ил Дарханын дьаһалынан ДНӨ ааспыт сыл сэтинньитигэр эрэгийиэммит тирэх пууна тэриллибитэ. Бу пуун байыастары кытта ыкса сибээһи тутарга сүрүн оруолу толорбута.

ДНӨ тирэх пуун үлэлиэҕиттэн байыастарга уопсайа 120 тиэхиньикэ, олор истэригэр «Сокол» квадроцикллар, 550 БПЛА,   тепловизордар,  электрогенератордар,   оһохтор,  о.д.а туһалаах мал-сал, тиэхиньикэ арааһа тиийбитэ.

Recent Posts

  • Быһылаан
  • Сонуннар

Мэҥэ Хаҥаласка суол саахалыгар икки киһи эмсэҕэлээтэ

Мэҥэ Хаҥалас улууһун Судаарыстыбаннай автоинспекциятын отделениета иһитиннэрбитинэн, бэҕэһээ, балаҕан ыйын 18 күнүгэр 9 чаас 30…

45 минут ago
  • Быһылаан
  • Уопсастыба

Ньурбаҕа эр дьон ууга былдьанна

Бүгүн, балаҕан ыйын 19 күнүгэр, Ньурба оройуонугар икки эр киһи суорума суолланна диэн СӨ Быыһыыр…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Нерюнгри диэки сир хамсаата

Нерюнгриттан  соҕуруулуу-арҕаа 57 км тэйиччи сытар сиргэ  4-4,5 бааллаах сир хамсааһына буолла. Бу туһунан ЯСИА-ҕа Арассыыйа…

2 часа ago
  • Сонуннар

Икки биэнсийэни кимнээх ылалларый?

Икки биэнсийэни кимнээх ылалларый? Бу туһунан объясняем.рф быһаарар.  [gallery ids="242654,242655,242656,242657,242658,242659,242660,242661"]

3 часа ago
  • Гороскоп
  • Интэриэһинэй

Нэдиэлэтээҕи гороскоп (балаҕан ыйын 19-26 күннэрэ)

Хой Элбэҕи былаанныыгын уонна санааҥ күүһүн ситэри тиэрдибэккин. Санааҕын  ууран ылыстаххына, үтүө түмүктэри аҕалыаҕа. Ол…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Балаҕан ыйын 19 күнэ: ардах, хаар уонна тыал

Бүгүн, балаҕан ыйын 19 күнүгэр, Саха сирин үгүс улуустарыгар быстах ардыыра, сорох сирдэринэн инчэҕэй хаар…

5 часов ago