Айсен Николаев: «Сүрүн ситиһиибит — эбиллэн иһэрбит»

Share

Ил Дархан Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ туһаайбыт Анал этиитигэр: «Саамай сүрүн ситиһиибит — киһи үйэтэ уһаабыта уонна нэһилиэнньэ ахсаана эбиллибитэ буолар» диэн тоһоҕолоон бэлиэтээтэ.

Саха сирэ — нэһилиэнньэтин ахсаана бигэтик эбиллэн иһэр көрдөрүүлээх Уһук Илиҥҥэ соҕотох эрэгийиэн буолар.  Өрөспүүбүлүкэҕэ хас бэһис дьиэ кэргэн элбэх оҕолоох. Оҕо төрөөһүнүнэн Арассыыйаҕа 7-с миэстэлээхпит. Онон биһиги саамай сүрүн ситиһиибит, дьон олоҕун усулуобуйата тупсан иһэрин көрдөрүүтэ — киһи үйэтэ уһааһына уонна хас сыл ахсын элбээн иһэрбит буолар, — диэн кини эттэ.

Быйыл балаҕан ыйыгар Саха сиригэр киһи олоҕун орто уһуна аан бастаан 73,5 сыл буолла уонна Арассыыйа көрдөрүүтүн кытта тэҥнэстэ. 2023 сылга устуоруйаҕа киирэр түгэн буолбута — Саха сирин нэһилиэнньэтин ахсаана 1 мөлүйүөн киһи буолла.

Алгыстаах ыһыаъ кэмигэр ити үөрүүлээх сурах барыбытын кынаттаабыта. Соторутааҕыта мин Мииринэйгэ Онуфриевтарга ыалдьыттаабытым. Кырачаан Саина төрөппүттэрин, дьонун үөрдэн, тапталга сууланан, доруобай, дьоллоох буола улаатан иһэр. Өрөспүүбүлүкэбит хас биирдии олохтооҕо инники олоҕор, оҕолорун, сиэннэрин кэскиллэригэр эрэллээх буолар бырааптаах. Онон дьон олоҕун хаачыстыбатын тупсарар былааннаах үлэбит салҕанар, — диэн Айсен Николаев эттэ.

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атырдьах ыйыгар күһүн билгэтэ

От ыйа түмүктэнэр бүтэһик күннэрэ тураллар -- бэтинсэттэн атырдьах ыйыгар үктэнэбит.  Атырдьах ыйын өбүгэ саҕаттан…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бүлүү тимир уустара бастакы норуоттар икки ардыларынааҕы этно-бэстибээлгэ кыайдылар

От ыйын 26-27 күннэригэр Кош-Агач оройуонун Горно-Алтайскай куоратыгар Куйактанар сиргэ СӨ норуотун маастара Иван Павлов…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Хаартыска: Аллайыахаҕа хараҥаччыны илимтэн быыһаатылар…

Аллайыаха улууһугар уу кытыытыгар быраҕыллыбыт эргэ илимҥэ дьиэ хараҥаччыта хам ылларан, мүччү-хаччы мэҥэстэн сытар этэ.…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Спорт

Саха сирин күрэсчиттэрэ дрон күрэҕэр Уһук Илиҥҥэ чөмпүйүөннээтилэр

Саха сирин хамаандата дрон күрэҕэр Уһук Илин уокуру күрэхтэһиитигэр уонна чөмпүйэнээтигэр ситиһиилээхтик кыттан, 40 баар…

2 часа ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Ленскэйгэ 17 саастаах оҕо массыынаны күрэтиигэ сыһыаннааҕын быһаардылар

Суһал иһитиннэриинэн  ИДьМ сулууспатын Ленскэй улууһун отделын холуобунай ирдэбилин үлэһиттэрэ 17 саастаах олохтооҕу «Toyota Land…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Күн Эко» — экологтары иитэн таһаарар!

Кэмпэндээйигэ "Сир уустара" төгүрүк сыл үлэлиир киин оҕолору араас хайысханан сайыннарар. Бу сайын Саха сирин…

3 часа ago