Ил Дархан Айсен Николаев бүгүҥҥү быһа эпииригэр байыаннай дьайыыга кытта сылдьар биир дойдулаахтарбыт хорсун быһыыларын бэлиэтээтэ.
«Мин ис сүрэхпиттэн Саха сириттэн Арассыыйа Дьоруойа буолбут уонна ытык иэстэрин төлүү сылдьар бары байыастарбытынан киэн туттабын», – диэтэ Айсен Николаев.
Кини уолаттар Аҕа дойду көмүскэлигэр олус улахан дьыаланы оҥоро сылдьалларын бэлиэтиир.
«РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин байыастарга үрдүк сыанабылын билэллэр. Биһиги байыастарбыт Аҕа дойдуларын иннигэр кырдьык, дьоруойдуу, хорсун быһыыны оҥоро сылдьаллар диэн бэлиэтээн турар. Мин эрэнэбин, биһиэхэ өссө даҕаны дьоруойдар, саҥа кыайыылар баар буолуохтара, – диэтэ Айсен Николаев. – Саамай кылаабынайа, биһиги байыастарбыт кыайыы көтөллөөх дойдуларыгар түргэнник төннөллөрө наада».
Түмүккэ: «Саха сирэ дойду экэниэмикэтин сүрүн тирэҕинэн буолуохтаах. Тоҕо диэтэххэ, кыайыы тыылга эмиэ буолуохтаах», – диэн эттэ Ил Дархан.
Емельян Ярославскай аатынан түмэлгэ Аан дойдутааҕы түмэл күнүгэр анаммыт ''Түмэл түүнэ'' тэрээһиҥҥэ элбэх интэриэһинэй экскурсиялар,…
Өрөспүүбүлүкэ сиригэр-уотугар халаан туругун ыам ыйын 18 күнүгэр ыксаллаах балаһыанньаны сэрэтиигэ уонна туоратыыга хамыыһыйа мунньаҕар…
Халаан уутуттан эмсэҕэлиир нэһилиэктэр ахсааннарыгар урут хаһан да киирбэтэх Хатырык нэһилиэгэ улахан ууга ылларан, олохтоохтору…
Ыам ыйын 17 күнүгэр Нам улууһугар «Библионочь-2024» Бүтүн Арассыыйатааҕы аахсыйа Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн сылын чэрчитинэн…
Бүгүн, ыам ыйын 18 күнүгэр, Аан дойду үрдүнэн Түмэл күнэ бэлиэтэнэр. Бу күнү көрсө Амматааҕы…
Эми-тому атыылаһан баран, аны хайдах иһэр туһунан ыйыыны-кэрдиини (инструкцияны) төһө билсэбитий? «Күҥҥэ үстэ биир табылыакканы…