Айтал Яковлев: ««Биир ньыгыл Арассыыйа» баартыйа быыбарга кыайыыта – бу дьон-сэргэ эрэниитэ, итэҕэлэ буолар»
Быйылгы быыбарга Айсен Николаев уонна былаас баартыйата кыайыыта улахан сыралаах, былааннаах үлэнэн, дьон-сэргэ итэҕэлин ылан ситиһилиннэ диир РНА Сибиирдээҕи салаатын Гуманитарнай чинчийии уонна аҕыйах ахсааннаах хотугу омуктар кыһалҕаларын институтун «Арктикаҕа киһи» лабораториятын билимин үлэһитэ, СӨ Уопсастыбаннай балаататын чилиэнэ, ХИФУ ИФ доцена, историческай билим хандьыдаата Айтал Яковлев:
— Быйылгы быыбардары көрдөххө, бары таһымҥа «Биир ньыгыл Арассыыйа» баартыйа саамай элбэх куолаһы ылла. Манан Саха сирин олохтоохторо былаас баартыйатыгар итэҕэйэллэрин, эрэнэллэрин көрдөрдүлэр. Биллэн турар, бастакытынан, баартыйа хамаандата кыайыыны эрдэттэн тэрээһиннээх үлэни ыытан ситистэ. Урут биллибэтэх-көстүбэтэх дьон талылыннылар уонна уруккуттан үлэлии сылдьар аптарытыаттаах хандьыдааттар эдэрдэри өйөөн-сүбэлээн, бары биир хамаанда буолан таҕыстылар. Саха сирин бэлитиичэскэй лиидэрэ Айсен Николаев баартыйаны сүрүннээн, сөптөөх соругу туруоран ситистэ.
Быыбар хаамыытыгар өрөспүүбүлүкэ Уопсастыбаннай балаатата ааспыт сыл күһүнүттэн үлэлээн, кэтээн көрөөччүлэри бэлэмнээн, быыбар сокуона хайдах үлэлиэхтээҕин быһааран, улахан кэһиилэр тахсыбатылар. Билигин цифровой эйгэ сайдан, социальнай ситиминэн хандьыдаат сыыһа-халты туттуута тута норуокка биллэр буолла. Билигин хандьыдаат хас биирдии хардыытын, хамсаныытын интэриэһиргиир дьон көрө-билэ олорор, онон быыбардааччы сөптөөх быһаарыныыны толкуйдаан ылынар буолла. Социальнай ситиминэн сөбүлээбэтэҕин-сөбүлээбитин, тута санаатын этинэр кыахтанна. Ол иһин хандьыдааттар хас биирдии киһи санаатын учуоттаан, көрөн-истэн, бырагыраамаларын чочуйан, дьоҥҥо тахсар буоллулар. Бу демократия биир саамай сүрүн көстүүтэ буолар. Итинэн биһиэхэ гражданскай уопсастыба баар диэн сыаналыахпын сөп. Ол аата «Биир ньыгыл Арассыыйа» баартыйа нэһилиэнньэ элбэх куолаһын ылан быыбарга кыайыыта – бу дьон-сэргэ эрэнниитэ, итэҕэлэ буолар дии саныыбын.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: