Айталина Никифорова «Көһөрүллүбүт олох» диэн саҥа кинигэтэ таҕыста

Айталина Никифорова «Көһөрүллүбүт олох» диэн саҥа кинигэтэ таҕыста

24.10.2022, 12:40
Бөлөххө киир:

Суруналыыс, суруйааччы  Айталина Никифорова-Шадрина  “Көһөрүллүбүт олох” диэн саҥа кинигэтэ таҕыста.

Киирии тылы социология билимин доктора, бэрэпиэссэр Ульяна Алексеевна Винокурова суруйда. “Ааҕааччы тус олоҕор буолбут түгэннэри, муунтуйбут санааларыгар ылыннарыылаах сүбэни бу кинигэттэн чопчу таба көрөн, бэйэтин булан уоскуйуо, дьылҕатын кытта эйэлэһиэ”, —  диэн бэлиэтиир кини.

— Суруйааччы ааҕааччытын кытта төһө аһаҕас буолуохтааҕый? Кинигэни суруйа олордохпуна бу ыйытыы киирбитэ. Суруйааччы ааҕааччым өйдүө диэн эрэнэр буоллаҕына,  аһаҕастык суруйар. Бу мин ахсыс кинигэм. Тоҕо эрэ ордук долгутуулаах. Чугас дьүөгэлэрбин кытта кэпсэтэрдии,  ордук аһаҕастык, хайдах баарынан сурулунна. Соруйан оҥоро сатаан буолбатах. Оннук таҕыста.

Бэчээт эйгэтигэр үлэлээбитим отуттан тахса сыл буолла. Олоҕум арахсыспат аргыһа буолбут суруйар-бичийэр үлэбэр сирдээн аҕалбыт киһибинэн тапталлаах ийэм Багдасаева Мария (Валентина) Андреевна буолар. Кини сэрии сылын оҕото. Олох аһыытын-ньулуунун толору амсайбыт төрөппүттэрбит көлүөнэтэ сэбиэскэй кэмҥэ олорон, уларыта тутуу сиэртибэтэ буолан, аныгы олох сиэрин ылынан эбэтэр ылыммакка, сүрдээх улахан охсууну билбит дьон. Мин кинилэри ис сүрэхпиттэн ытыктаан туран, “Көһөрүллүбүт олох” диэн сэһэммин аныыбын.

Маны тэҥэ аныгы олох очурун-чочурун, сиэрин-майгытын, дьон бэйэ-бэйэҕэ сыһыанын, бэйэ суолун көрдөөһүнүн, дьолго-соргуга тиийиитин… туһунан суруйуулар киирдилэр. Өй уонна сүрэх бүппэт мөккүөрэ, дууһа чып кистэлэҥэ…

Кинигэм тахсыбытыгар  биир дойдулаахпар, Үөһээ Бүлүү Ороһутуттан төрүттээх “Дани-алмас”, “Офсет” дириэктэригэр  Дария Николаевна Скобелеваҕа махтанабын. 2002 с. “Тыыннаах ситим” диэн маҥнайгы кинигэбин эмиэ кини таһааран, айар суолбун арыйбыта, — диэн суруйааччы саҥа кинигэтин билиһиннэрдэ.

Ааҕыҥ, сэргээҥ, санааҕытын үллэстиҥ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
15 декабря
  • -32°C
  • Ощущается: -32°Влажность: 68% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: