https://t.me/MP_NRB
Бу күннэргэ Ньурба улууһун Аканатыгар ууну ыраастыыр ыстаансыйа аһылынна.
-60 миэтэрэ дириҥҥэ сир аннынааҕы уу булуллан, скважина хаһыллан, ыстаансыйа дьиэтэ тутуллан, нэһилиэк олохтоохторо ыраас иһэр уунан хааччылыннылар. Марха өрүс таһынааҕы нэһилиэктэри ыраас иһэр уунан хааччыйыы улуустааҕы тосхолунан, «АЛРОСА»-тан киирэр үп суотугар тутулунна. Бэдэрээтчитинэн «Гидросфера» ХЭТ үлэлээтэ. Ыстаансыйаны урбаанньыт В.М.Харламов үлэлэтэр, Олег Николаевич Иванов диэн олохтоох үлэлиир киһини булбуттар. Ыраастаммыт уу син-биир Ньурба куорат сыанатынан атыыланыаҕа. Бүгүҥҥү бэлиэ күҥҥэ олохтоохторго уу босхо бэриллэр буолан, олохтоохтор үөрүүлэрэ улахан. Туруорсуулара олоххо киирэн ыраас уунан хааччыллан бары даҕаны үөрбүттэрин-астыммыттарын эттилэр, — диэн улуус баһылыга Алексей Иннокентьев иһитиннэрдэ.
Билигин кирэдьииттэрин кэмигэр төлөөбөт, ону ааһан биир да харчыны төлөөбөт дьон бааллар. Суут бириистэптэрин Амма…
"Защитники Отечества" пуонда учуотугар өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 198 (байыаннай дьайыы кыттыылааҕа) инбэлиит турар. Сүрүн болҕомто тиэхиньиичэскэй…
Бэҕэһээ “Путь воина” байыаннай-тактическай күрэхтэһиилэр аһыллыылара буолбута. Бүгүн сарсыардаттан икки хамаанда – Саха сириттэн «Боотур»…
Дьокуускайга бэлисипиэтинэн үгүстүк оҕолор уонна эр дьон сылдьалларын көрөбүн. Бүгүн биир саастаах дьахтар бэлисипиэтинэн сылдьарын…
Бэҕэһээ Дьокуускай куорат үрдүнэн кыра көтөр аал төттөрү-таары эргийэн, үгүс киһини долгутта. Социальнай ситимнэринэн бу…
Суут бириистэптэрин управлениета иһитиннэрбитинэн, Уус Алдан улууһугар тэрилтэттэн 800 бытыылка арыгыны конфискациялаабыттар. Ол курдук мировой…