Альбина Дегтярева бүгүн Магадааҥҥа кэнсиэрдиир

Альбина Дегтярева бүгүн Магадааҥҥа кэнсиэрдиир

12.10.2022, 15:08
Бөлөххө киир:

Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх артыыһа Альбина Дегтярева бүгүн Магадан куоракка соло кэнсиэри биэриэҕэ. Ааҕааччыларбыт, бука, тоҕо Магадааҥҥа диэн соһуйа иһиттэххит буолуо. Артыыстан кылгастык санаатын үллэстэригэр көрдөстүбүт.

— Магадан уобалаһын филармонията Норуот муусукатын Арассыыйатааҕы дэкээдэтин иитинэн алтынньыга кэнсиэрдии кэлиэҥ дуо, диэн өссө былырыын этии киллэрбитэ. Сайын национальнай бырааһынньыктарыгар бөлөҕүнэн кэнсиэрдиирбитигэр көрдөспүттэрэ эрээри, атын куоракка тэрээһиннээх буолан үһүөн кэлэртэн аккаастаммыппыт. Оччотугар алтынньыга хайаан даҕаны кэл диэн ыҥырбыттара. Кэлэр-барар айаным төлөбүрүн Магадааннааҕы куукула тыйаатыра уйунна.

Бу сырыыга соло кэнсиэри биэрэбин. Репертуарбар хомус, ырыалар баар буолуохтара. Бөлөх буоларбыт быһыытынан, ырыаларбыт үс куоласка арахсан толоруллаллар. Ол иһин бүгүн биир куоласка барсар аҕыйах ырыаны толоробун уонна үксүн хомуһунан композиция киириэҕэ. Хомуска да композиция сороҕо соҕотох киһиэхэ табыллыбат. Онон бүгүҥҥү кэнсиэргэ көрөөччүгэ таһаарар композияцияларбын эмиэ көрүнэн, суоттанан, чочуйан кэлбитим.

Тыйаатырдара дьоҕус. Быһа холуйан чаас курдук барыа диэн суоттанабын. Бу иннинэ соҕотоҕун Голландияҕа, Бельгияҕа кэнсиэрдэтэлээн турабын. Биллэн турар, үһүөн тутуспутунан сылдьарбытыгар үөрэнэн хаалбыппын, — диэн артыыс санаатын үллэстэр.

Колыма+ ылбыт кылгас интервьютун көрүҥ.

Хаартыска: СИАтан.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
11 декабря
  • -41°C
  • Ощущается: -48°Влажность: 66% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: