Алдан оройуонугар 29 киһи бэйэлэрин баҕаларынан ойуур баһаарын умуруорууга үлэлииллэр

Share

Ол туһунан Алдан оройуонун баһылыга Александр Шестопалов кэпсээтэ.

“Кинилэргэ Алдан оройуонун олохтоохторун ааттарыттан махтаныахпын баҕарабын. Баһаары умуруорууга олохтоох дьонтон 29 киһи бэйэлэрин баҕаларынан үлэлии сылдьаллар. Кинилэр баһаары умуруорсаллар, утары уоту ыыталлар, минерализованнай балаһалары хаһаллар, уоту харабыллыыллар. ЫБМ бөлөҕүн дьонун кытта нэһилиэнньэлээх пууннарга, экономика эбийиэктэригэр кутталы киллэрбэт туһугар үлэлии сылдьаллар, “ – диэн эттэ оройуон баһылыга.

”Метео” Кииннэммит  аэрологической обсерватория Як-40 зондировщик-сөмөлүөтэ бэҕэһээ баһаар үрдүгэр элбэх сөҥүүнү түһэрбитэ. Салгыы Кутана, Угайаан нэһилиэктэригэр ардах күн бүгүн да салҕанар”, — диэн Александр Шестопалов Алдан ойуурун уотун умуруорууга ЫБМ Бе-200 уонна Як-40 зондировщик-сөмөлүөт улахан көдьүүстээхтэрин  тоһоҕолоон бэлиэтээтэ диэн иһитиннэрэр, СӨ Ил Дарханын уонна бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан

Түөрт киһи тыыныгар турбут 60 саастаах киһи сууттанна

Мииринэй куорат 60 саастаах олохтооҕо түөрт киһини өлөрөн сууттанна. Бу туһунан СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр. 2023…

9 часов ago
  • Сонуннар

Ньидьили нэһилиэгэр “Эн, комсомол, мин дьолум” тэрээһин көхтөөхтүк ыытылынна

Хомсомуол үгүс көлүөнэ ыччакка эдэр саастарын аргыһа буолан, сыллар аастахтарын аайы күндүтүйэн иһэр өйдөбүл.  …

10 часов ago
  • Уопсастыба
  • Ыйыт - хоруйдуубут

ЫЙЫТ-ХОРУЙДУУБУТ: Төлүүллэр дуо?

— Оҕом Казахстаҥҥа төлөбүрдээх үөрэххэ киирбитэ. Онно нолуок вычетын хайдах төннөрүөххэ сөбүй? Төрөппүт ыйытыытыгар Арассыыйа ФНС…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тыл чөлүн тутааччы – сахалыы саҥабыт

Сэтинньи 6 күнүгэр үлэ бэтэрээнэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Тыл билимин хандьыдаата, Арассыыйа Бэдэрээссийэтин Билимин…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

“Этнография улахан дьыктааныгар” ыҥыраллар

Норуоттар сомоҕолоһууларын күнүн көрсө, сэтинньи 2 күнүгэр “Арассыыйа – мин устуоруйам” түмэлгэ “Этнография улахан дьыктааныгар”…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

“Тарат” кэпэрэтиип тиҥэһэлэри атыыласта

Быйылгы кыстыкка Мэҥэ Хаҥалас улууһун “Тарат” кэпэрэтиибэ 64 тиҥэһэни атын хаһаайыстыбалартан атыыласта. Ол курдук, Бүлүүттэн…

12 часов ago