Анатолий Бурнашев: «Билиҥҥи үйэҕэ сүрэхтээх, үлэһит буоларга иитиэх­хэ наада»

Анатолий Бурнашев: «Билиҥҥи үйэҕэ сүрэхтээх, үлэһит буоларга иитиэх­хэ наада»

25.02.2024, 11:00
Хаартыска: оскуола тус архыыбыттан.
Бөлөххө киир:

Саха эстрадатын ырыаһыта Анатолий Бурнашев уол оҕону иитиигэ улахан болҕомтотун уурар. Ол курдук, уонча сыллааҕыта уол оҕону төрүт үгэскэ иитэр сахалыы «Сахат» диэн оскуоланы арыйбыта. Биһиги куорат киинигэр турар алын сүһүөх кылаас оҕолоро үөрэнэр оскуолаларыгар тиийдибит.

 «Аһаабытым алгыс буоллун, сиэбитим сэниэ буоллун!»

Биһигини оскуола дириэк­тэрэ Сардаана Васильевна Третьякова уонна дириэктэри иитэр үлэҕэ солбуйааччы Раиса Петровна Романова көрүстүлэр.  Сарсыарда уон саҕана оҕолор бастакы уруоктара бүтэн, бары остолобуойга аһыыр кэмнэригэр түбэстибит. Оскуола бэ­­йэтэ туспа ас астатар сирдээх. Онон филиалларга бэлэм буспут итии аһылыгы оруобуна бириэмэтигэр аҕалаллар эбит. Дьоҕус остолобуойга бастакы кылаас уолаттара сахалыы эҕэрдэлэһэн киирэн кэллилэр. Кинилэр кэчигирэһэн оло­роот: «Аһаабытым алгыс буоллун. Сиэбитим сэниэ буоллун!» диэн биир тэҥник саҥараат аһаан мотуйбутунан бардылар. Биһиги салгыы кылаастары кэрийэн көрдүбүт. Арай паарта ахсын тэбис-тэҥ үрүсээктэр ыйаммыттар. Онуоха Сардаана Васильевна: «Оскуолабытыгар оҕо үөрэнэр үрүсээгиттэн тэтэрээтигэр, уруучукатыгар үөрэтэр тэтэрээтигэр, кинигэтигэр тиийэ хааччыйабыт. Оҕолорбутун күҥҥэ үстэ итии аһылыгынан аһатабыт, саахымат, дуобат, лепка, каллиграфия, уруһуй, успуордунан дьарыктаныы барыта баар», – диэн кэпсии-кэпсии кылаас­тарынан сырытыннарар.  Сынньалаҥ кэмигэр биир да оҕо төлөпүөҥҥэ хатанан олорорун көрбөтүм. Хайдах эрэ урукку бэйэм оҕо сааһым саҕанааҕы уу сахалыы кэпсэтэр сэргэх эйгэлээх кэми санатан ылла.

Хаартыска: оскуола тус архыыбыттан.
Муус ылыы, муҥха уонна хайыһар

Оскуолаҕа физкултуура уруо­гар сүрүн болҕомто ууруллар. Оскуолаҕа сэттис сылын физкултуура учууталынан ха­­йыһарга успуорт маастара Егор Яковлевич Моссоенов үлэлиир. Улахан кылаас уолаттарын дьарыктыыр. Оттон алын сүһүөх кылаас уолаттарын Айаал Михайлович Свинобоев диэн учуутал үөрэтэр. Учууталлар уолаттары бассейҥҥа сырытыннараллар. Онон кыһыннары харбыыллар, таһырдьа -30 кыраадыска диэри күн ахсын таһырдьа сылдьаллар, саас кулун тутар ыйтан хайыһардыыллар эбит.  Оҕолору күһүн муус ылыыта, муҥха курдук дьиҥ саха эр киһитин дьарыгар үһүс кылаастан сырытыннаран саҕалыылларын биһирии санаатым. Бу дьарыгы куорат усулуобуйатыгар оннооҕор төрөппүт быыс булан оҕотугар тэрийэр кыаҕа суох буолар. Оскуола сүрүн сыала-соруга – оҕоҕо сахалыы эйгэни тэрийии. Ол оҕолор аһылыктарыгар эмиэ көстөр. Төрүт саха аһылыгын аһаан оҕо күүс-сэниэ эбинэр. Ол туһуттан улуус­тарга баар ТХПК-ры кытта дуогабардаһан эт, арыы, үрүҥ ас атыылаһан менюга киллэрбиттэрин остолобуой үлэһитэ оҕолорго сарсыардааҥҥы аһылыктарын кута туран сырдатта: «Күн ахсын эт, ис миинэ, ынах арыыта, үрүҥ ас. Күһүн учууталлар оҕолору кытта айылҕаҕа сылдьан дөлүһүөн хомуйан, кыһыннары утах иһэллэр».  Биири бэлиэтии көрдүм: учууталтан остолобуой үлэһитигэр диэри биир тыынынан, биир санаанан үлэлиир буолан, оҕолорго чахчы сахалыы сымнаҕас эйгэни үөскэппиттэр эбит.

Айылҕа хаамыытынан үөрэнии уонна сынньаныы

Бу оскуолаҕа күһүҥҥү, сааскы сынньалаҥнар диэн суохтарын истэн соһуйдум. Онтум оҕолор ахсынньы 15 күнүттэн олунньу 1 күнүгэр диэр сынньаналлар эбит. Тоҕо маннык эрэсиимнээхтэрин сураспыппар, маннык сырдаттылар. Саха оҕото кыһын күн кылгас кэмигэр, хараҥаҕа утуйар туруктаах сылдьар эбит. Маны учуонайдар быһаарбыттар. Сарсыарда хараҥаҕа эрдэ туран үөрэнэ кэлэрэ доруобуйатыгар охсуулаах буолуон сөп. Маны таһынан, үөрэнэр, эбии дьарыктанар буоллаҕына, иммунитета мөлтөөн, ыалдьыан да сөп эбит. Ол иһин манна айылҕа хаамыытынан үөрэтэллэр. Балтараа ый күүс эбинэн, уутун ханан баран олунньуттан чэпчэкитик үөрэнэр кыахтааҕын туһунан Сардаана Васильевна Раиса Петровналыын сааһылаан кэпсээтилэр.

Хомурах хаарынан хаамыы, сибиэһэй салгынынан тыыныы

Сибиэһэй салгынынан тыыныы туһунан эттэххэ дөбөҥ. Ол эрээри, куорат усулуобуйатыгар оҕо наай гыннар оскуолатыгар диэри хаамыа. Үөрэх кэнниттэн кэлэн уруок ааҕан баран гаджекка хатанар. Оттон сибиэһэй чэбдик салгын? Хомойуох иһин, билигин салгына суох таас оскуолаҕа оҕолор салгын сиэбэккэ, күнү-күннүктээн үөрэнэллэр. Оттон манна муус устар ыйтан хомурах хаарынан хаамыы, чэбдик салгынынан тыыныы саҕаланар. Үөрэх кэнниттэн учууталлар оҕолору илдьэ салгын сии, чэбдигирэ Күөх хонууга бараллар.

Хаартыска: оскуола тус архыыбыттан.
Оскуола кэлэктиибэ эдэр

Улахан кылаас уолаттарын үксүн эр дьон  учууталлар үөрэтэллэр эбит. Ол курдук, төрүт култуура уруогун уолаттарга Ньургун Бэчигэн үөрэтэр. Маны сэргэ, ХИФУ устудьуоннара кэлэн быраактыкаланаллар, оҕолору кытта ыкса үлэлэһэн идэлэрин таба тайаналларыгар эмиэ олук уурулларын бэлиэтии көрдүм. Оскуола кэлэктиибэ эдэр, орто саастара 26-35 .

“Оҕону сүрэхтээх, үлэһит буоларга иитиэххэ”

Анатолий Бурнашев, сахалыы тыыннаах уол оҕо оскуолатын төрүттээччи:

Хаартыска: оскуола тус архыыбыттан.

– Төрөппүт билигин оҕону ханнык баҕарар ха­­йысхаҕа уһулуччу оҥорорун  дуу, са­­йыннарарын дуу бэ­­йэтэ бы­­һаарар. Талааннаах, дьоҕурдаах, удьуор оҕолор баар буолаллар. Ол эрээри, билиҥҥи үйэҕэ сүрэхтээх, үлэһит буоларга иитиэх­хэ наада. Ылсыбыт дьыалатын тиһэҕэр тиэрдэр, бүтэрэр-оһорор, сатабыллаах оҕону иитэн таһаа­рыахтаахпыт. Төрөөбүт дойдуга таптал диэн өйдөбүлгэ иитэ сатыыбыт уонна… Таилаҥҥа, Европаҕа илдьэ барабыт. Оннук буолумуон наада. Биһиги, бастатан туран, төрөөбүт дойдуга тапталы иҥэрии үлэтин бэйэбит ытык сирдэрбитин көрдөрүүттэн саҕалыахтаахпыт. Холобур, Амма, Алдан эбэлэр кэрэ айылҕатын, Харама  хайатын о.д.а. кэрэ айылҕалаах сирдэри көрдөрүөхтээхпит. Дьэ, ол эрэ кэнниттэн Алтай, Тыва, Кавказ хайаларын көрүөхтэрин сөп. Төрөөбүт дойдутун кэрэтин ситэ билэ-көрө илик оҕоҕо тута омук сирин, муораны көрдөрөн, атын эйгэнэн толорон кэбиһэбит. Ол кэннэ хантан атыны ылыныай? Оҕо иитиитэ – олус уустук, сыралаах үлэ. Хас биирдии ийэ, аҕа, хас биирдии саха ыала оҕо иитиитигэр күүскэ үлэлэһэр кэмэ кэллэ. Аан бастаан тэлгэһэбит иһиттэн саҕалыахтаахпыт. Оччоҕуна эрэ дьиҥнээх дойдуга бэриниилээх саха ыччатын иитэн таһаарыахпыт.

Киэһэ биирдэ бараллар

Сардаана Третьякова, оскуола дириэктэрэ:

– Оскуолабыт үлэлээбитэ ахсыс сыла буолла, уолаттары, кыргыттары арааран үөрэтэр. 250 оҕо үөрэнэр, уола – 200  кэриҥэ, кыргыттар арыый аҕыйахтар. Кыргыттары бастакы кылаастан төрдүскэ эрэ диэри үөрэтэбит, уолаттары ахсыс кылааска диэри үөрэтэ сылдьабыт. Ахсыстарбыт салгыы үөрэнэн манна, бэйэбитигэр, оскуоланы бүтэриэхтэрэ. Уопсайа түөрт филиал­лаахпыт. Манна, Кулаковскай аатынан уулуссаҕа баар филиалбытыгар, бастакы, иккис кылаас уолаттара үөрэнэллэр. Оҕолор сарсыарда кэлэн баран киэһэ биирдэ бараллар. Эрэсиим туһунан кэпсиир буоллахха, эбиэккэ диэри – уруоктар, онтон киэһэ – эбии дьарыктар.

Уол оҕону иитиигэ сүрүн болҕомтону уурабыт

Раиса Романова,  дириэктэри иитэр үлэҕэ солбуйааччы:

Хаартыска: оскуола тус архыыбыттан.

–Биһиги үөрэҕи уонна оҕо сатабылын сайыннарыыны тэҥҥэ дьүөрэлии тутабыт. Тоҕо диэтэххэ, куорат эйгэтигэр уол оҕону иитии уустуктардаах буолуон сөп. Ол иһин биһиги саас хортуоппуй олордон, күһүн хомуйан оҕолорбутун үлэнэн иитэргэ дьулуһабыт. Ол хортуоппуйбут кыһыннары оҕолорго аһылык буолар. Уолаттарбытын муҥхаҕа сырытыннарабыт. Боруода аттары иитэр көньүүһүнэҕэ сырытыннарабыт. Маныаха сүрүн оруолу эр дьон учууталларбыт ылаллар. Уол оҕоҕо дьиҥ саха эр киһитин үлэтин-хамнаһын, сатабылын иҥэрэргэ кыһаллабыт.

Төрөппүттэри ноҕуруускалыы сатаабаппыт. Оннооҕор уолаттарбыт баттахтарын барыкмаахыр кэлэн кырыйан барар. Оҕо уруогун манна ааҕан дьиэтигэр тиийэр, онон киэһэ үрүсээгин хаалларыан да сөп.

Уопсайынан, оҕо үөрэх, билии ыларыгар уонна олоххо сатабыллаах, тирэхтээх буоларыгар үлэлэһэбит.

+1
21
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
2
Бары сонуннар
Салгыы
15 декабря
  • -32°C
  • Ощущается: -32°Влажность: 68% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: