Александр Данилов-Дьулуур Хаан: «Оһуохайбыт баар буоллаҕына саха норуота сайдыа!»
Өрөспүүбүлүкэтээҕи «Оһуохай» түмсүү быйыл улахан дьаныардаах үлэни ыыта сылдьар. Ол курдук, Ил Дархан Айсен Николаев Ыйааҕынан, 2024 сыл ыам ыйын 25 күнүгэр Оһуохай күнэ олохтоммута.
Мантан сиэттэрэн, СӨ Бырабыыталыстыбатын дьаһалынан оһуохай салгыы сайдарыгар улахан барыл бигэргэммитэ. 2035 сылга диэри оһуохайы сайыннарыы, харыстааһын, чөлүгэр түһэрии туһунан Кэнсиэпсийэ ылыныллыахтаах, оһуохай этээччилэр Ил Дархан истипиэндийэтин туппуттара уонна да атын араас таһымнаах тэрээһиннэр ыытылыннылар, тэриллэ сылдьаллар.
«Оһуохай» түмсүү салайааччыта Александр Данилов-Дьулуур Хаан:
— Биһиги, түмсүү салайааччылара: “Ытык оһуохайбыт сайыннаҕына, саха норуотугар түмэр күүһү эптэҕинэ, биһиги эмиэ сайдар, кэскиллэнэр, инникилээх буолабыт” диэн бигэ санаалаахпыт, өйдөбүллээхпит.
Ол туһугар өрөспүүбүлүкэбитигэр улахан дьаныардаах үлэни ыыта сылдьабыт. Холобур, нэдиэлэ аайы Сунтаар, Ньурба, Үөһээ Бүлүү уонна да атын улуустарга оһуохай ыытыллар буолла. Сэтинньи 16-17 күннэригэр Бүлүү куоратыгар үҥкүү тылын аатырбыт этээччилэрбит Петров Егор Сидорович, Петров Павел Никифорович, Федорова-Захарова Анна Ивановна сырдык ааттарыгар сүгүрүйэн туран, үбүлүөйдээх сылларыгар аналлаах оһуохай күрэҕэ тэриллиэ.
Соторутааҕыта ыыппыт “төгүрүк остуолбут” түмүгүнэн, оҕолору, эдэр ыччаты оһуохайга үөрэтиигэ хайаан да болҕомто ууруллуута — биһиги түмсүүбүт биир сүрүн хайысхата.
Алтынньы 21-тэн сэтинньи 10 күнүгэр диэри «Оһуохайдаан ойуохха – эһиэкэйдээн тэйиэххэ!» диэн оҕолорго аналлаах өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкурус бастакы түһүмэҕэ буолан ааста. Саха сирин араас муннугуттан барыта 300 оҕо кытынна. Иккис түһүмэҕэ ахсынньы ый 6 күнүгэр ыытыллыаҕа, кыайыылаахтар уу харчынан наҕараадаланыахтара.
Манна даҕатан, Дьокуускай куоракка сэтинньи 17 күнүттэн өрөмүөн үлэтин кэннэ саҥардыллыбыт Арчы Дьиэтигэр баар түһүлгэбитигэр өрөбүл аайы ыытыллар үгэс буолбут оһуохайга ыҥырабыт.
Ытык оһуохайбыт өссө сайыннын, уруйданнын! Дом!
Дмитрий ОКОНЕШНИКОВ-СУЛУСХАН
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: