Быйылгы халаан уута Нам улууһун Маймаҕа нэһилиэгин 100% ылан, өрөспүүбүлүкэ дьонун соһуппута, аймаабыта. Бастакы уолуйуу кэнниттэн өр буолбакка, Нам улууһун диэки волонтердары, гуманитарнай көмөнү тиэммит массыыналар субуспуттара.
Маймаҕа нэһилиэгин баһылыга Александр Егоров ол түбүктээх күннэри маннык ахтар:
— Уу түүн киирбитэ. Дьону ыксалынан сыбаайаҕа турар КСК дьиэтигэр көһөрүү саҕаламмыта. Бу саамай ыксаллаах түгэҥҥэ “Намкоммунтеплоэнерго” тэрилтэттэн 4 уол лодкалаах кэлэн, эвакуацияҕа көмөлөһөн киирэн барбыттара. Оттон ЫБММ быыһыыр сулууспатын 2 уола кэлбитэ. Онон олохтоохтору кытта ким туох лодкалааҕынан киһини барытын КСК-ҕа көһөрөн, этэҥҥэ бука бары быыһаммыппыт. Суолбут алдьанан турара, ол кэмҥэ ЫБММ үлэһиттэрэ “Бурлак” вездеходунан ууну, аһы, дьону таһан киирэр барбыттара. Ыам ыйын 20 күнүттэн саҕалаан, өрөспүүбүлүкэттэн араас гуманитарнай көмө, улуус дьаһалтатыттан ГСМ, бэнсиин, сэлээркэ киирэн барбыттара. “Сахатранснефтегаз” үлэһиттэрэ тута кэлбиттэрэ.
Ил Дархан ууга барбыт нэһилиэктэргэ министиэристибэлэри куратордарынан анаабыта. Маймаҕаҕа Бырамыысыланнас уонна геология миниистирин солбуйааччы Антон Андросов ананан, быһаччы көмө бөҕөнү оҥордо. Бырабыыталыстыба өттүттэн болҕомто улахан, аҥардас Маймаҕаҕа бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччылар түөртэ тахса сырыттылар. Куораттан бары министиэристибэлэр, биэдэмистибэлэр, араас тэрилтэ үлэһиттэрэ тахсан, олохтоохторго көмө бөҕөтүн оҥордулар. Дьонноох-сэргэлээх, ыарахан түгэҥҥэ соҕотох хаалбат эбиппит диэн бөҕөхтүк санаммыппыт.
Билигин бастакы уолуйуу ааһан, олох оннугар түһэн эрэр. Хоромньу барыта ааҕыллан, докумуоннар оҥоһуллан ыытылыннылар, билигин дьон-сэргэ төлөбүр түһэрин кэтэһэр. Тутуу матырыйаалын биһиэхэ ыараппаттарын туруорсабыт, бытовой тиэхиньикэни, миэбэли барытын саҥаттан атыылаһарга күһэллэбит.
Маймаҕа оскуола-саадыгар уу дьиэ үрдүгэр 20 см эрэ тиийбэттии киирбит этэ, ФАП дьиэтэ эмиэ бүтүннүү барбыта. Онон иккиэн саҥаттан тутуллар буоллулар. Быйыл тутуулара саҕаланан, эһиил үлэҕэ киириэхтээхтэр. Онон биир үөрэх дьылын устата оҕолорбут КСК-ҕа үөрэниэхтэрэ, ФАП эмиэ онно үлэлиэ.
Хомойуох иһин, дьэ кыаҕыран эрэр хаһаайыстыбаларбыт улахан охсууну ыллылар. Уопсай төбөнөн 19 кыра сүөһү ууга былдьанна, сылгылаах хаһаайыстыбабыт конебазата, сылгылара барыта бардылар. Ол эрээри “АККОР” өрөспүүбүлүкэ фермердэрин, ТХПК түмсүүлэрэ хоромньу тахсыбыт ыалларыгар сүөһү биэрэн көмөлөстүлэр. Бу күннэргэ бааһынай хаһаайыстыбалар 20 куул сиэмэ хортуоска аҕалбыттарын, ыалларынан түҥэттибит. Сайыҥҥы уубут ситимин бу күннэргэ холбуохпут.
Дьэ ситинник, маннык эрэ кыһалҕа ааҥныа диэн сэрэйбэккэ олорбут дьоҥҥо уустук тургутуу буолан ааста. Дьоммут-сэргэбит көмөтүнэн олохпут урукку укулаатыгар сотору кэминэн киириэхпит диэн эрэллээхпит. Түмсүүлээх норуот буоларбытын бу халаан өссө төгүл бигэргэттэ. Барыгытыгар Маймаҕа нэһилиэгин дьонун аатыттан барҕа махталбытын тиэрдэбин!”
Хаартыскаҕа: Маймаҕа куратора Антон Андросов (уҥаттан иккис) гуманитарнай көмө аҕалла.
Ахсынньы 15 күнүгэр Чэй күнэ бэлиэтэнэр. Онон, маннык тымныы, туманнаах күҥҥэ итии чэйдэ иһиэҕиҥ! Былыр,…
Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Саха сирин үгүс улуустарыгар хаар түһэрэ күүтүллэр диэн УГМС иһитиннэрэр. Хоту,…
"Биисинэс-Экспо" урбаанньыттар быыстапкалара 2010 сылтан ыла ыытыллар буоллаҕына, Вера Лиханова бу тэрээһиҥҥэ 2019 сылтан ыла…
Ньурба улууһун Хорула нэһилиэгин Е.К. Федоров аатынан орто оскуолатыгар 204 саастаах алтан чуораан баар. "2020…
Ахсынньы 14 күнүгэр Саха сирин Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дмитрий Садовников Горнайга Атамайдааҕы элбэх өҥөнү…
Сир үрдүгэр эҥин араас дьикти, дьиибэ элбэх. Икки атахтаах ону сэргиир, сэҥээрэр, сорох онтон дьиксинэр,…