Александр Колесов: Дойдубут самныбат саргылаах, сайдар кэскиллээх
Арассыыйа Дьоруойа Александр Колесов пууҥҥа кэлэн илии баттаата.
Манна илии баттыан баҕалаахтар бүгүн сарсыардаттан пууҥҥа элбэхтэр. Пуун арылларын кытары уон биэс мүнүүтэ иһигэр сүүрбэттэн тахса киһи сырытта. Ити курдук пууҥҥа илии баттыы кэлээччи элбэх. Ол курдук, үлэ дьоҕус кэлэктииптэрэ, бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор ыал, устудьуоннар хампаанньанан, уо.д.а. кэлэллэр. Бүгүн судаарыстыба билиҥҥи баһылыгын өйөөн илии баттаары Арассыыйа Дьоруойа Александр Колесов кэллэ. Кини былырыын Арассыыйа бэрэсидьиэнин кытта сирэй көрсөн турар. Колесов Арассыыйа доброволецтарын ортолоруттан биир бастакынан байыаннай дьайыыга кыттыытын иһин, Владимир Путин илиититтэн «Арассыыйа Дьоруойа» сулуһу тутан турар.
Александр Колесов Владимир Путины аныгы үйэҕэ аан дойду биир бастыҥ политигынан ааттыыр. Соторутааҕыта биэрбит интервьютугар Арассыыйа Дьоруойа маннык к88стээх, мындыр салайааччылаах буоламмыт, дойдубут самныбат саргылааҕын, күүстээҕин бэлиэтээбитэ. Колесов бутуурдаах тоҕус уонус сыллары саныыр итиэннэ Владимир Владимирович биһиги дойдубутугар муҥура биллибэт үтүөнү оҥорбутун, дойдубут күүскэ уларыйбытын тоһоҕолоон бэлиэтиир. Арассыыйа Дьоруойа Александр Колесов кэлэр кэскилгэ, Арассыыйа иннин диэки дьулуурдаахтык барарыгар уонна сайдарыгар эрэнэр.
Санатан эттэххэ, «Бүтүн Арассыыйатааҕы норуот фрона» ыччат актыыбын көҕүлээһининэн аһыллыбыта. Манна ОНФ волонтердара үлэлииллэр. Пууҥҥа ким баҕарар кэлэн илии баттыан сөп. Пуун “Столица” эргиэн дьиэтин бастакы этээһигэр баар. Аадырыһа: Ленин уул., 16. Күн аайы 10.00 – 20.00 ч. диэри үлэлиир.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: