Александр Колесов: «Владимир Путин кыайыыта — дойду бигэ сайдыытын мэктиэтэ»

Александр Колесов: «Владимир Путин кыайыыта — дойду бигэ сайдыытын мэктиэтэ»

18.03.2024, 10:38
Хаартыска: УлусМедиа.
Бөлөххө киир:

Арассыыйа Дьоруойа, байыаннай дьайыы кыттыылааҕа Александр Колесов этэринэн, бэрэсидьиэн быыбарыгар Владимир Путин бигэтик кыайыытын Арассыыйа олохтоохторо да, аан дойду болҕомтолоох кэтээн көрөөччүлэрэ да эрэнэр, билэр этилэр. 

Александр Гаврильевич этэринэн, Арассыыйа сайдыыта, аан дойдуга балаһыанньата бөҕөргөөһүнэ, бэлиитикэ киһиэхэ туһаайыллыбыта, экэниэмикэ сайдан иһиитэ — бу барыта Владимир Путин тус уонна дьыалабыай  хаачыстыбалара суох кыаллыа суох этэ.

Кини Владимир Путин саҥа бэрэсидьиэн буоларыгар дойдубут хайдах туруктаах эбитин санатта:

— Арассыыйаны ол саҕана олигархтар халаан, үллэстэн олороллор этэ. Владимир Владимирович судаарыстыбаны бэрээдэктээн, дойду тобуктаан олорбутун туруорбута. Мин онтон олус сөҕөбүн уонна киэн туттабын! Путин стратег, уонунан сыллары өтө көрөн, инникигэ сирдиир. Кини күүстээх, сайдыылаах дойдуну, үгэстэргэ олоҕурбут сиэрдээх уопсастыбаны тутар. Улуу дойдубут инникитигэр уонна киниэхэ эрэнэбит!

«УлусМедиа».

+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
23 ноября
  • -24°C
  • Ощущается: -30°Влажность: 77% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: