Александр Миронов: “Байыаннай дьайыы кыттыылаахтара Владимир Путин көмөтүнэн улахан өйөбүллээхтэр»

Share

Байыаннай эпэрээссийэҕэ инники кирбиигэ сылдьар байыастарга өйөбүл уонна байыаннай дьайыыттан кэлбит дьоҥҥо көмө туһунан Москва чугаһыгар баар “Патриот” кииҥҥэ дьүүллэстилэр.

Манна «Сулууспалааһын» марафон чэрчитинэн “Ыстааллааҕар күүскэ” диэн көрсүһүүгэ дойдуттан барытыттан муниципальнай үлэһиттэр кэллилэр. Көрсүһүүгэ РФ дьоруойдара, ону сэргэ байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын ийэлэрэ, кэргэттэрэ уонна оҕолоро кытыннылар.

Кинилэр ортолоругар байыаннай эпэрээссийэ бэтэрээнэ уонна Уус Маайа оройуоннааҕы сэбиэтин дьокутаата Александр Миронов баар. Александр байыаннай олоҕо 2007-2008 сылларга Хотугу Кавказка контртеррористическай эпэрээссийэҕэ сулууспаттан саҕаламмыта. Онтон Ангарскайга миинэни ыраастааһыҥҥа үөрэммитэ уонна Краснодарскай кыраайга тактическай бэлэмнэниини ааспыта. Байыаннай эпэрээссийэ саҕаламмытыгар кинини байыаннай бэлэмнэниигэ инструкторынан анаабыттара,  онтон байыаннай дьайыы буола турар сиригэр кимэн киирэр  рота хамандыырынан барбыта. 2023 сыллаахха хантараага бүтэн, дойдутугар эргиллибитэ.

            Александр Миронов  этэринэн, “Ыстааллааҕар күүскэ” көрсүһүүгэ патриотизм уонна байыаннай дьайыылар кыттыылаахтарын өйөөһүн боппуруостарын дьүүллэстилэр. Александр бэйэтэ бу хайысхаҕа Уус Маайа улууһугар элбэх үлэни ыытар.

Кини бэлиэтээн эппитинэн, байыаннай дьайыы кыттыылаахтара Владимир Путин көмөтүнэн улахан өйөбүллээхтэр.

Александр: «Сүрүн главнокомандующай Владимир Путин – аан дойду хабааннаах  киһи. Байыаннай эпэрээссийэ бэтэрээннэрэ уонна кыттыылаахтара элбэх чэпчэтиинэн туһаналлар. Владимир Путин бэйэтин Анал этиитигэр дойдуну көмүскээччилэр сүрүн үрдүк үөрэх кыһаларыгар үрдүк үөрэҕи бастакынан ылар кыахтаахтарын туһунан эппитэ. Бу – биһиги байыастарбытыгар улахан өйөбүл”, — диэн Александр Миронов эттэ.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

Олох амтанын сүтэримэҥ

Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өлүүнү кыайбыт улуу саллаат

Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут.  Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри  оҥостор  киһибит …

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Одунуга айрширскай боруодалаах бастакы ньирэй күн сирин көрдө

Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…

3 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

ОНЛАЙН: Сахалыы киинэлэри босхо көрүҥ

"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Саха киинэтэ салгыы хайдах сайдыаҕай?

Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…

3 часа ago
  • Сонуннар

ВИДЕО: Нейросеть Дьыл Оҕуһун оҥордо

Нейросеть Дьыл Оҕуһун оҥордо диэн ЯкутияDaily иһитиннэрэр: https://t.me/yakutiadaily/45038

4 часа ago