Александр Жирков саха тылын учууталларын сийиэһигэр бэлэмнэниини дьүүллэстэ

Share

Алтынньы 31 күнүгэр Ил Түмэн Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы,  «Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр тыллар тустарынан» сокуон ылыллыбыта 30 сылын бэлиэтээһини тэрийэр хамыыһыйа бэрэссэдээтэлэ Александр Жирков саха тылын, литературатын уонна култууратын учууталларын II өрөспүүбүлүкэтээҕи сийиэстэригэр анаммыт сүбэ мунньаҕы салайан ыытта.

Мунньахха бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников, үөрэх уонна наука миниистирэ Ирина Любимова, тас сибээс уонна норуоттар дьыалаларын миниистирэ Гаврил Кириллин, култуура миниистирин солбуйааччы Вячеслав Левочкин, инновация, сыыппара уонна инфокоммуникационнай технологиялар миниистирдэрин солбуйааччы Георгий Андреев, тустаах тэрилтэлэр салайааччылара, бэрэстэбиитэллэрэ итиэннэ куйаар ситиминэн улуустар баһылыктара, үөрэх управлениеларын  начаалынньыктара кыттыыны ыллылар.

Бэлэмнэнии хайдаҕый?

Үөрэх уонна наука миниистирэ Ирина Любимова саха тылын, литературатын уонна култууратын учууталларын II өрөспүүбүлүкэтээҕи сийиэстэрин  пленарнай мунньаҕа сэтинньи 23 күнүгэр буолуоҕа диэтэ. Сийиэскэ 400 дэлэгээт кыттыаҕа. Сийиэс бырагыраамата, кэнсиэпсийэтэ уонна сүрүн дьаһалларын барыллара оҥоһулуннулар, тустаах хамыыһыйалар тэрилиннилэр, биэдэмистибэлэри кытары сөбүлэһиилэр бэлмнэр диэн кэпсээтэ. Сийиэскэ оскуола эрэ буолбакка, оскуола иннинээҕи саастаах  оҕолор тэрилтэлэрин уонна анал орто, анал үрдүк үөрэх кыһаларын педагогтара эмиэ кытталларын этэн туран,   күннэринэн аттаран туох дьаһаллар былааннаналларын  билиһиннэрдэ.

Култуура миниистирин солбуйааччы Вячеслав Левочкин  сийиэс култуурунай дьаһалларын туһунан сырдатта. Холобур, «Россия – моя Родина» мусуойга «Олоҥхоэкспо» быыстапка, оттон куорат тыйаатырдарыгар элбэх интэриэһинэй тэрээһиннэр былааннаммыт эбиттэр. Национальнай библиотека дириэктэрэ Саргылаана Максимова биэс тылы үөрэтиигэ анаммыт саҥа портал туһунан интерактивнай претентация бэлэмнэнэрин эттэ. ХИФУ иһинэн үлэлиир Хотугулуу-Илиҥҥи норуоттар тылларын уонна култуураларын институтун дириэктэрэ Гаврил Торотоев саха тылын уонна литературатын үөрэтии методикатыгар итиэннэ тылбааска анаммыт дискуссионнай былаһааккалар тэриллэллэрин кэпсээтэ. Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба дьаһалтатын тыл бэлиитикэтигэр управлениетын салайааччы Римма Жиркова сийиэс кэмигэр Ил Дархан Айсен Николаев салалтатынан Тыл сэбиэтин мунньаҕа бэлэмнэнэрин, онно сийиэс дэлэгээттэриттэн кытыннарар туһунан үлэ ыытылларын туһунан иһитиннэрдэ. Мунньах кыттыылаахтара дакылаатчыттарга кэккэ чопчулуур  ыйытыылары биэртэлээтилэр.

Мунньахха киирбит  этиилэр

Сүбэ мунньах кэмигэр сийиэскэ көрүллүөхтэрин сөптөөх хас да саҥа этии киирдэ. Ол курдук,  М.К.Аммосов аатынан ХИФУ иһинэн Олоҥхо институтун дириэктэрэ Руслан Анисимов Арктика аан дойдутааҕы лабораторията 2021 сылтан улуустарга тыл экологиятыгар ыытар социолингвистическэй чинчийиитин туһунан кэпсээтэ.

– Түмүк киһини харааһыннарар: бэл, тыа сирин оҕолоро төрөөбүт тылларыттан тэйэн эрэллэр. Оскуолаҕа буккуллубут тыллаах-өстөөх оҕолор кэлэллэрин учууталлар этэллэр. Биһиги респонденнарбыт, төрөппүттэр, саха тылын 5-8 кылаастарга үөрэтэр кинигэ олус уустугун, оҕо кыайан ылымматын бэлиэтииллэр. Онон, сийиэскэ бу кыһалҕалар болҕомтоҕо туруохтарын наада, — диэтэ.

Саха тылын уонна учууталларын ассоциациятын бэрэссэдээтэлэ Жанна Барашкова саха тылын уонна литературатын учууталын статуһа бигэргэнэрэ уолдьаспытын эттэ. Интернеккэ саха тылын уруоктарын методикатыгар уопуту атастаһарга анаан, быйыл саас  аһыллыбыт «Төрөөбүт тыллар» диэн портал хайдах оҥоһуллубутунан тохтоон турарын, ол сөргүтүллүөн итиэннэ салгыы үлэлиэн наадатын бэлиэтээтэ.

«Ийэ тыл кэскилэ» уопсастыбаннай түмсүү бэрэстэбиитэлэ Вилюяна Никитина сийиэскэ төрөппүттэри кытары үлэҕэ болҕомто ууруллуохтаах  диэтэ, бэйэтэ бу тиэмэнэн сийиэскэ кыттар баҕалааҕын биллэрдэ.

«Бэлэмннии тэтимин күүһүрдүҥ, ис хоһоонун дириҥэтиҥ»

Мунньаҕы түмүктүүрүгэр Александр Жирков сийиэскэ бэлэмнэнии билигин да сөптөөх тэтимин ыла илигин бэлиэтээтэ. Үөрэх уонна наука министиэристибэтигэр итиэннэ сийиэһи бэлэмнээччилэргэ хас да чопчу соругу туруорда.

Бастатан туран, дэлэгээттэр ахсааннарын элбэтэргэ, кыттааччы араҥатын  кэҥэтэргэ эттэ. «2017 сыллаахха ыытыллыбыт бастакы сийиэскэ 550 дэлэгээт, 50 ыҥырыылаах киһи кыттыбыта, билигин 100 киһинэн аҕыйах дэлэгээт былааннаммыт. Тугуй, саха тылын учууталын ахсаана аҕыйаата дуу, эбэтэр аахайыы мөлтөөтө дуу? – диэтэ, Саха театрын саалатын олорор миэстэтигэр сигэниини ылыммата. – Сийиэс Олоҥхо дэкээдэтин, онтон да атын бөдөҥ тэрээһиннэри кытары холбуу ыҥырыллар. Төрөппүттэртэн эмиэ кыттыахтаахтар. Кинилэр тэрээһиннэргэ төһө кыалларынан көхтөөхтүк кыттан, үлэлэригэр туһанар гына дьаһаналларын биһиги хаачыйыахтаахпыт, – диэн туран дэлэгээттэр ахсааннарын элбэтэргэ, онно сөптөөх дьиэни-уоту булан, эрдэттэн бэлэмнииргэ сорудахтаата.

Иккиһинэн, пленарнай мунньах күнүн уларытарга, сэтинньи 23 күнүгэр буолбакка, сэтинньи 25 күнүгэр көһөрөргө эттэ. Сийиэс бастакы күннэригэр «төгүрүк остуоллар», дискуссия былаһааккалара, санаа атастаһыылара тэриллиэхтээхтэр, маастар-кылаастар үлэлиэхтээхтэр. Ити тэрээһиннэр түмүктэрэ уонна  дэлэгээттэр киллэрбит этиилэрэ Пленарнай мунньахха анаан-минээн ырытыллыахтаах, дьүүлгэ туруоруллуохтаах. «Онон пленарнай мунньаҕы сэтинньи 25 күнүгэр ыытыаҕыҥ, регламены уһатыҥ, дакылаатчыттар уонна тыл этээччилэр ахсааннарын элбэтиҥ, чиновниктары эрэ буолбакка, учууталлар уонна түмсүүлэр салайааччыларын санаалара истиллиэхтээх», — диэн этиитигэр мунньах кыттыылаахтара сөбүлэстилэр.

Үсүһүнэн, сийиэскэ сахалыы үөрэтии кэпсиэпсийэтин ис хоһооно дириҥэтиллиэх, чопчуланыах тустаах диэн Александр Николаевич этии киллэриитинэн, 1990-с сыллардаахха оҥоһуллубут уонна билигин бэлэмнэммит кэнсиэпсийэлэр ааптардарын кытары сүбэ мунньаҕы сотору кэминэн ыытарга, кэнсиэпсийэни дьүүллэһиини сийиэс биир сүрүн үлэтин быһыытынан ылынарга быһаарылынна.

Түмүккэ

Александр Жирков сийиэс үлэтин бырагырааматын барылыгар хас да саҥа дискуссионнай былаһаакканы уонна маастар-кылаастары бэлэмнииргэ сорудахтаата. Ол курдук, сийиэс үлэтин кэмигэр  «Айыы кыһата» национальнай гимназияҕа (дириэктэр Лидия Шамаева) уонна Анатолий Бурнашев төрүттээбит чааһынай сахалыы оскуолатыгар маастар-кылаастар  ыытыллыахтара. Сахалыы анимационнай киинэлэри (мульфильмнэри) оҥорууга уонна бэлэм киинэлэри тылбаастыырга, сахалыы үөрэх кинигэлэрин уонна босуобуйалары оҥоруу теориятын, методикатын ырытарга, саха тылын сыыппара технологиятыгар, куйаар эйгэтигэр киллэрэргэ уо.д.а. хайысхаларынан үлэлии-хамсыы сылдьар дьону кытары көрсүһүүлэрин тэрийэргэ эттэ. Маны бэлэмниир сорудах Үөрэх уонна наука министиэристибэтигэр итиэннэ туһааннаах тэрилтэлэргэ бэрилиннэ.

Түмүккэ Ил Түмэн бастакы вице-спикерэ Сийиэскэ бэлэмнэнии чэрчитинэн өссө хас да көрсүһүүнү: саха тылын уонна литературатын 86рэтии кэнсиэпсийэтин дьүүллэһиигэ, кыра дьуонна оскуола саастаах огҕолорго сахалыы эйгэни чугаһатыыга, куорат эйгэтигэр төрөөбүт тылынан үөрэтии боппуруостарыгар тэрийэр санаалааҕын эттэ, ол тэрээһиннэргэ тустаах министиэристибэлэр, тэрилтэлэр көхтөөхтүк кытталларыгар ыҥырда.

Раиса Сибирякова

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Уус Алдан улууһугар бөрө үөрэ сылгыларга кутталы суоһууллар

Соторутааҕыта Уус Алдан улууһун Эһэлээх сэлиэнньэтин таһыгар булчуттар бөрө үөрэ сиэбит сылгы өлүгүн булбуттара. Бу…

8 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Күн-дьыл туруга: күнүс -23°С кыраадыс

Бүгүн, ахсынньы 16 күнүгэр, Саха сиригэр соҕуруу, илин, хотугуу-илин кыралаан хаардыыр, соҕурууттан тыаллаах, Булуҥҥа, Анаабырга…

1 час ago
  • Быһылаан

Дьокуускайга кыбартыыра умайан, биэс киһи эчэйдэ

Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Олох амтанын сүтэримэҥ

Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…

14 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өлүүнү кыайбыт улуу саллаат

Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут.  Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри  оҥостор  киһибит …

15 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Одунуга айрширскай боруодалаах бастакы ньирэй күн сирин көрдө

Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…

16 часов ago