Александр Жирков: Төрөөбүт тылы үөрэтиигэ оскуола суолтатын атын ханнык да тэрилтэ, тэрээһин кыайан солбуйуо суоҕа

Share

Дьокуускайга ЮНЕСКО «Информация для всех» бырагыраа­матын  уонна СӨ Бырабыытылыстыбатын тэрийиитинэн ыытыллыбыт Россия Федерациятын төрүт норуоттарын тылларын харыстыырга аналлаах «Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр тыл бэлиитикэтэ: төрүт омуктар үгэс буолбут билиилэрин харыста­аһын» диэн эрэгийиэннэр икки ардыларына­аҕы научнай-практическай конференцияҕа Ил Түмэн бастакы вице-спикерэ Алек­сандр Жирков өрөспүүбүлүкэҕэ эрэ буолбакка, Россия Федерациятын бүттүүнүн үрдүнэн төрөөбүт тылы харыстааһыҥҥа, чөлүгэр түһэриигэ уон­на сайыннарыыга үлэ бүгүҥҥү түмүктэригэр тохтоото.

«Бүгүҥҥү конференция «Информация для всех» диэн ЮНЕСКО бырагырааматын Арассыыйата­аҕы кэмитиэтин үйэ чиэппэрин кэриҥэ салайбыт, биллэр гуманист, үтүөкэн киһи  Евгений Иванович Кузьмин сырдык кэриэһигэр ананар. Бүгүн кини төрүт тыллары харыстааһыҥҥа туһуламмыт сүрүн санаатын эһиэхэ тиэрдиэхпин баҕарабын. Кини Российскай Федерация норуоттарын төрүт (ми­норитарнай) тылларын илдьэ сылдьааччыла­р ахсааннара көҕүрээн иһэрин, уонна ол көҕүрээһин Россияҕа тыллары харыстыырга аналлаах дьаһаллар ситэтэ суохтарыттан тахсарын туһунан этэрэ. Ити санааны кытта сөбүлэһиэх тустаахпыт», – диэтэ Александр Николаевич.

Россияҕа күн бүгүн олохтоох омуктар төрөөбүт тылларын сүтэрбэттэрин хааччыйыы үс сүрүн тосхолго тирэҕирэн ыытыллар: судаарыстыба өйөбүлэ, общественнай тэрилтэлэр, тэрээһиннэр көмөлөрө уонна дьиэ кэргэн, төрөппүт кыһаллыыта. Бу үс сүрүн тосхолтон биирдэстэрэ эмит мөлтөөн биэрдэҕинэ үлэ барыта атахтанар. Итини этэн туран Александр Жирков кэнники кэмҥэ төрөөбүт тылы үөрэтиигэ эбии ыарахаттар үөскээбиттэрин анаан бэлиэтээтэ. Ол ыарахаттар сүрүн төрүөттэринэн Александр Жирков олохтоох омуктар төрөөбүт тылларын үөрэтии, харыстааһын соруга кэнники кэмҥэ  улам-улам судаарыстыба санныттан общественнай институттарга, дьиэ кэргэнҥэ  сигэниинэн солбуллан эрэрин ааттаата. Ол курдук, саҥардыллыбыт  Федеральнай судаарыстыбаннай үөрэх ыстандаартыгар салайтаран оскуолаларга төрөөбүт тылы үөрэтиигэ көрүллэр чаастары аҕыйатыы баран эрэр. Бу төрөөбүт тылы үөрэтиигэ, харыстааһыҥҥа улахан  харгыс буолуоҕа. «Оҕо тылы саамай ылынар сааһыгар ийэ тылынан ситэ саҥардыбат, харгыстыыр буоллахпытына, кэлин ханныктаах да атын үтүө тэрээһининэн ону солбуйар, оҕо ис эйгэтин, уйулҕатын толорор кыахпыт суох буолуоҕа. Оскуолаҕа  төрөөбүт тылы олохтоохтук үөрэтиини, иҥэриини ханнык да үчүгэй тэрээһин, ханнык да уопсастыбаннай түмсүү солбуйар кыахтара суох», — диэн Ил Түмэн бастакы вице-спикерэ чиҥэтэн бэлиэтээтэ.

Александр Николаевич холобур быһыытынан Сахалин нивхтэрин туһунан эттэ. «Аатырбыт суруйааччы Владимир Санги дойдутугар — Сахалин арыытыгар булдунан, балыгынан ииттинэн олорор нивх норуотун Ноглики бөһүөлэгэр сылдьыбытым. Владимир Михайлович төрөөбүт бөһүөлэгин оскуолатыгар саҥалыы үөрэтии стандартыгар көспүттэрин кэнниттэн нивх тылын үөрэтиини факультатив, кылаас таһынан дьарык таһымыгар көһөрөн кэбиспиттэр. Маннык дьаһаныы сүтэн эрэр тылы букатыннаахтык симэлитиигэ эрэ тиэрдиэн сөп. Итинник көстүү биһиги Сахабыт сиригэр олорор омуктарга эмиэ чугас. Аҕыйах ахсааннаах норуоттар тылларын тилиннэрии, үөрэтии, харыстааһын нивх омук тылын дьылҕатын хатылыа суохтаах».

Түмүгэр Александр Жирков олохтоох омуктары төрөөбүт тылларын үөрэтэр чаастарын аччаппат, чөлүгэр түһэрэр туһунан Россия Правительствотыгар, Россия үөрэҕин министерствотыгар ЮНЕСКО тэрээһиннээх конференция кыттыылаахтарын аатыттан этии оҥорорго уонна ол этиини конференция түмүк резолюциятыгар киллэрэргэ эттэ. «Биһиги өрөспүүбүлүкэҕэ  олохтоох омуктар тылларын  харыстыыр  уонна оскуолаҕа төрөөбүт тылы сүрүн программаҕа киллэрэн, үөрэтэр чаастарын элбэтэр, төрүт тылларынан саҥарар дьону өйүүр чопчу дьаһаллары сүрүннүүр этиини хайаан да оҥоруох тустаахпыт»,- диэн Саха сирин парламенын бастакы вице-спикерэ этиитин түмүктээтэ.

Ит Түмэн пресс-сулууспата

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

«Саха Саарына Сааба»

Сэтинньи 22 күнүгэр Дьокуускай куоракка биир дойдулаахпыт, киэн туттар киһибит, Саха Өрөспүүбүлүкэтин өрөгөйүн ырыатын хос…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Сүппүт дьон көһүннүлэр

Сэтинньи 23 күнүгэр Усуйаанатааҕы ЕДДС Уйаандьы сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччытыттан  икки киһи сүппүтүн туһунан суһал  иһитиннэрии…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Георгий Олесов: “Хас биирдии быһахха алгыспын иҥэрэбин…”

Аммалар күндү күтүөттэрэ, Бөтүҥ нэһилиэгин олохтооҕо, тимир ууһа Георгий Олесов-Дьулус Уус сөбүлүүр дьарыга киниэхэ аҕатын…

4 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Рахманинов саалатыгар муусука көмүс дорҕооно кутулунна

Сэтинньи 19-23  күннэригэр Москваҕа П.И.Чайковскай аатынан консерваторияҕа эдэр пианистарга норуоттар икки ардыларынааҕы II куонкурус үрдүк…

5 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Айталыны саҥа кинигэтинэн эҕэрдэлээтилэр

Соторутааҕыта «Айар Кут сойуус» уонна Нам улууһун «Отуу уота» суруйааччыларын, хоһоонньуттарын түмсүүлэрин чилиэнэ, үлэ бэтэрээнэ…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Арахсыы сүрүн төрүөттэрэ тугуй?

Былыр-былыргыттан  сахалар оҕо төрөөн киһи-хара буолуор диэри оҕолорун олохторун ырыҥалыыллара. Саастарын ситтилэр даҕаны ыал оҥортуурга…

7 часов ago