Алексей Чекунков “Муравьев-Амурскай 2030” бырагыраама выпускниктарын кытта көрүстэ
Уһук Илиҥҥэ выпускниктар туох соруктары, ыҥырыылары көрсөллөрүн дьүүллэстилэр
Москваҕа “Муравьев-Амурскай 2030” Уһук Илиҥҥэ госсулууспаҕа анаан каадырдары бэлэмниир бырагыраама выпускниктарын бастакы сүлүөтэ буолла. Сэтинньи 17 күнүгэр кинилэри кытта РФ Уһук Илини сайыннарар министиэристибэ баһылыга Алексей Чекунков көрүстэ. Уһук Илиҥҥэ кэлбит выпускниктар туох соруктары, ыҥырыылары көрсөллөрүн, эрэгийиэн сытыы кыһалҕаларын быһаарар хайысхаларын, үлэҕэ киириини, бырагырааманы тупсарыыны дьүүллэстилэр, диэн бырагыраама пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
2,5 сыл устатыгар бырагырааманы 96 киһи үөрэнэн бүтэрдэ. Үгүстэр Уһук Илиҥҥэ дьиэ кэргэннэрин кытта көспүттэр, эрэгийиэннээҕи былаас уорганнарыгар 41 киһи, муниципалитекка 4 киһи, үрдүк үөрэх кыһаларыгар 12 киһи, федеральнай структураларга 5 киһи үлэлиир. Атыттар эрэгийиэннэр кадровай резервэлэригэр киирэн, ханна ананалларын кэтэһэн олороллор. Бырагыраама выпускниктара экэниэмикэни, куорат инфраструктуратын, тутууну, оҥорон таһаарыыны, социальнай эйгэни, үөрэхтээһини сайыннараллар.
Сүлүөккэ бырагыраама настаабынньыктара – Уһук Илини, Арктиканы сайыннарар корпорация, «Востокгосплан» ФАНУ салайааччылара кытыннылар, выпускниктары кытта бэйэлэрин уопуттарын атастастылар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: