Алексей Еремеев: «Сенатор быһыытынан бэйэтин дьоһуннаахтык көрдөрүө, үлэлиэ-хамсыа диэммит эрэнэбит»
Бүгүн Ил Түмэн иккис пленарнай мунньаҕар Арассыыйа Федерациятын Саха сириттэн сенаторын таллылар. Ол туһунан Ил Түмэн спикерэ Алексей Еремеев бу курдук кэпсиир:
— Биһиги бүгүн Сахамин Афанасьевы кистэлэҥ куоластааһынынан үрдүкү балаатабытыгар — Федерация Сэбиэтигэр Ил Түмэн бэрэстэбиитэлин таллыбыт. Сахамин Миланович салайар үлэҕэ улахан уопуттаах киһи, ол курдук хотугу улуустарга баһылыгынан, Айылҕа харыстабылын миниистиринэн үлэлээбитэ. Ааспыт алтыс ыҥырыылаах Ил Түмэҥҥэ Халыма-Индигиир уокуругуттан норуот дьокутаатынан талыллан сис кэмитиэккэ бэрэссэдээтэлинэн ситиһиилээхтик үлэлээбитэ. Сэттис ыҥырыыга кини быыбардааччыларын 70% куоластарын ылан талыллыбыта.
Бүгүн биһиги Сахамин Афанасьевы Ил Түмэн уонна Бырабыыталыстыбатын интэриэстэрин көмүскүө уонна сенатор быһыытынан бэйэтин дьоһуннаахтык көрдөрүө, үлэлиэ-хамсыа диэммит таллыбыт. Сахамин Миланович саха киһитэ буоларын быһыытынан төрөөбүт дойдутун интэриэһин күүскэ көмүскүөҕэ уонна туруорсуоҕа диэммит эрэнэбит.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: