Алевтина Аргунова: “Саха сиригэр байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр оҕолоругар көмө миэрэлэр салҕаналлар”
Тохсунньу 10 күнүнүгэр биэрбит брифинигэр Үөрэх уонна билим миниистирин бастакы солбуйааччы Алевтина Аргунова “Байыаннай эпэрээссийэ ыытыллар кэмигэр байыастарга уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр өйөбүл миэрэлэр туһунан” Ил Дархан 80-с нүөмэрдээх ыйааҕар олоҕуран, өйөбүл миэрэлэр салҕаналларын бэлиэтээтэ.
“Күн бүгүн 1551 дьиэ кэргэн муниципальнай уһуйааннарга оҕону көрүү-истии иһин төрөппүт төлөбүрүттэн босхолонно. 5-11 кылаас 1545 үөрэнээччитэ босхо аһылыгынан хаачыыллар. Оҕону чэбдигирдэр лааҕырдарга 6 сыл 6 ыйыттан 18-гар диэри саастаах оҕолорго босхо путевканы көрөр туһунан быһаарыы ылылынна”, — диэн миниистири бастакы солбуйааччы бэлиэтээтэ.
Сайабылыанньаны урукку курдук “Мин докумуонум” (МФЦ) офиска тиийэн эбэтэр е-якутия судаарыстыбаннай өҥө порталын нөҥүө биэриэххэ сөп.
Сиһилии информацияны өрөспүүбүлүкэтээҕи Үөрэх уонна билим министиэристибэтин “горячай лиинньийэ” 506-989 нүөмэригэр төлөпүөннээн ылыаххытын сөп.
Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: