Алматыга саха муусукатын үнүстүрүмүөннэрин билиһиннэрдилэр
Саха сирэ Алматы куоракка Ыхлас аатынан муусука норуодунай үнүстүрүмүөннэрин мусуойугар саха эдэр маастара Амаантай Григорьев оҥорбут күпсүүрүн, сиксиирин уонна ытыгыйын, ону сэргэ Руслан Габышев кырыымпатын бэлэхтээтилэр.
Бүгүн Казахстааҥҥа Саха сирин күннэрин чэрчитинэн Алматы куоракка Саха сирин муусукатын уонна фольклорун мусуойун пуондуттан “Чарующие звуки предков” көһө сыһа сылдьар быыстапка аһылынна.
Тэрээһин кыттыылаахтара виртуоз-мусукааннар Руслан Габышев, Анна уонна Афанасий Томскайдар уо.д.а. толорууларын олус сэргээтилэр. Ыалдьыттар саха омугун үнүстүрүмүөннэрин туһунан лиэксийэни олус сэргээтилэр, ким баҕалаах бу үнүстүрүмүөннэргэ оонньоон көрөр кыахтанна.
Алматы култуураҕа управлениетын салайааччы Гани Майлыбаев Саха сирин култууратын билиһиннэрбиттэригэр махтанна.
“Дойду мусуойдарын сайыннарыы уонна улахан былааннары олоххо киллэрии хардарыта бииргэ үлэлээһинтэн тутулуктаах. Биһиги олохтоммут сыһыаны олус сыаналыыбыт уонна хардарыта бииргэ үлэлээһин икки дойду култуурата сайдарыгар көмөлөһүөҕэр эрэнэбит”, — диэтэ Г.Майлыбаев.
Санатан эттэххэ, Казахстааҥҥа Саха сирин күннэрэ Казахстаан Өрөспүүбүлүкэтин Бэрэсидьиэнэ Касым-Жомарт Токаев уонна СӨ Ил Дархана Айсен Николаев икки ардыларыгар 2023 сыл тохсунньуга көрсүһүүлэригэр түһэрсибит дуогабардарынан ыытыллаллар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: