АЛРОСА. Чэгиэн олох – кэлэр көлүөнэҕэ сүрүн бырайыак
Саха сирин олохтоохторун репродуктивнай доруобуйаларын уонна кырачааннар доруобуйаларын харыстааһын эрэгийиэн бэлиитикэтин болҕомтотугар сылдьар.
Сэдэх («узкай») идэлээх быраастар тиийбэттэриттэн сылтаан, өссө хас да сыллааҕыта ыраах сытар, холобур, Арктика улуустарыгар, мэдиссиинэ үрдүк таһымнаах көмөтүн туһанар кыах суоҕа улахан кыһалҕаҕа кубулуйбута. Омук генопуондатын тупсарарга хамсааһыны таһаарар туһугар ийэ уонна оҕо доруобуйатын харыстааһын «Арассыыйа ийэлэрэ» Бүтүн Арассыыйатааҕы уопсастыбаннай хамсааһын Саха сиринээҕи отделениетын сүрүн үлэтинэн буолбута. Өрөспүүбүлүкэ бары улуустарыгар түөрт тыһыынчаттан тахса ийэ үүнэр көлүөнэни иитиигэ араас бырайыактары, бырагыраамалары оҥороллор. «Арассыыйа ийэлэрэ» сүрүн бырайыагынан Саха сиригэр АЛРОСА өйөбүлүнэн олоххо киллэриллэр «Доруобай ийэ – доруобай оҕо» бырагыраамата буолла.
Доруобуйа харыстабылыгар – АЛРОСА өйүүр бырагыраамата
«Арассыыйа ийэлэрэ» Саха сиринээҕи отделениетын бэрэссэдээтэлэ Прасковья Борисова кэпсээбитинэн, үлэ үс сүрүн хайысханан (Хотугу сиргэ дьахталлар уонна оҕолор доруобуйаларын харыстааһын, иитии уонна үөрэхтээһин, ыччаты дьиэ кэргэн олоҕор уонна төрөппүт буоларга эппиэтинэскэ үөрэтии) барар.
– «Доруобай ийэ – доруобай оҕо» бырайыагы Саха сирин дьоно олус кэрэхсээтэ. Биһиги бырайыагы алмааһы хостуур «АЛРОСА» хампаанньа улахан өйөбүлүнэн уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин кытары олоххо киллэрэбит. АЛРОСА биһигини кытары 2017 сылтан ыла үлэлиир. Бырайыак чэрчитинэн өрөспүүбүлүкэбит ыраах сытар улуустарыгар сэдэх идэлээх быраастар тиийиилэрин тэрийэбит. Кинилэргэ идэлээх каадырдар тиийбэт буоланнар, мэдиссиинэ толору көмөтүн ылар кыахтара суох.
Ону таһынан, АЛРОСА өйөбүлүнэн биһиги Саха сиригэр Арассыыйа сүрүн исписэлиистэрин ыҥырар кыахтаахпыт. Кинилэр Саха сирин быраастарыгар маастар-кылаастары ыыталлар, эмтэнээччилэргэ сүбэ-ама биэрэллэр уонна эпэрээссийэлэри оҥороллор, – диэн Прасковья Петровна санаатын үллэһиннэ.
«Доруобай ийэ – доруобай оҕо» бырайыагы сүрүннэээччи Яна Никитина бэлиэтээбитинэн, эмчиттэр көһө сылдьан дьон доруобуйатын бэрэбиэркэлииллэрэ ыарыыны саҥа саҕаланан эрдэҕинэ буларга уонна эмтээһини кэмигэр саҕалыырга көмөлөһөр. Ол, биллэн турар, дьон доруобуйатын эрэ буолбакка, бүтүн олоҕу харыстыыр.
Быйыл бырайыак чэрчитинэн Мииринэй улууһун уонна биир хотугу улууһу хабар былаан баар. Атырдьах ыйыгар Хабаровскайтан оҕо кардиохирура кэлэрэ күүтүллэр.
«Онкология киинигэр сиһилии көрдөрүннүм»
Былырыын Кэбээйи улууһун Сэбээн Күөл сэлиэнньэтин олохтоохторо сэдэх идэлээх исписэлиистэргэ көрдөрүнэр кыахтаммыттара. Быраастар 300-тэн тахса киһи доруобуйатын кэтээн көрбүттэриттэн, 11 киһини Дьокуускайга салгыы көрдөрө ыыппыттара. Кинилэр ортолоругар быраас амбулаториятыгар үлэлиир тиис бырааһа Мария Алексеева баара.
– Гинеколог, кардиолог, онколог уонна УЗИ-бырааһа састааптаах биригээдэ биһиэхэ былырыын алтынньыга кэлбитэ. Бөһүөлэкпит ыраах сытар, айаннаан тиийэргэ ыарахаттардаах, онон эмчиттэр кэлэллэриттэн олохтоохтор олус үөрэллэр. Бары бырааска көрдөрүнэр баҕалаахтар. Тоҕо диэтэххэ, быраастар нэһилиэнньэ доруобуйатын эрэ көрбөттөр, доруобуйаҕа сыһыаннаах араас ыйытыыларга сүбэ-ама биэрэллэр. Холобур, кэрэ аҥаардар ийэ үүтүнэн эмтэрии туһатын, оҕону хайдах гынан чэгиэн туруктаах улаатыннарар туһунан олус элбэҕи билбиттэрэ.
Мин УЗИ-га түспүтүм кэннэ искэни булбуттара, ол иһин быраастар миигин Дьокуускайга эбии чинчийиигэ ыыппыттара. Биир ыйынан онкология өрөспүүбүлүкэтээҕи диспансерыгар кэлбитим. Манна биир ый устата араас чинчийиилэргэ сылдьыбытым, анаалыстары туттарбытым. Мин үөрүөм иһин, ыарахан диагноһы туруорбатахтара. Ол гынан баран, өссө атырдьах ыйыгар кэлиэхтээхпин, онно эпэрээссийэлэнэрбин эбэтэр атыннык эмтэнэрбин быһаарыахтаахтар, – диэн Мария Алексеева кэпсээтэ.
Кини Арктика олохтоохторугар олус наадалаах бырайыагы тэрийээччилэргэ махталын тириэрдэргэ көрдөстө. Сэбээн Күөл олохтоохторо бырайыакка үлэлэһэр быраастар быйыл эмиэ кэлэллэригэр олус баҕараллар.
Сүрүн исписэлиистэр уопуттарыгар тирэҕирэн
Былырыын Өрөспүүбүлүкэтээҕи 1 №-дээх балыыһаҕа-Михаил Николаев аатынан Мэдиссиинэ национальнай киинигэр «Арассыыйа ийэлэрэ» эрэгийиэннээҕи отделениетын өйөбүлүнэн саҥа төрөөбүт уонна кыра оҕолорго хирургияҕа маастар-кылаастар буолбуттара. СӨ Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин оҕоҕо штаты таһынан кылаабынай хирура Валентина Саввина иһитиннэрбитинэн, маастар-кылааһы ыытарга Москва доруобуйаҕа харыстабылын департаменын оҕо 13 нүөмэрдээх килииниичэскэй балыыһатын оҕо хирургиятыгар салаатын сүрүннүүр исписэлиистэрэ ыҥырыллыбыттара.
– Дойду сүрүннүүр хирурдара Перинатальнай киин баазатыгар оҕо күүтэр дьахталларга сүбэ-ама биэрбиттэрэ. Кинилэр оҕо күүтэр ийэлэр ыйытыыларыгар сиһилии хоруйдаабыттара уонна быраастарга туһалаах сүбэлэри-амалары биэрбиттэрэ.
Ону сэргэ Педиатрия киинин хирургияҕа уонна урологияҕа отделениеларыгар үлэлээбиттэрэ. Хирургияҕа эмтэнэ сылдьар, куртах-оһоҕос үлэтигэр кэһиллиилээх оҕолору ыҥырбыттара. Аноректальнай атрезиялаах оҕолор ыарыыларыгар оҕо хирурдарыгар уонна нейрохирурдарыгар киэҥ хабааннаах консилиум оҥоһуллубута, салгыы хайдах эмтиир туһунан быһаарбыттара.
Москва быраастара кэлэ сылдьар кэмнэригэр араас төрүү дьиэктээх, 2-6 ыйдаах үс оҕо эпэрээсийэлэммитэ. Биллэн турар, бу биһиэхэ тугунан да сыаналаммат уопут буолбута, – диэтэ Валентина Алексеевна.
«Доруобуйаны бэлэхтээбиттэригэр быраастарга махтанабыт!»
Лилия Кондакова оҕо күүтэр кэмигэр өссө күн сирин көрө да илик кырачаана бүөрүгэр кыһалҕалааҕын скрининг түмүгэ көрдөрбүтэ.
– Оҕо күүтэр кэммин чэпчэкитик аһарбытым, улахан ыарахаттары көрсүбэтэҕим. Ол эрээри, оҕом доруобуйата соччо үчүгэйэ суоҕун эппиттэригэр, биллэн турар, олус куттаммытым. Ол гынан баран, үтүө санаалаах быраастар эмтиэххэ сөбүн туһунан холкутук быһаарбыттара. Биһиги диагнозпыт «үһүс истиэпэннээх врожденнай гидронефроз», ол эбэтэр ыарахан истиэпэнэ этэ.
Кырачааным, көрдөххө, доруобай курдуга. Софрон диэн ааттаабыппыт. Кырдьыгынан эттэххэ, кырачааным ыарыылааҕын эрдэ сэрэппэтэхтэрэ буоллар, оҕом доруобуйатыгар кыһалҕалаах диэн толкуйдуом да суох этэ. Биһигини түөрт ыйбытыгар диэри Мэдиссиинэ национальнай киинигэр көрбүттэрэ. Ол гынан баран, аллергиялааҕын иһин, эпэрээссийэлээбэтэхтэрэ.
Оҕом алта ыйын туолбутун кэннэ эпэрээссийэҕэ ыҥырбыттара. Стент туруоруулаах лапароскопическай пиелопластиканы оҥорбуттара. Н.Ф.Филатов аатынан Оҕо балыыһатын саҥа төрөөбүт оҕолор отделениеларын сүрүннүүр неонатальнай хирура Марина Левитская эпэрээссийэлээбитэ.
Эпэрээссийэни икки чаас устата оҥорбуттара. Биһиги олус долгуйбуппут, ол эрэн, барыта үчүгэйдик ааспыта. Софронум эпэрээссийэ кэнниттэн биир ый бүөрүгэр стеннээх сылдьыбыта, онтон устубуттара.
Уолчааным билигин 9 ыйдаах. Үчүгэйдик аһыыр, үөрэр-көтөр. Мин өрөспүүбүлүкэ таһыгар барбакка эрэ мэдиссиинэ үрдүк таһымнаах көмөтүн ылбыппытыгар «Арассыыйа ийэлэрэ» уопсастыбаннай тэрилтэҕэ уонна «АЛРОСА» хампаанньаҕа махтаныахпын баҕарабын. «Доруобай ийэ – доруобай оҕо» бырайыак иһин махтал.
Бу дьоһуннаах бырайыак чэрчитинэн быраастар биригээдэлэрэ ханна да тиийбитин иһин, тыһыынчанан ахсааннаах махталы ылаллар. «АЛРОСА» хампаанньа өрөспүүбүлүкэ экэниэмикэтэ сайдарыгар улахан кылаатын киллэрэрин сэргэ, Саха сирин үүнэр көлүөнэтин туһугар улахан социальнай эппиэтинэһи сүгэр.
Анастасия МОСКВИТИНА суруйуутуттан тылбаас
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: