СҮБЭҺИТ: Хааны хайдах астыыбыт?
Идэһэ кэмэ саҕаланна, саха ыалыгар сибиэһэй эти сиир дьоро киэһэлэр үүннүлэр. Биһиги бүгүҥҥү сүбэбит хааны кутан буһарыыга, иһи астыырга ананар.
Хаан
Баччаларга дьиэ кэргэнинэн остуол тула олорон сып-сылаас хааны сиир оо, үчүгэй да буоллаҕа! Сорох эдэр хаһаайкалар ньаҕайа бэрт диэн дуу, эбэтэр наһаа уустук курдук санаан дуу, хааны астыы сатаабаттар. Дьиҥинэн, хааны оҥоруу сүрдээх судургу.
Идэһэ сүөһүтүн өлөрөөт, хаанын лаахтаах иһиккэ сүүрдэн ылылларын бары бэркэ билэҕит. Ол хааны булкуйуллубат, мээнэ хамсатыллыбат. Даҕатан эттэххэ, хааны икки көрүҥҥэ: субайга уонна хара хааҥҥа араарыллар.
Субайы сүрүннээн убаһа хаанынан бэлэмнииллэр эрээри ынах сүөһү да хаанынан оҥоруохха сөп. Сүүрдүллүбүт хааны сөрүүн сиргэ туруоран сөҥөрдөн баран (сороҕор хонноруллар) үрдүгэр тахсыбыт дьэҥкирин холбуйан, ол эбэтэр субайдаан ылыллар. Оттон хара хааны бэлэмнээһин судургу, хааны аҕыйах чаас туруора түһээт, сиидэлээн, убаҕаһын арааран ылыллар. Хааны кутуох иннинэ сөптөөх иһити-хомуоһу, баайарга суон сабы, кыракый мас үтэһэни бэлэмнэнэр.
Иһи ырытарга, ыраастыырга оһоҕостору олус күүскэ ньиккэйиллибэт, наһаа сылаас уунан сууйуллубат. Хааны кутарга анаан очоҕоһу 60-70 сантиметр усталаахтык быһыллар, тиэрэн, кичэйэн сууйуллар. Тэстибитин-тэстибэтэҕин бэрэбиэркэлэнэр.
Биэс ыстакаан субай хааҥҥа үс-түөрт ыстакаан үүтү кутуллар. Туустанар, бэйэ сөбүлүүрүнэн күөх луугу, биэрэһи эбиллэр. Итиэннэ оһоҕос улахан аҥарыгар диэри кутуллар. Оһоҕоһу аргыый ньиккэйэн, салгынын таһаарыллар уонна эрийэ тутан баран үтэһэнэн анньан туттарыллар. Хас да хос сабынан үстэ-хаста эрийэн баайыллар.
Көстүрүүлэҕэ туустаах ууну оргутуллар. Оргуйдаҕына, хааны угуллар. Уота олус күүстээх буолбата ордук. Иһит түгэҕэр сыстан хаалбатын курдук, хааны кэмиттэн кэмигэр хамсатан биэриллэр.
Хаан буспутун, буспатаҕын хайдах билиллэрий? Буспут хаан ыга туттахха, кытаанах буолар. Ону биилкэ төбөтүнэн тэһэ астахха, дьэҥкир симэһин тахсар. Ити аата — хаан буспут, бэлэм буолбут.
Хааны хотороот, баайыытын, үтэһэтин быһан быраҕыллар. Халбаһыы курдук төгүрүк быһыылаан кырбанар. Остуолга сылаастыы аҕалыллар.
Кутуллубут хааны кэлин сииргэ анаан салапааҥҥа уган тоҥоро ууруллар. Ону ириэрэн астыырга өйдөөҥ: тоҥон баран ирбит хаан сүрдээх кэбирэх, тэстимтиэ буолар. Онон, бастатан туран, сэрэнэн тутуллар. Иккиһинэн, саҥа сабынан чиҥэтэ баайан биэриллэр. Үсүһүнэн, хаана (субайа) уонна үүтэ тус-туспа буолбатын наадатыгар, сэрэнэн дьалкыҥнатан булкуйуллар.
Ис үөрэтэ
Үчүгэйдик сууйуллубут истэн сүүстүү грамм быысаһы, үөс тардары, сүрэҕи, бүөрү, харыҥы уонна быары кырбаан, холбуу булкуйуллар.
Уулаах көстүрүүлэҕэ быартан уратыны барытын кутан, сөбүн көрөн тустаан оһоххо ууруллар. Оргуйдаҕына, төбүрэҕин баһан ылыллар, икки чаас устата орто уокка буһарыллар.
Хортуоппуйу уонна быары кутан өссө 15 мүнүүтэ тэптэриллэр.
Ис үөрэтэ сэлиэйдэнэрэ ордук. Оргуйа турар күөстэн туспа кыра иһиккэ миин баһан сойутуллар. Итиэннэ бурдугу таммалата кутан ытыгынан ытыйан, сэлиэй оҥоруллар уонна күөскэ эбиллэр, эмиэ ытыгынан ытыйыллар. Кыратык тэптэрэ түһэн баран хоторуллар.
Харта — ас да ас!
Сылгы хартатын, харыҥын кытары холбоон сууйуллар, былчархайдарын ылан быраҕыллар. Туустаан, лууктаан, бытаан уокка биир чаас буһарыллар.
Симии харта
Уһун синньигэс уонна бытархай гына кырбанар. Оҕуруот аһын, хортуоппуйу гарнирдаан эбэтэр бэйэтин эрэ туспа бүлүүдэ быһыытынан сылаастыы да, сойбутун да кэннэ сиэнэр. Сылгы этигэр иһиттэн: сүрэҕиттэн, быарыттан, тыҥатыттан, хаһатыттан булкуйан эт эрийэринэн эрийиллэр эбэтэр бытархай гына кырбанар. Итиэннэ хартаҕа симэн, икки уһугун баайан, ууга уган биир чаас устата буһарыллар. Сылаастыы сииргэ бэртээхэй бүлүүдэ.
Хаһа барахсан!
Сылгы, убаһа сыатын сиир буоланнар, өбүгэлэрбит тоһуттар тымныыны тулуйан кэлбиттэрэ.
Убаһаны өлөрдөххө хаһатын анаан быһан ылан ыраастык тутан, туспа тоҥоруллар. Айахха угарга сөп, дьоҕус уонна чараас гына сытыы быһаҕынан кырбастанар. Былыр хаһаны арыы оннугар сииллэрэ.
Саха сылгытын этэ тотоойу аһылык эрэ буолбакка, эмтиир, киһи доруобуйатын чэбдигирдэр, бөҕөргөтөр, ону ааһан үйэтин уһатар улахан кыахтааҕын умнумаҥ!
Минньигэстик аһааҥ!
2016 сыллаах «Саха сирэ» хаһыат архыыбыттан.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: