АЛРОСА-ҕа үөрэнэр уонна сайдар кыах бэриллэр
Оскуоланы бүтэрээччилэргэ эппиэтинэстээх кэм кэллэ, инникитин үүнэр-сайдар суолларын таларга элбэх кыах бэриллэр. Өскөтүн оҕо тугунан дьарыктаныахтааҕын, ханнык үөрэххэ киириэхтээҕин уонна туох идэни талыахтааҕын оскуола эрдэҕиттэн билэр буоллаҕына, олус үчүгэй. Үлэлиэхтээх миэстэтин эрдэттэн, ол эбэтэр үөһээ кылаастарга үөрэнэ сылдьан билэрэ-көрөрө ордук туһалаах буолар. Оннук кыаҕы АЛРОСА алмаастаах хампаанньа биэрэр.
«Оҕолор идэни баһылыырга көхтөөх буолаллар»
Өссө 2016 сыллаахха Мииринэйдээҕи политиэхиньиичэскэй лиссиэй баазатыгар аһыллыбыт бастакы анал кылааска оҕолор идэҕэ уһуйуллар биридимиэттэри дириҥник үөрэтэллэрин сэргэ, хампаанньаны уонна наадалаах идэлэри билсэллэр.
— Бу — биһиги оҕолорбут өссө оскуолаҕа сылдьан инникитин ханна үлэлииллэрин, үлэ усулуобуйатын, төһө хамнас төлөнөрүн (эмиэ суолталаах) билэллэригэр кыах бэриллэр. Кылаас көмөтүнэн кинилэр үөрэхтэригэр эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһаллар, үрдүк түмүгү ыларга көҕүлээһин баар буолар.
АЛРОСА-кылааска сайдарга тоҕоостоох усулуобуйа тэриллибит. Хампаанньа физика икки кэбиниэтин толору хааччыйан, уруоктар өссө интэриэһинэйдик уонна умсулҕаннаахтык ааһаллар. Ону таһынан, нэдиэлэҕэ үстэ математикаҕа, физикаҕа, информатикаҕа уонна тиэхиньиичэскэй английскай тылга Арассыыйа бастыҥ преподавателларыгар онлайн-ньыманан дьарыктаналлар. Бу үөрэх босхо ыытылларын тоһоҕолоон этиэххэ наада.
Үөрэҕи сэргэ улахан болҕомто хампаанньаны кытта билсиигэ ууруллар. Оҥорон таһаарар сиргэ көрсүһүүлэр буолаллар уонна үлэһиттэр үөрүйэхтэрин үллэстэллэр. Кэм-кэрдии көрдөрөрүнэн, АЛРОСА-кылааһы бүтэрбиттэр БКЭ эксээмэннэрин үчүгэйдик туттараллар, баҕарар үрдүк үөрэх кыһаларыгар киирэллэр, — диэн Мииринэйдээҕи политиэхиньиичэскэй лиссиэй үөрэх чааһыгар дириэктэри солбуйааччы Елена Фаркова санаатын үллэһиннэ.
Анал кылааһы бүтэрбиттэр сорохторо хайыы үйэ үрдүк үөрэҕи бүтэрэн хампаанньаҕа үлэҕэ киирбиттэр. Холобур, кинилэртэн биирдэстэрэ «Авиакомпания АЛРОСА» АН‑38–100 салгын аалын иккис пилотунан үлэлиир.
«Эксээмэннэртэн куттаммат буоллум»
Наташа Халбазыкова АЛРОСА хампаанньаны кытары өссө ахсыс кылааска үөрэнэ сылдьан билсибитэ. Онно хампаанньа исписэлиистэрэ лиссиэйгэ кэлэн «Профиклаб» диэн олус кэрэхсэбиллээх тэрээһини ыыппыттара. Кинилэр алмааһы хостооһун, хампаанньа туһунан кэпсээбиттэрэ, оонньуу ньыматынан презентациялары оҥорорго үөрэппиттэрэ. Оҕолор хас да бырайыагы оҥоро охсон, ыалдьыттарга көмүскээбиттэрэ. Ити тэрээһин оҕолор өйдөрүгэр-санааларыгар өргө диэри иҥэн хаалбыта. Наташа билигин АЛРОСА-кылаас онус кылааһын бүтэрдэ.
— Тохсус кылаас кэнниттэн баҕалаах оҕолор АЛРОСА-кылааска киириэхтэрин сөп. Кырдьыгынан эттэххэ, туттарсыахпын куттанар этим. Дириҥник үөрэтиллэр бырагырааманы кыайыам суоҕа, бырагырааматтан хаалан БКЭ кыайан туттарыам суоҕа диэн салла саныырым. Ол гынан баран, аһара күүскэ баҕарар этим. Төрөппүттэрим боруобалаан көрөрбөр сүбэлээбиттэрэ. Тоҕо диэтэххэ, АЛРОСА-кылаас олус киэҥ уонна чопчу инникини торумнуур уратылаах. Мин билигин оччотооҕу быстах санаабар баһыйтарбакка, эксээмэннэри туттаран киирбиппиттэн олус үөрэбин.
— Сүрүнэ, БКЭ туттарартан куттаммат буоллум, — диэн Наташа күлэр. – Биһиги идэҕэ наадалаах биридимиэттэри: математиканы, физиканы, информатиканы дириҥник үөрэтэбит, ону таһынан, тиэхиньиичэскэй английскай тыла баар. Бу биридимиэттэргэ онлайн-факультеттарга дьарыктанабыт, Арассыыйа Топ‑100 киирэр преподавателлар – эспиэрдэр уонна БКЭ, ОГЭ уонна үөрэнээччилэр Бүтүн Арассыыйатааҕы олимпиадаларын сорудахтарын оҥорооччулар үөрэтэллэр. Бу сорудахтары оҥорор преподавателлартан билиини ылыы улахан
туһалаах. Уруок таһынааҕы олох эмиэ олус тэтимнээх. Оҕолор экскурсияларга сылдьаллар. Холобур, соторутааҕыта 3 №-дээх хайа-байытар фабрикаҕа сылдьан үлэ усулуобуйатын, урууданы байытар тэриллэри илэ харахтарынан көрдүлэр.
— Экскурсиялар мэлдьи кэрэхсэбиллээхтик ааһаллар. Холобур, отделлар салайааччылара күҥҥэ 20 тыһыынчаҕа тиийэ хардыыны оҥороллорун, ол иһин олус үчүгэй көрүҥнээхтэрин хантан билиэ этибитий? Мин ордук кинилэр эйгэлэрин сөбүлүүбүн. Манна бары биир дьиэ кэргэн курдук иллээхтэрэ-эйэлээхтэрэ тута көстөр. Мин бу дьиэ кэргэҥҥэ киириэхпин баҕарабын, — диэн Наташа кэтээн көрүүтүн үллэстэр.
Манна даҕатан эттэххэ, ханнык идэни таларын бүтэһиктээхтик быһаарына илик, ол эрэн, ханна үлэлии кэлэрин чопчу билэр. Киниэхэ естественнэй билим ордук чугас, онон эколог буоларга былааннанар. Бу эмиэ олус наадалаах хайысха: АЛРОСА экологияҕа куттал суох буолуутугар улахан болҕомтотун уурар, бэл, бэйэлэрэ Экология кииннээхтэр.
«Баҕа санаа буолбакка, чопчу былаан»
Тоһоҕолоон эттэххэ, стационарнай АЛРОСА-кылаас Мииринэйгэ эрэ баар. Манна алмаастаах кыраайга олорор эбэтэр атын сиртэн үөрэнэ кэлэр кыахтаах оҕолор киирэллэр. Хампаанньа салгыы айанныыр: 2020 сылтан арыйбыт онлайн АЛРОСА-кылаастарыгар өрөспүүбүлүкэ бары муннугуттан үөрэнэр кыахтаналлар. Усулуобуйалара тэҥнэр: үөрэххэ туттарсар боруобалааһыннары уонна тус кэпсэтиини (собеседованиены) ааһаҕын. Түмүгэ — идэҕэ уһуйар биридимиэттэри дириҥник үөрэтэҕин, стипендиат буолуу уонна хампаанньаҕа наадалаах идэлэргэ үлэҕэ киирии мэктиэлэнэр.
Никита Саввинов быйыл Ньурбатааҕы тиэхиньиичэскэй лиссиэйи бүтэрэр. Инникитин БКЭ-ҕэ математиканы, нуучча тылын уонна физиканы туттарыахтаах. Никита, атын биир саастыылаахтарыгар тэҥнээтэххэ, түмүк эксээмэннэртэн чаҕыйбат.
— Тохсус кылааһы бүтэрээри сылдьан кылааһым салайааччыта Сахая Юрьевна Чурустаеваттан АЛРОСА онлайн-кылааска сүүмэрдиирин туһунан истибитим. Мин тута маннык үчүгэй кыаҕы туһанарга быһаарыммытым, тоҕо диэтэххэ, АЛРОСА Саха сиригэр саамай бастыҥ хампаанньа буоларын оҕо эрдэхпиттэн билэрим. Эксээмэннэри туттарбытым, куратордары кытары тус кэпсэппитим. Кинилэр мин ким буолуохпун, ханнык үөрэххэ киирэргэ уонна анал кылааска тоҕо барарга быһаарыммыппын ыйыталаспыттара. Мин икки сыл устата математиканы, физиканы, тиэхиньиичэскэй английскай тылы дойду бастыҥ учууталларыгар дириҥник үөрэттим. Онлайн-уруоктарга тиэмэлэри ылан, сорудахтары толорбуппут, сорох сорудахтар институт таһымнаах этилэр, — диэн Никита кэпсиир.
Никита Мииринэйдээҕи политиэхиньиичэскэй институкка киирэр уонна энэргиэтик буолар баҕалаах. Бастакы куурустан хампаанньаттан истипиэндьийэ ылыахха уонна манна быраактыканы барыахха сөбүн туһунан кэпсиир.
— Онлайн АЛРОСА-кылааска үөрэнэн, бэйэбэр эрэллээх буоллум. Сүрүнэ – бу баҕа санаа эрэ буолбатах, булгуччу толоруллуохтаах чопчу былаан, — диир Никита.
Кырдьыга да, үчүгэйдик толкуйдаммыт былаанынан олох устун айанныыр хайҕаллаах. Өссө үлэни биэрээччилэр бастыҥ үстүрүмүөннэринэн туһаннахха, былаан чэпчэкитик туолуоҕа. Онон, эрдэттэн былааннаныҥ уонна олох устун хорсуннук айаннааҥ!
Өрөспүүбүлүкэ бары улууһун оҕолоро онлайн үөрэнэр кыахтаахтар. Билигин АЛРОСА-кылааһыгар Дьокуускай куораттан, Мииринэй, Нам, Ньурба, Бүлүү, Мэҥэ Хаҥалас улуустарыттан оҕолор онлайн үөрэнэллэр.
АЛРОСА-кылаастар тустарынан чахчылар
— БКЭ оҥорооччулары кытары ыраахтан үөрэнии ньымата.
— Физиканы, математиканы, информатиканы уонна тиэхиньиичэскэй английскай тылы дириҥник үөрэтии.
— Хампаанньа исписэлиистэрин кытары оҥорон таһаарыы үлэтин уонна идэ туһунан кэпсэтии.
— Оҥорон таһаарар сирдэргэ экскурсиялар (стационарнайдарга эрэ).
— Soft-компетенциялары сайыннарыы.
— Хампаанньа ТОП-салайааччыларын кытары көрсүһүү.
— Алмааһы кытта үлэ толору циклин үөрэтии.
— Бырайыактары оҥорор уонна олоххо киллэрэр, инженерия кейстэрин быһаарар кыах.
— АЛРОСА-кылааһы бүтэрбиттэргэ инженер идэтигэр киирэр уонна истипиэндьийэ туһунан дуогабар түһэрсэр кыах бэриллиитэ.
— Корпоративнай истипиэндьийэ.
— Төлөбүрдээх быраактыка.
— Быраактыкаҕа (үлэҕэ киирэргэ) барарга айан ороскуота төлөнөр
— Олорор сир бэриллэр.
— Үлэҕэ ылыы мэктиэлэнэр.
— Үрдүк үөрэх кыһатыгар «биэскэ» үөрэннэххэ, үрдүк корпоративнай истипиэндьийэ төлөнөр.
АЛРОСА-кылааска онлайн босхо үөрэнэргэ сайаапканы бэс ыйын 10 күнүгэр диэри бу сыылкаҕа эбэтэр АЛРОСА Корпоративнай университетын Molodezh@alrosa.ru электроннай почтатыгар ыытыллар.
АЛРОСА пресс-сулууспатын суруйуутуттан тылбаас
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: