АЛРОСА хотугу норуоттар култуураларын, тылларын үйэтитиигэ көмөлөһөр

АЛРОСА хотугу норуоттар култуураларын, тылларын үйэтитиигэ көмөлөһөр

18.10.2024, 16:00
Хаартыска: АЛРОСА пресс-сулууспата
Бөлөххө киир:

Саха сирин аҕыйах ахсааннаах төрүт олохтоох норуоттарын култуурата уонна үгэстэрэ — судаарыстыба уонна уопсастыба ураты болҕомтотун, эппиэтинэстээх сыһыанын ирдиир өрөспүүбүлүкэбит ураты баайа-дуола. Ону үйэтитиигэ Саха сирин бөдөҥ хампаанньалара эмиэ кытталлара кэрэхсэбиллээх. Холобур, “АЛРОСА” хампаанньа хотугу аҕыйах ахсааннаах төрүт олохтоох норуоттары өйүүр, сайыннарар көҕүлээһиннэргэ көхтөөхтүк кыттар буолбута балай эмэ буолла.

2023 сыллаахха АЛРОСА Саха сирин бырабыыталыстыбатын уонна өрөспүүбүлүкэ Хотугу аҕыйах ахсааннаах төрүт олохтоох норуоттарын ассоциацияларын кытары сөбүлэҥ түһэрсибитэ. Ол түмүгэр былырыын, биир сыл иһигэр аҕыс улахан суолталаах бырайыак олоххо киирдэ. Онтон сорох өттүн бүгүҥҥү матырыйаалбытыгар билиһиннэриэхпит.

Алмаас хампаанньата үбүлээн, “Памятники этнической культуры коренных малочисленных народов Севера, Сибири и Дальнего Востока Российской Федерации” диэн бэртээхэй сиэрийэ үс туома бэчээттэнэн таҕыста. Бу таһаарыылар тылы үөрэтэр учуонайдар, тылы чинчийээччилэр эрэ буолбакка, төрүт олохтоох омуктар култуураларын сэргиир, сэҥээрэр дьоҥҥо барыларыгар кэрэхсэбиллээх буолуохтара. Бу үлэлэр омук тыллара бэйэ-бэйэлэригэр сабыдыалларын, хайдах дьайсалларын уонна чуолаан, тыллар сүтэр, симэлийэр усулуобуйаларыгар сайдарын дириҥник өйдүүргэ көмөлөһөллөр.

Степанида Саввинова “Якутские лексические заимствования в эвенском языке” туомугар эбээн тылыгар киирбит сахалыы тыллар эбээн тылын нуорматыгар сөп түбэһэн, хайдах быһыылаахтык уларыйалларын, ол уратытын суруйбута тыл үөрэхтээхтэрин, этнографтары уонна устуоруктары биллэ сэҥээрдиэ. Маннык ырытыы урукку өттүгэр суоҕун бэлиэтиэххэ наада.

И. И. Садовникова “Лексика растительного мира в эвенском языке” диэн монографиятыгар олус интэриэһинэй чинчийиини ыыппыта көстөр. Кини үүнээйи уонна үүнээйи чаастарын эбээннии ааттарыгар олоҕуран, эбээннии тыл баайын (лиэксикэтин) билим өттүттэн дириҥник ырыппыт.

Александр Варламов бэлэмнээбит “Словарь фразеологизмов эвенкийского языка” тылдьытыгар эбэҥки тылыгар баар 300 фразеология ситимэ (сомоҕо домох, сомоҕо тыл, бэргэн этии) киирбит. Хас биирдиилэригэр быһаарыы, кэмэнтээрий суруллубут, сомоҕо домох хас биирдии тылын морфологическай ырытыыта оҥоһуллубут. Ити тыллар фольклорга, литэрэтиирэҕэ уонна эбэҥкилэр араас дьоҕус бөлөхтөрө саҥарар саҥаларыгар туттуллар холобурдара бэриллибит.

Бу иннинэ эбэҥки сомоҕо домохторун тылдьыта диэн букатын суоҕа. Эмиэ аан бастакы тахсыыта.

Судаарыстыба уонна уопсастыба күүһүн түмэн

— Александр Николаевич, хотугу, аҕыйах ахсааннаах төрүт омуктар култуураларын, тылларын уонна үгэстэрин үйэтитии — бүгүҥҥү күн биир сытыытык турар боппуруоһа. Балаһыанньаны уларытар кыах баар дуу?

— Үтүө өттүгэр уларытар туһугар судаарыстыба уонна уопсастыба күүстэрин түмэн, кэлимник, киэҥник хабан, бииргэ үлэлэһиэхтэрин наада. Онуоха, бастатан туран, норуот бэйэтин ортотугар төрөөбүт тылын статуһун үрдэтиэхтээх. Ону ситиһии уустуга суоҕун аныгы кэм эбэҥкилэрин холобуругар көрөбүт. Ол гынан баран, бу уустук үлэҕэ аҥаардас уопсастыбаннас көҕүлээһинэ эрэ баара, биллэн турар, тутах. Күн бүгүн педагогика дьиҥ таһымнаах каадырын бэлэмнээн таһаарыы хаачыстыбата ситэтэ суох. Холобур, үрдүк үөрэх кыһатын бүтэрээччи оскуолаҕа үлэлии кэлэригэр педагог быһыытынан эрэ бэлэмнээх буолбакка, тылы, муҥ саатар сүнньүнэн баһылаабыт буолуохтаах. ССРС саҕаттан үгүс тыллары орто оскуолаҕа үөрэтэргэ сөптөөх босуобуйа кэмпилиэгэ оҥоһуллубата. Оскуолаҕа киирэ илик оҕолор тэрилтэлэригэр төрөөбүт тылы үөрэтии букатын да суоҕун тэҥэ. Оттон оскуолаҕа биир нэдиэлэ устата баара-суоҕа, ону да баар сиригэр, 2–3 эрэ чаас бэриллэр. Тылы үөрэтии уонна прикладной ырытыы аныгы ньымата уопсастыбанньыктар күүстэринэн эрэ ыытыллар. Көс олохтоох дьиэ кэргэн уонна аҕа уустар оҕолорун ыраахтан олорон үөрэтии уопута киирэ илик. Дьиҥинэн, итинник инновациялаах ньыманы туһаныы табаһыттар тыллара көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн иһиитин хааччыйыахтааҕа. Ити курдук, салгыы да этэ туруохха сөп. Ол гынан баран, сүрүнэ — бу үөһээ этилибит барыта судаарыстыба өйөбүлүнэн, уопсастыба тиһиктээх үлэтинэн-хамнаһынан ситиһиллиэхтээх.

— “Словарь фразеологизмов эвенкийского языка” тылдьыты оҥоруу, бэчээккэ таһаарыы үлэтэ хайдах этэй?

— Биһиги эбэҥки тылыгар тыллары уонна тыл ситимин туһаныы ураты ускуустубатын көрдөрөр соруктаах этибит. Сомоҕо домохторго омук менталитета, олоҕу көрүүтэ, анаарыыта, устуоруйатын уонна этнографическай үгэстэрин уратыта дьэҥкэтик көстөр. Чинчийэр үлэ кэмигэр биһиги эрдэ тахсыбыт тылдьыттар матырыйаалларын, тылынан уус-уран айымньыларга уонна литэрэтиирэҕэ туттуллууларын көрбүппүт. Билиҥҥэ диэри төрөөбүт тылларын баайын уонна култуураларын илдьэ сылдьааччылартан ыйыталаспыппыт. Түмүгэр, сомоҕо домохтор, сомоҕо тыллар, бэргэн этиилэр холобурдарыгар олоҕуран, эбэҥки норуотун төрөөбүт тылын ускуустубатын толору көрдөрөрү ситистибит.

Аныгы кэм учуонайа билимҥэ үлэлэрин бэчээттэтэригэр үбүлээһинин бэйэтэ көрдүүргэ күһэллэр эбэтэр бэйэтин үбүнэн таһаартарар. Маннык түгэҥҥэ кинигэ тахсарыгар өйөбүл үп көрүллүүтэ, биллэн турар, олус суолталаах. Туһата улахан. АЛРОСА билим үлэлэрин “Памятники этнической культуры коренных малочисленных народов Севера, Сибири и Дальнего Востока” диэн кэрэхсэбиллээх сиэрийэҕэ таһаарары үбүлүүр. Онон хампаанньаҕа махталбыт улахан.

Төрөөбүт тылын кэрэхсиир ыччат элбиир

— Эн санааҕар, билиҥҥи ыччат төрөөбүт тылын үөрэтэргэ интэриэстээх дуо?

— Биһиги норуоппут ыччата төрөөбүт тылын үөрэтэр интэриэстээх, ону ааһан, интэриэһэ улаатан иһэрин бэлиэтиэм этэ. Эбэҥки тылын илдьэ сылдьааччы элбэҕэ суох, ол эрээри, кэнники 10–12 сылга эбиллии баара көстөр. Бу үтүө уларыйыы төрөөбүт тылын билэр, үөрэтэр, ол иһигэр бэйэтэ анаан-минээн үөрэтэн билбит ыччат суотугар тахсар, — диэн Александр Николаевич тус көрүүтүн үллэстэр.

Алмаас хампаанньатын быһаччы өйөбүлүнэн ситиһиллибит өссө биир суолталаах түмүк — дьүкээгирдэр саҥаларын устан уурар аудиови зуальнай пуонда төрүттэниитэ. Бу пуонда сүтэн-симэлийэн

эрэр тыллары аҥаардас үйэтитэргэ, биллэрэргэ эрэ буолбакка, тыллар сөпкө саҥарыллыыларын уонна иһиллиилэрин, дорҕооннорун уратыларын хайдах баарынан истэргэ, ону кэлэр көлүөнэҕэ тиэрдэргэ көмөлөһөрө кэрэхсэбиллээх. Онон, чахчыта да, суолтата улахан.

Хомойуох иһин, дьүкээгир тыла — одуллуу (ойуур дьүкээгирдэрин тыла) уонна вадуллуу (туундараҕа олохтоох дьүкээгирдэр) тыллар — букатын эстэр-быстар турукка киирэ сылдьаллар. Күн бүгүн одул тылын 5 эрэ киһи илдьэ сылдьар, оттон вадуллуу 20‑чэ киһи саҥарар, ону да, сүрүннээн, сааһырбыт дьон. Лиэксикэни уонна грамматиканы билим үлэлэриттэн уонна тылдьыттартан көрөн, син чөлүгэр түһэриэххэ сөп эбит буоллаҕына, кыраапыка төрүтүгэр эрэ олоҕуран, тыллары сөпкө саҥарыы кыаллыбат. Аудио-устуу саҥарар уорганнар хайдах үлэлииллэрин толору көрдөрбөт, баара эрэ дорҕооннор дьүөрэлэһиилэрин уратытын бэлиэтиир.

Быйыл учуонайдар аан бастакытын магнитнай-резонанснай томография (МРТ) көмөтүнэн дьүкээгирдии саҥа артикуляциятын үйэтитэн хааллардылар. Маннык ньыманы туһаныы кэнэҕэһин ыытыллыахтаах үлэҕэ сыаналаах иһитиннэриини биэрэр. Артикуляцияны арааһыттан үйэтитэр гына, уопсайа 14 тыһ. тахса хаартысканы түһэртэрбиттэр. Мантан салгыы ити матырыйааллары анаалыстыырга, ааҕарга (расшифровка) уһун кэмнээх, уустук үлэ күүтэр.

— АЛРОСА хампаанньа үбүнэн көмөлөһөн, дьүкээгир одуллуу уонна вадуллуу тылларын саҥарарга артикуляция уларыйыытын Новосибирскайдааҕы Академ-куоракка уһултарбыттар. Бу маннык үлэ ыытыллыыта кэнэҕэһин, тыл букатын сүтэр-симэлийэр хобдох түгэнигэр да, тыллары сөргүтэр кыаҕы биэрэр, — диэн этэр СӨ Хотугу аҕыйах ахсааннаах төрүт олохтоох норуоттар ассоциацияларын вице-бэрэсидьиэнэ, Арктиканы чинчийии киинин билимҥэ үлэһитэ Вячеслав Шадрин.

Аудиовизуальнай пуонданы төрүттүүр бырайыакка Өлүөхүмэ эбэҥкилэрин тыла эмиэ киирбит. Учуонайдар тыл матырыйаалларын, ол иһигэр Өлүөхүмэ оройуонугар олохтоох Тээнэ эбэҥкилэриттэн истибит фольклор уонна күннээҕи олоххо-дьаһахха туттуллар кэпсэтии тылларын, түмэн, саас-сааһынан, систиэмэлээн, араартаабыттар. Ол кэнниттэн мунньубут матырыйаалларын камеральнай усулуобуйаҕа ситэрэн-хоторон биэрбиттэр.

Андрей ШИЛОВ суруйуутуттан тылбаас

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
15 декабря
  • -32°C
  • Ощущается: -32°Влажность: 68% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: