Алтайга бэйдиэ сылдьар ыттары утутуохтара
Алтай өрөспүүбүлүкэтин Эл Курултай диэн сүбэ мунньаҕа ахсынньы 19 күнүгэр бэйдиэ сылдьар ыттары утутар туһунан сокуону ылыммыт.
Сокуон бырайыагын бэтэринээрийэ кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Айдар Тодошев үөрүнэн сылдьар бэйдиэ ыттар дьоҥҥо-сэргэҕэ, дьиэ кыылыгар кутталынан суоһуулларын туһунан дьокутааттарга быһаарбыт.Ол курдук, кини киллэрбит докумуонун дааннайдарыгар сурулларынан, бу сылга бэйдиэ сылдьар ыттартан эмсэҕэлээбит 273 киһи сайабылыанньатын көрдөрбүт. Кыһалҕаны быһаарарга түөрт приют тутуллуохтаах, кэмитиэт бэрэссэдээтэлин сыаналааһынан, бу 480 мөл.солк. ону таһынан иитэргэ, көрөргө-харайарга 20 мөл.солк.сыл ахсын ороскуоттанар. Бу ороскуоту өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтэ уйунар кыаҕа суох. Онон сокуон бырайыагын ылынан, хаһаайына суох ыттары утутар буолуохтара. Бу кыһалҕа биһиэхэ, Саха сиригэр, эмиэ сытыытык турар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: