Алтынньы – Хотой Айыы ыйа
Хотой Айыы олорор дойдута – Төрдүс халлаан. Бу халлаан сып-сырдык алгыска көтөҕүллүбүт. Хотой Айыы «түрбүү кынаттаах, мултугур бүлгүннээх, хомполлубут быһыылаах, дьондоллубут сотолоох. Кини көтөр буолан көстөр дьүһүнэ итинник. Оттон киһилии киэптэннэҕинэ – суо-хаан сэбэрэлээх, дьиппиэн хааннаах эр киһи.
Хотой былаастаах, тэрээһиннээх буолууну көрдөрөр. Айыылар холбоһон түмүллүбүт күүстэрэ Хотой Айыынан тахсар. Кинилэр Орто дойдуга саха дьонун санаата хайдах түмүллэрин көрө-истэ олороллор диэн өйдүүллэрэ төрүттэрбит. Хотой күүһү, былааһы бэлиэтиир. Кини дьону түмэр, сомоҕолуур, тэрийэр суолталаах. Оттон саха дьонугар түмсүү төрүтэ – көмүскэс, аһыныгас буолуу, бэйэ-бэйэҕэ көмөлөһүү.
Күн-дьыл билгэтэ
Ый устата 17 – 20 мм сөҥүү түһэр. Температура – 5, — 15 кыраадыс. Сороҕор хаара суох дьогдьоот күһүн буолар. Хаар алтынньы ортотугар түстэҕинэ ууллубат. Куобах маҥхайар.
1 – туруйа соҕуруу көттөҕүнэ, алтынньы 14-гэр диэри тымныы түһэр, оттон ити күн көппөтөҕүнэ, сэтинньи 2-гэр диэри тымныы түһүө суоҕа.
7 – күн ат хаамыытынан кылгыыр.
8 – хаар түстэҕинэ, сэтинньи 21-гэр өрүһү таһаҕастаах атынан туорууллар. Хаппыыста тууһууллар.
17 – кыһын саҕаланар.
18 – муус аннынан муҥхалааһын саҕаланар. Күөл тааҥныыр.
23 – ый туолуута.
rgtaatta.ru саайтан.
СИА хаартыската.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: