Алтынньыга Арассыыйа 2 мөл. олохтооҕун хамнаһа үрдүөҕэ
11.09.2024, 08:00
Хаартыска: СИА.
Бөлөххө киир:
Бу сыл алтынньытыгар Арассыыйа 2 мөл. олохтооҕун хамнаһа индексацияланыаҕа. Бу уларыйыыны 2022 сыллаахха 2023-25 сылларга федеральнай бүддьүөт туһунан сокуоҥҥа былааннаабыттара. Хамнас үрдүүрүгэр барыта 359 мөл.солк. көрүллүбүт диэн РИА Новости саайт суруйар.
Манна сурулларынан, Арассыыйа федеральнай бүддьүөт тэрилтэлэрин үлэһиттэрин хамнаһа алтынньы 1 күнүттэн 5,1% үрдүүр. Ол эбэтэр, хамнас индексациятыгар үрдүк үөрэх кыһаларын, оскуола, мэдиссиинэ, наука үлэһиттэрэ, судаарыстыбаннай сулууспалаахтар уонна байыаннай чаастар гражданскай персоналлара хапсаллар.
Бу индексация үлэһиттэри инфляцияттан көмүскүүр туһуттан оҥоһуллар.
+1
12
+1
2
+1
+1
+1
1
+1
1
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: