Салгыы
Амарах санаалаах эмчиттэр көмөлөрө умнуллубат

Амарах санаалаах эмчиттэр көмөлөрө умнуллубат

21.01.2023, 16:00
Бөлөххө киир:

Роман Софронов Саха судаарыстыбаннай университетын мэдиссиинэҕэ факультетыгар үөрэнэ сылдьан, үс сыл Өрөспүүбүлүкэтээҕи 2 №-дээх балыыһа (урут Областной диэн ааттанара) нейрососудистай отделениетыгар медбрат үлэтигэр сылдьыбыта.

Роман Степанович Софронов – Нам улууһун Оройуоннааҕы киин балыыһатын психиатр-бырааһа, Арассыыйа Бочуоттаах бырааһа, Арассыыйа доруобуйаҕа харыстабылын, СӨ доруобу­йаҕа харыстабылын туйгуна, Арассыыйа Бочуоттаах дуонара, Нам улууһун, Хамаҕатта нэһилиэгин Ытык киһитэ.

Нейрососудистай отделение сэбиэдиссэйэ, ССРС норуо­дунай бырааһа, майгылаах бастыҥа, үлэһит үтүөтэ Лидия Семеновна Бабенко эдэр киһини элбэххэ үөрэппитигэр олус махтанар. Лидия Семеновна Иван Софроновы бэйэтин отделениетыгар үлэлии хааллара сатаабыта.
Ону таһынан, оччолорго ординатор Земфира Макаровна Кузьмина курдук ыарыһахтар убаастабылларын, махталларын ылбыт улахан бырааһы уонна ураты дьоҕурдаах исписэлиистэри кытары үлэлээн, психиатр-быраас буоларыгар олук уурбуттарыгар күн бүгүҥҥэ диэри махтанар.
Роман Софронов 48 сыл быраа­һынан үлэлээбит ыс­­таастаах. Ол иһигэр, Нам улууһун сэлиэн­ньэлэригэр Түбэҕэ, Намҥа биэлсэрдээн, доруобуйа харыстабылыгар үлэлээбит ыстааһа 54 сылга тэҥнэһэр.
2-с Хомустаахха 9 сыл быраа­һынан, 14 сыл Таатта улууһун Оройуоннааҕы киин балыыһатыгар невролог, психиатр-нарколог бырааһынан үлэлээбитэ. Манна баттык санааттан-онооттон босхолонуу (психоэмоциональнай разгрузка) уонна гипноһунан эмтээһин кэбиниэтин аһан үлэлэппитэ. Москваҕа психотерапевт идэтигэр эбии үөрэммитэ.

Хомустаахтан уопут ылан

“Үөрэхпин бүтэрээт да, хаайтарыылаах айаннаах, өрүс уҥуор сытар 2-с Хомустаах балыыһатыгар бырааһынан анаммытым. Уопута суох этим. Саҥа үөрэҕин бүтэрбит акушер Иван Николаевич Канаев, уопуттаах биэлсэр Пик Николаевич Ширяев уонна ыстаарсай мэдиссиинискэй сиэстэрэ Анна Спиридоновна Слепцова сүбэлээн-амалаан, үлэ ыарахаттарын тулуйарга, бэйэ сатабылынан ону туоратарга, олох мындырдарыгар үөрэппиттэрэ.
Балыыһабытыгар 6 ый­­даах оҕолору ийэлэрэ суох ыларбыт. Онон, балыыһабыт саҥа хаамар, сыылла сатыыр кырачааннарынан толору буолара. Барахсаттар улаханнык аймаммат, укуол эрэ ылалларыгар ытаһар этилэр. Кинилэри көрүү, аһатыы, таҥыннарыы, бүөбэйдээһин үлэлэрэ мэдиссиинискэй сиэстэрэҕэ уонна санитаркаҕа сүктэриллэрэ. Ийэ буолуохтаах дьахталлары бэйэбит төрөтөрбүт. Улуус киинэ Намы кытары араассыйанан эрэ сибээстэһэрбит. Онтубут да сүгүн-саҕын үлэлээбэккэ моһуоктуура, араас быһылаан элбэх этэ. Иван Николаевич миигин биир нэдиэлэҕэ Намҥа ыытан, хаан кутарга үөрэттэрбитэ, бэйэтэ эмп аҕалбыта”, – диэн Роман Степанович аан бастаан ананан кэлбит сиригэр үлэтин истиҥник ахтар.

Гепатиты кыайыы

“2-с Хомустаахха хаайтарыы кэмэ этэ. Арай, нэһилиэк оҕото барыта саһарар ыарыынан ыарый­да, балыыһабыт туолан, оҕо саадын дьиэтин иккис балыыһа оҥорон эмтээбиппит. Өлүү болдьохтоох диэбиккэ дылы, эмпит-томпут бүтэн хаалбыта. Сопхуостан массыына көрдөһөн, тыраахтар соһон, Суоттуга, онтон Бороҕоҥҥо тиийбиппит. Уус Алдан улууһун Оройуоннааҕы киин балыыһатын кылаабынай бырааһа эдэрчи, эйэҕэс-сайаҕас майгылаах киһи этэ. Киниэхэ тиийэн: “Оҕолорго гепатит тарҕанна, эмим бүттэ, олус ыксаан кэллим”, – диэбитим. Онуоха эдэркээн кылаабынай: “Көмөлөһүөм, аптыакаҕа ирдэбил сурукта суруй”, – диэбитэ. Онон, мин көрдөспүт эмтэрбиттэн ураты дьааһыгынан сис­тиэмэ эмин, ханна да суох элбэх эмтэри биэрэн, улаханнык абыраан турар. Онон, оҕолорго сис­тиэмэ биэрэн, ыалдьыбыт оҕолор туох да содула, сыыстарыыта суох үтүөрэн, ыарахан кэми этэҥҥэ аһарбыппыт”, – ханнык да ыарахан кэмҥэ амарах санаа­лаах дьон баалларын, үтүөнү оҥоруу хаһан да умнуллубатын туһунан этэр.

Глаукоманы аҕыйатыы

“Нэһилиэк кырдьаҕастара үксэ харахтарынан көрбөттөр, глаукома мэлиппит. Иван Канаевтыын сүбэлэһэн, ыарыыны сэрэтэр үлэни ыытарга быһаа­рыммыппыт. Санитарнай бүллэтиэннэри таһаарарбыт, кулуупка, бырааһынньыктарга сөп түбэһиннэрэн лиэксийэлэри ааҕарбыт. Ыаллары кэрийэн төһө ыраас­тык олороллорун көрөрбүт. Кырдьаҕастарга 100 % тономет­рия оҥорбуппут, а.э. бырааска кэлбит кырдьаҕас бастаан тонометрияны барара. Сааһырбыт киһи сылга үстэ тонометрия барыахтаах. Дьэ, бу үлэбит түмүгэр глаукоманы эрдэ булан, көрбөт буолууну биллэ аччаппыппыт. Эмиэ Намҥа анаан-минээн киирэн, биир нэдиэлэ тономет­рияҕа, глаукоманы эмтииргэ үөрэммитим”, – диэн тыа сирин бырааһа түбүктээх үлэтин сэргэ, эбии үөрэнэ, сайда-үүнэ эрэ сырыттаҕына, хаачыстыбалаах көмө оҥоһулларын туһунан этэр.

* * *

Олох биир сиргэ турбат. Мэдиссиинэҕэ саҥалыы көрүүлэр, уларыйыылар тиһигин быспакка киирэ тураллар. Онуоха эмчит идэлээх киһи уопутуран, бэйэтин дьоҕурун таба тайанан, бииртэн биир идэҕэ эбии үөрэнэр.
Роман Степанович саха эмчиттэрэ Зоя Дурановаҕа, Гурий Иванович Турантаевка үөрэнэн, сахалыы эмтээһин ньымаларын баһылаабыта. Роман Степанович “Массаас диэн имэрийии буол­батах, киһини көтөҕөн, сахсы­йан, ууннаран, сүһүөхтэригэр үлэлиигин”, – диэн мас­саас уратытын туһунан этэр. Ону таһынан хааннаан, түөннээн, ин­­нэлээн, гипнозтаан утутан, сахалыы эмтээһин ньымаларын туһанан дьону эмтээн махталларын ылбыта.
“Дойдуга 90-с сыллар дьалхааннаах кэмнэрэ саҕаламмыта: хамнас кэлбэт, бородуукта атыыламмат, ыһыллыы-тоҕуллуу, дьон муунтуйар-мунар кэмнэрэ этилэр. Нэһилиэнньэ олус аймаммыта. Ити кэмҥэ Таатта Оройуоннааҕы киин балыыһатыгар аһан үлэлэппит гипноз кэбиниэппит ыксаабыт дьоҥҥо сөптөөх көмөнү оҥорбута дии саныыбын”, – диэн Роман Степанович оччотооҕу кэмнэри ахтан-санаан ааһар.


Роман Софронов 1997 сылтан Нам улууһугар неврологынан, онтон билигин психиатрынан үлэлиир. Үтүөкэннээх быраас үлэтиттэн быыс булан, бальнай үҥкүүнэн 17 сыл дьарыктанан, өрөспүүбүлүкэ турнирдарыгар Нам улууһун чиэһин көмүскүүр.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
28 декабря
  • -42°C
  • Ощущается: -42°Влажность: 66% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: